Улуустан элбэх буолан кэлэн харахтарын эпэрээссийэлэтэллэр

Share

Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһата улуустартан кэлбит ыарыһахтар  катаракталарын суһаллык эмтиир. Улуустан кэлбит дьон биир күн иһигэр тустаах көмөнү ылаллар. Онуоха өссө табыгастаах буоларын туһугар эпэрээссийэ кэнниттэн сарсыныгар Дьокуускайтан баралларыгар босхо айанныыллара хааччыллар.

Чуолаан, бу нэдиэлэҕэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун 29 олохтооҕо балыыһаҕа киирэн хараҕын эпэрээссийэлэттэ. Онтон тохсунньу 26 күнүгэр, нэдиэлэ саҥатыгар атын бөлөх кэлэрин күүтэллэр. Эпэрээссийэҕэ кэлээччилэри улуустааҕы киин балыыһа бэлэмниир. Онтон айан боппуруоһугар улуус дьаһалтата көмөлөһөн, массыына биэрэр.

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Уһун уонна көхтөөх олох” национальнай бырайыак чэрчитинэн,  эмтэнээччилэр туһааннаах көмөнү кылгас кэм иһигэр ылаллар.

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Орто Халыма талба талааннааҕа Айсура дьоро киэһэтэ

Быйыл 140 сылын туолар В.Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр ааҕар дьиэҕэ  "Айар кут" хоһоонньуттарын уонна…

47 секунд ago
  • Быһылаан
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Муусуканы улаханнык холбоон…

Дьокуускайга 4 №-дээх полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар эр киһи подъезка киниэхэ ыала саба түспүтүн туһунан…

21 минута ago
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Кыыс оҕо, дьахтар харысхалын туомнарыттан

Саха ыалын сиэрэ-туома. Кыыс оҕо, дьахтар харысхалын туомнарыттан салгыы таһаарабыт. Маны көрүҥ. Таһырдьа оонньуу сылдьан,…

36 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сирэ хоруупсуйаны утары үлэтинэн

Саха сирэ Арассыыйа эрэгийиэннэрин ортолоругар хоруупсуйаны утары охсуһууга үлэтинэн рейтиҥҥэ 7 -с миэстэҕэ сылдьар. Бэлитиичэскэй…

51 минута ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыас суоппар дастабырыанньатын ылла

Бу күннэргэ бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрэ Захар Слепцов суоппар дастабырыанньатын ылла. 2022 сыллаахха күһүн Захар мобилизациянан сулууспаҕа…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Техникум устудьуоннара кус үргээтилэр

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум үлэһиттэрэ уонна устудьуоннара байыаннай дьайыыга сылдьар уонна госпиталларга сытар уолаттарга…

2 часа ago