Улуустар гимнэрин хомуурунньуга сүрэхтэннэ

Улуустар гимнэрин хомуурунньуга сүрэхтэннэ

27.04.2024, 12:10
"Арассыыйа -- мин устуоруйам" паарка пресс-сулууспатыттан.
Бөлөххө киир:

Саха сиригэр улуустар гимнэрин хомуурунньуга сүрэхтэннэ. Ырыанньыкка ырыа ааптардарын, ырыа айааччыларын уонна композитордарын олохторун ыйан туран уопсайа 30 гимн киирдэ.

Ол курдук, Хаҥалас оройуонун дэлэгээссийэтэ «Гимны районов республики Саха (Якутия) » диэн бастакы хомуурунньугу Дьокуускайга сүрэхтээтэ. Манна нуоталардаах 30 оройуон гимнэ киирдэ. Хомуурунньук сүрэхтэниитэ муус устар 26 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ күнүн көрсө «Арассыыйа -мин устуоруйам» пааркаҕа буолла.

Хомуурунньук сүрүн уратытынан QR-куодтар киириилэрэ буолла. Балар нөҥүө гимнэр аудиолорын истиэххэ сөп.  Хомуурунньук тахсыытыгар сүрүн көҕүлээччинэн Хаҥалас улууһун норуот уус-уран айымньытын «Арчы дьиэтин» дириэктэрэ Лидия Харитонова буолбут.

— Мин өрөспүүбүлүкэбит улуу үлэлэрин үйэтитиэхпин баҕарбытым. Бу үлэлэр үйэ саас тухары саха дьонугар сыанабылга сылдьыахтарын, хас биирдии саха киһитэ өрөспүүбүлүкэбит устуоруйатын, култууратын ытыктыырын туһугар туһуламмыта. Баҕа санаам кинигэ тахсан дьэ туоллла, аны инникитин Саха сирин кэрэтин хоһуйар ырыалардаах ырыанньыгы таһаартарыахпын баҕарабын, — диэн Лидия Харитонова санаатын үллэһиннэ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: