Тохсунньу 18-19 күннэригэр «Триумф» уораҕайыгар чэпчэки атлетикаҕа бэтэрээннэргэ (40 саастарыттан үөһээ саастаахтарга) өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһии буолла.
Түһүлгэҕэ улуустартан быһый атахтаахтар, бастыҥ спортсменнар мустан күөн көрүстүлэр, илин-кэлин түһүстүлэр. Бу күрэхтэһиигэ Бээдиттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт Бочкарев Иннокентий Захарович уонна Готовцев Василий Васильевич кыттыыны ыллылар. Иннокентий Захарович Бочкарев бэйэтин саастыылаахтарыгар 1500 м бастаата. Өссө 800 м абсолютнайга сүүрэн эмиэ кыайыылаах үрдүк аатын ылан барыбытын үөртэ. Оттон кини быраата Андрей Бочкарев атаҕын эчэтэн, күрэхтэһии саҕаланыытыгар туораан хаалбыта кыһыылаах. Убайа Иннокентий: «Быраатым Андрей эрчиллиитэ үчүгэй этэ. Туораабатаҕа буоллар, арааһа, миэстэлэһэрэ хаалла», — диэн сонньуйар.
Манна даҕатан , өрөспүүбүлүкэҕэ эмиэ биллэр-көстөр спортсмен Готовцев Василий Васильевич бу күрэхтэһиигэ ситиһиитин сырдатыахха. Ол курдук, кини бэйэтин саастыылаахтарыгар 1500 м уонна абсолютнайга бастаабыт. Оттон 3000 м иккис буолбут. Василий Васильевич өрөспүүбүлүкэҕэ хаста даҕаны бастыы сылдьыбыта. Бу да сырыыга хас даҕаны күүстээх спортсмены кэннигэр хаалларда.
Дьэ ити курдук биһиги, бээдилэр, быһый атахтаах спортсменнарбытынан киэн туттабыт.
Иван Сивцев — Бээди
И.Бочкарев хаартыската.
Сэбиэскэй Сойуус кэмигэр кыбаас доруобуйаҕа туһалааҕын билэн, хас биирдии ыалга араас ырысыабынан дьикти утаҕы оҥостон…
Айсен Николаев Аллараа Халыма улууһун баһылыгын Ярослав Бандеровы көрсөн, муниципалитет инники социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр.…
Сайдыы балысханнык хардыылаан, Оҥоһуу өй, ол эбэтэр нууччалыы эттэххэ, “Искусственнай интеллект” диэн саҥа технология баар…
Өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор уонна улаатан эрэр оҕолор реабилитационнай кииннэригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрэ,…
Бу күннэргэ Нам улууһун дьаһалтатыгар улуус булчуттара, булчут ыттарынан дьарыктанааччылар, сэҥээрээччилэр саха ытын тула кэпсэтиигэ…
Мас-рестлиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраабылаларын саҥа эрэдээксийэтэ бу сыл олунньу 1 күнүттэн күүһүгэр киирэр. Дьаһалга…