Салгыы
Улуустар муҥхаларын балыгыттан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыыттылар

Улуустар муҥхаларын балыгыттан байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыыттылар

Ааптар:
05.11.2024, 16:21
Мария Васильева хаартыската, СИА.
Бөлөххө киир:

Саха сирин улуустарыттан муҥхаламмыт балыктары байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ыыттылар. Бу туһунан бүгүн Ил Дархан Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

«Былыргыттан муҥха балыгын бэрсии үтүө үгэһинэн буолар. Мин өбүгэлэрбит үгэстэрин баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбиппитин олус киэн туттабын. Улуустар муҥхалаабыт балыктарыттан соҕотох кырдьаҕастарга, элбэх оҕолоохторго уонна, биллэн турар, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бэристилэр. Сорох улуустар балыктарыттан Кыайыы пуондатыгар тиксэрдилэр, бу инники лииньийэҕэ сылдьар байыастарга барыаҕа. Ким даҕаны болҕомтото уонна өйөбүлэ суох хаалыа суоҕа. Маладьыастар!» — диэн СӨ Баһылыга санаатын үллэһиннэ.

+1
3
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 74% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: