Хаартыска: үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ.
Демографияҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр бастыҥ көрдөрүү иһин 10 мөлүйүөн солкуобай суумалаах Ил Дархан грана бэриллэр. Бу туһунан үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Куонкуруска муниципальнай оройуоннар уонна Дьокуускай куорат уокуруктара кыттыахтарын сөп. 10 мөлүйүөн солкуобай суумалаах грант дьиэ кэргэн уонна демографическай бэлиитикэҕэ анаммыт тэрээһиннэри үбүлээһиҥҥэ ананар.
Докумуоннары олунньу 8 күнүгэр диэри үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтигэр туттараллар.
Манна 28 киритиэрийинэн кыайыылааҕы талаллар. Нэһилиэнньэ ахсаанын, 1000 киһиэхэ хас оҕо төрөөбүтүн, хас киһи өлбүтүн, хас ыал холбоспутун-арахсыбытын, тулаайах оҕо, кырдьаҕас киһи ахсаанын, туох тэрээһин ыытылларын, төһө үп көрүллэрин, хас киһи физкультуранан дьарыктанарын, элбэх оҕолоох ыалларга туох көмө миэрэтэ көрүллэрин, арыгы атыытын кээмэйин, оҕону түһэртэрии ахсаанын, диспансеризацияны ыытыыны, уо.д.а. барытын көрөллөр, учуоттууллар.
2024 сылга кыайыылааҕынан тахсан, Ил Дархан гранын Горнай улууһа ылбыта.
Куонкурус түмүгэ министиэристибэ саайтыгар, социальнай ситимнэригэр 2025 сыл кулун тутар 5 күнүгэр диэри тахсыахтаах. Билсэр төл.: 8 (4112)-319-309.
Анаабыр улууһун Үрүҥ Хайа нэһилиэгэр оҕолор сайыҥҥы лааҕырга хаар киһи оҥорбуттар. Биһиги тута нэһилиэк лааҕырыгар…
Мииринэй оройуонун суутунан олохтоох эр киһи сокуоннай сааһын ситэ илик оҕону сирэйгэ охсубутунан буруйдааҕынан ааҕылынна.…
Уһук Илиҥҥи айылҕа харыстабылын суруналыыстыкаҕа «Живая тайга» куонкуруһугар биллэр суруналыыстар уонна блогердар кытыннылар. Бу туһунан…
“Тиксиигэ хаар үс күн тохтообокко түспүт. Эрдэлээбит хаастар сымыыттарыгар олорбутунан өллүлэр дииллэр”, -- аны маннык…
Быйыл Кэмпэндээйигэ туус хостоммута 385 үбүлүөйдээх сыла. Аан дойдуга соҕотох тымныы көмөтүнэн үөскүүр тууһу хостоон…
Бэс ыйын 1 күнүттэн дойду үрдүнэн суоппар дастабырыанньаларын биэрии быраабылаларыгар улахан уларыйыылар киирэллэр. Ол курдук,…