Кэлиҥҥи сылларга Уһук Илин уокурук куораттарын маастар-былааннарыгар улахан болҕомто ууруллар буолла.
Бу үлэ Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан ыытыллар. Маастар-былаан социальнай инфраструктураттан саҕалаан, Өлүөнэ муостатын тутууга тиийэ араас бырайыагы хабар.
Бу күннэргэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев улуустар землячестволарын кытта көрсөн, бу суолталаах докумуон туһунан санаатын атастаһар.
Ааспыт нэдиэлэҕэ куорат баһылыга чугастааҕы Хаҥалас, Нам уонна Горнай улуустарын землячестволарын кытта көрүстэ.
Кэлэр нэдиэлэҕэ Евгений Григорьев Чурапчы, Таатта, Амма, Уус Маайа улуустарын землячестволарын кытта көрсүөҕэ.
— Дьокуускай устуоруйатыгар маннык хабааннаах социальнай, экэнэмиичэскэй сайдыы толору учуоттаммыт маастар-былаана олоххо аан бастаан киирэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Манна архитектордар, бырайыактааччылар, тутааччылар кытталлар. Бу маастар-былаан 2032 сылга диэри кэмҥэ Дьокуускай куорат сайдыытын туһунан 2021 сыл балаҕан ыйыгар Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕын толорууга ананна. Маастар-былаан куорат инфраструктуратын тупсарыаҕа.
Дьокуускай куорат ирбэт тоҥҥо турар Арассыыйа үрдүнэн тэтимнээхтик сайдан иһэр биир бастыҥ куоратынан буолар. Сүрүн сорук – Дьокуускай куораты тупсаран оҥорууну биир ситимнээхтик ыытыы. Куораппыт тас көстүүтүн тупсарыыга элбэх үлэ былааннанар. Ол иһигэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү эмиэ баар. Билигин Дьокуускай куорат кэҥии, нэһилиэнньэтэ элбии турар. Онон кэнэҕэскитин социальнай эбийиэктэрэ, сынньанар, култуурунай кииннэрэ, пааркалара, былаһааккалара уо.д.а. уопсастыбаннай миэстэлэрэ кэҥээн, улаатан иһиэхтэрэ. Онон бу маастар-былаан Дьокуускай куорат кэскиллээх сайдыытын олоххо киллэриигэ биир сүрүн докумуоммутуна буолар, – диэн санаатын тиэртэ Евгений Григорьев улуустар землячестволарын түс дьонугар.
Бу күннэргэ буолан ааспыт «Уопсастыба» пуорумҥа Уһук Илин уонна Арктика министиэристибэтин дэпэртээмэнин дириэктэрэ Григорий Смоляк «Анаадыр, Дьокуускай, Нерюнгри, Белогорскай, Магадан уонна Красноярскай куораттар маастар-былааннарын 2023 сыл балаҕан ыйын саҥатыгар билиһиннэриэхтэрэ», — диэн бэлиэтээбитэ. Онон бу суолталаах тэрээһин иннинэ куорат мээрэ дьон санаатын истэн, санаа атастаһан, бу тэрээһиҥҥэ толору бэлэмнээх тиийэргэ бэлэмнэнэр.
Нам улууһун бэрэстэбиитэллэрэ Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киириити устуоруйатын холобурдаан туран, туристическай хайысханы сайыннарыыга, чуолаан 2-с Хомустаах нэһилиэгин сиригэр-уотугар туристическай хайысханы сайыннарыы боппуруостарын туруорустулар. Чуолаан, Нам улууһун 2-с Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов санаатын тиэртэ:
Маны тэҥэ, Лев Николаевич Дьокуускайга Саха сирин киин куората буоларын сирэйдиир Тыгын Дархан, Ньургун Боотур курдук эпическэй дьоруойдарга анаан пааматынньык тутары туруоруста:
Үгүс дьон куораты көҕөрдүүнү, искибиэрдэри киэргэтиини күүһүрдэр наадатын бэлиэтээтилэр. Бу туһунан «Сатал» оройуонун олохтооҕо Евдокия Васильева бэйэтин санаатын бу курдук эттэ:
Маастар-былааны ырытыыга үгүс дьон көҕөрдүүгэ сыһыаннаан, учуонайдары тардыахха диэн санааларын тиэртилэр.
Нам улууһуттан «Ржев-Саха» кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэ салайааччыта Николай Горохов Дьокуускайга Улуу Кыайыыны уһансыбыт дьоҥҥо анаан искибиэр тутуутун туруорсубутун туһунан эттэ:
Салгыы Николай Христофорович «Дьокуускай куорат сайдыытыгар маннык санаалаахпын» диэн бэлиэтээтэ:
Хаҥалас улууһун бэрэстэбиитэллэрэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга санааларын эттилэр. Киин куораттан чугас буолалларын быһыытынан, туризмы сайыннарыыга Покровскай куораты Дьокуускай куорат «аргыс» (спутник) куоратын быһыытынан сибээһи олохтууру учуоттаан, сайдыы саҕаҕын тэҥҥэ түстүүргэ этии киллэрдилэр.
Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев бэйэтин санаатын маннык тиэртэ:
Маастар-былаан олус улахан, кэскиллээх, дириҥ суолталааҕын туһунан СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Аҕа дойду иннигэр үтүөтүн иһин уордьан II-с степеннээх кавалера, Нам улууһун бочуоттаах олохтооҕо, өр сылларга «Тыгын Дархан» эрэстэрээни салайбыт Мария Габышева маннык бэлиэтээтэ:
— Суолталаах бырайыак дойду таһымыгар улахан туруорсууну, көмүскээһини эрэйэрэ чахчы. Ол инниттэн биһиги, Саха сирин олохтоохторо, бары көхтөөхтүк түмсэн, маннык тэрээһиннэргэ кыттан, дьоммутугар-сэргэбитигэр туох үлэ барарын сиһилии тиэрдиэхпитин наада. Өрөспүүбүлүкэ уонна куорат салалталара “федераллар” таһымнарыгар тапталлаах куораппыт инники сайдар кэскилин туруорсалларыгар кыахта бириэххэ наада. Сөптөөхтүк дьаһанан, Арассыыйа атын эрэгийиэннэриттэн олох хаалсыбакка, сороҕор өссе инникилээн сайдыы барарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Онон ити Дьокуускай маастар-былаана олоххо киирдэҕинэ, аан дойдуга ирбэт муустаах сиргэ олорор куораттары куоһарар да олохтоох буолуохпут. Онон куорат мээрин кытта көрсүһүүлэргэ хас биирдии улуус көхтөөхтүк кыттан, санааларын этинэллэрэ наада. Холобура, бу көрсүһүүгэ Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев уонна Нам улууһун 2-с Хомустаах нэһилиэгин баһылыга Лев Новгородов киин куорат дьаһалтатын кытта юииргэ үлэлииргэ санааларын этиилэрэ — Сахабыт сирин киин куоратын тула түмсүүбүт туоһутунан буолар.
Ити курдук, бу күннэргэ куорат мээрэ Евгений Григорьев бары улуустар бэрэстэбиитэллэрин кытта салгыы көрсөн, Дьокуускай куорат маастар-былаанын билиһиннэриэҕэ. Онон бу тэрээһиннэргэ улуустар землячестволара көттөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…
РФ бырабыыталыстыбата резервнэй пуондаттан чэпчэтиилээх IT-ипотекаҕа 23,5 млрд солк. көрдө. Туһааннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин…
Бу күннэргэ СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын уонна аска-үөлгэ министиэристибэтин сыллааҕы үлэтин түмүктүүр тэрээһиннэр ыытылыннылар. “Үбүлээһин саҥа…