Ульяна Винокурова: «90-с сыллары этэҥҥэ туораабыппытыгар Михаил Николаевка махтанабыт»
Ульяна Винокурова, бастакы уонна иккис ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Мунньах норуодунай дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт Сокуонун оҥорууга Конституционнай хамыыһыйа чилиэнэ өрөспүүбүлүкэ Бастакы бэрэсидьиэнин Михаил Ефимович Николаевы кытта быраһаайдаһыыга бэйэтин кини соратницатынан, кини дьыалатын тарҕатааччынан ааттаата.
“Бүгүн бу тиһэх суолугар атаарыы күнүгэр биһиги, Михаил Ефимович бу күн сириттэн туораабытынан дириҥник курутуйан уонна хараастан туран, киниэхэ бэйэтин харыстаммат бэриниилээх үлэтин иһин махтанабыт. Биһиги ХХ- ХХI үйэлэр кирбиилэрин этэҥҥэ туораабыппыт иһин.
Бүгүҥҥү хомолтолоох түгэн 90-с сылларга тугу ситиспиппитин, саха дьоно бэйэтин билиниитэ чөлүгэр түһэн, үрдээн уонна үөскээбит кэм ыҥырыыларыгар дьоһун хоруйу биэрэр кыахха тахсыбыппытын өйдүүргэ, сөптөөх быһаарыныыны ыларга төһүү буолуоҕа. Дириҥник курутуйан туран, тапталлаах өрөспүүбүлүкэбит кини күүстээх идеяларынан, ыра санааларынан бу саҥа кэмҥэ өрө көтөҕүллэригэр баҕарабын”, — диэтэ Ульяна Винокурова.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: