Улуустар дьаһалталарыгар — уйулҕаһыттар сэминээрдэрэ

Share

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин олохтоох дьаһалталарын үлэһиттэригэр уйулҕаһыттар анал үөрэх сэминээрдэрин ыыттыллар.

Улууска сотору кэминэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Уйулҕаһыттар кииннэрин филиала аһыллыаҕа. Бу туһунан ахсынньы 6 күнүгэр ыытыллыбыт брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Уйулҕаһыттар кииннэрин дириэктэрэ Владимир Скрябин иһитиннэрдэ. «Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин кытта үлэлиир уопуттаах уйулҕаһыт, киини төрүттээччи, дириэктэри психологическай үлэҕэ солбуйааччы Октябрина Туприна анал эпэрээссийэни кытта сибээстээн, араас үөскээн тахсар социальнай кыһалҕалары уонна иирсээн төрүөтүн быһаарыы ньымаларын кэпсээтэ. Социальнай хайысхалаах  үлэлээх муниципальнай үлэһиттэри кытта маннык сэминээрдэр кэмиттэн кэмигэр тиһигин быспакка ыытыллыахтара», — диэн бэлиэтээтэ Владимир Скрябин. Байыаннай сулууспалаахтар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин көрдөһүүлэринэн психологическай өттүнэн өйөөһүҥҥэ нэдиэлэ устата өрөспүүбүлүкэҕэ уонна госпиталларга 320 уйулҕаһыттар өйөбүллэрэ оҥоһулунна, 430-ча биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн психологическай үлэ ыытылынна. Көмөҕө уонна уйулҕаһыттар өйөбүллэригэр  наадыйааччылар маннык нүөмэрдэргэ эрийиэхтэрин сөп: : 8-800-100-35-50 эбэтэр 122, онтон 6 уонна 28 (суукканы эргиччи үлэлиир) уонна (4112) 31-91-09 — үлэ кэмигэр. Бу нүөмэртэн  улуустарга баар салаалар нүөмэрдэрин эмиэ билиэххэ сөп.

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр оҥоһуллар уйулҕаһыттар үлэлэрэ Ил Дархан Айсен Николаев аатыттан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина тус бэйэтэ сүрүннүүр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

27 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

56 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

1 час ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ БКЭ туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын Госдуумаҕа киллэрдилэр

Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Амма улууһун Михайловкатыгар Норуот айымньытын дьиэтэ аһылынна

Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…

13 часов ago