Умайа турар ойуур баһаара суох
11.07.2025, 10:15

Хаартыска: ЯСИА.
Бөлөххө киир:
От ыйын 11 күнүн сарсыардатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ умайа турар ойуур баһаара суох.
Ааспыт сууккаҕа 1,7 га иэннээх биир ойуур баһаарын Мииринэй оройуонугар умуруорбуттара.
Баһаар буолар кутталлаах кэм саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 56 488,55 га уопсай иэннээх 157 ойуур баһаара суох оҥоһулунна.
Баһаар барыытыгар буруйдаах 55 киһи булулунна, ойуурга сэрэхтээх сылдьыы быраабылатын кэспиттэрин иһин 135 боротокуол оҥоһулунна.
Ойуур баһаара буола турарын көрдөххүтүнэ, 8-800-100-94-00 нүөмэргэ быһа эрийэн тахсыҥ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: