Уматык төлөбүрэ араастаһар. Ханна чэпчэкиний?
Аныгы киһи тырааныспара суох сатаммат, чугас да наадаҕа барар буоллун, уруул үрдүгэр түспүтүн бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Дьэ манна массыынаҕын “аһатаргар” хармааныҥ балачча чарааһыыр.
Бэнсиин сыаната
Дьокуускайга массыынаны “аһатар” хас да хампаанньа баар. “Туймаада-нефть”, “Сибойл”, “Саханефтегазсбыт”, ЯТЭК итиэннэ Бүлүү куоракка “Энергия”.
Балартан аҕыйах хампаанньа бүгүҥҥү сыаналарын таһаарыахпыт.
“Сибойл” хампаанньа
Саха сиригэр 1998 сылтан үлэлиир. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 32 АЗС-таах. Дьокуускайга – 18, Мэҥэ Хаҥаласка – 3, Хаҥаласка – 2, Бүлүүгэ – 3. Ону таһынан, гаас уматыгынан “аһылыктанар” массыыналары эмиэ хааччыйар: Дьокуускайга – 3, Бүлүү улууһугар – 3.
Сыаналарын көрдөххө маннык:
Дьокуускайга:
АИ-95 – 68 солк;
АИ-92 – 64,50 солк;
ДТ – 81 солк.
Хаҥаласка:
АИ-95 – 68 солк;
АИ-92 – 65 солк;
ДТ – 81 солк.
Мэҥэ Хаҥаласка:
АИ-95 – 66,30 солк;
АИ-92 – 62 солк;
ДТ – 80 солк.
Бүлүүгэ:
АИ-95 – 68 солк.
АИ-92 – 65 солк;
ДТ – 81,50 солк.
Гаас уматык:
Дьокуускайга – 24,50 солк;
Бүлүү к. – 22 солк.
ЯТЭК хампаанньа
2 АЗС-таах.
Кыһыл Сыыр (Бүлүү улууһа):
АИ-92 – 56,4 солк.
ДТ – 74 солк.
Гаас – 25,5 солк.
Марха:
АИ-95 – 62,2 солк;
АИ-92 – 59 солк;
ДТ – 76 солк.
“Саханефтегазсбыт”
Хампаанньа аата да этэрин курдук, өрөспүүбүлүкэни барытын хааччыйар. Сыана араастаһыыта өрөспүүбүлүкэҕэ киирэн истэҕиҥ аайы улам биллэн барар.
Биллэн турар, чэпчэки уматык соҕуруу улуустарга көстөр.
Нерюнгрига, Беркакикка, Чульмаҥҥа, Улахан Хаатымаҕа:
АИ-95 – 59,50 солк;
АИ-92 – 57, 40 солк;
ДТ – 71,60 солк.
Улууга, Алдаҥҥа:
АИ-95 – 60 солк;
АИ-92 – 57,90 солк;
ДТ – 72,60 солк.
Хачыкаакка:
АИ-95 – 66,80 солк;
АИ-92 – 62,80 солк;
ДТ – 80,70 солк.
Дьокуускайга, Мииринэйгэ, Витимҥэ, Өлүөхүмэ Токотугар, Тээнэтигэр, киин улуустарга:
АИ-95 – 68,50 солк;
АИ-92 – 65,50 солк.
ДТ – 81,20 солк.
Сангаарга, Сунтаар, Томпо, Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар:
АИ-95 – 69,20 солк;
АИ-92 – 66,20 солк;
ДТ – 82 солк.
Уус Маайа, Эдьигээн улуустарыгар:
АИ-92 – 67,30 солк;
ДТ – 83,10 солк.
Орто Халыма к., Өлөөҥҥө, Верхоянскай к., Баатаҕайга, Белай Гораҕа, Депутатскайга, Зырянкаҕа, Хонууга, Черскэйгэ, Уус Куйгааҕа, Нижнеянскайга:
АИ-95 – 86,20 солк;
АИ-92 – 82,20 солк;
ДТ – 94 солк.
“Энергия” хампаанньа
Хата Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир “Энергия” хампаанньа уматыгын сыаната балачча чэпчэки эбит. “Саханефтегазсбыттан” АИ-95 бэнсиинэ 4.20 солкуобайынан, АИ-92 бэнсиинэ 2.70 солк. чэпчэки.
АИ-95 – 65 солк;
АИ-92 – 63,50 солк;
ДТ – 82 солк;
Гаас уматык – 24 солк.
Түмүк оннугар
Биллэн турар, биһиги ыраах сытар өрөспүүбүлүкэбитигэр уматык ыйтан ордук айаннаан кэлэр. Ол истэҕинэ бииртэн биир эбиллии, түһээн, о.д.а. сүктэриллэн, Дьокуускайга диэри сыаната улаатан кэлэр. Аны хоту улуустарга барарыгар эмиэ оннук исхиэмэнэн айанныыр. Холобур, “Сибойл” Новосибирскайдааҕы сыанатын көрүөххэ:
АИ-95, былырыын 48,58 солк. буоллаҕына, быйыл 55,5 солк. буолбут (14,25 %).
АИ-92, былырыын 45,25 солк., быйыл 51,62 солк. (14,08 %).
ДТ – былырыын 57,37 солк., быйыл 69,09 солк. (20,43 %).
Ольга Алексеева, “Энергия” уматык хампаанньатын салайааччыта:
– Биһиги чааһынай тэрилтэбит, 45 үлэһиттээхпит. Сыанабыт атыттартан тоҕо чэпчэкиний диэтэххэ, биһиги уматыкпыт, бензовозтарбыт, суоппардарбыт барыта бэйэбит киэнэ. Атын дьону, тиэхиньикэни наймыласпаппыт. Бүлүүнү эрэ буолбакка, чугастааҕы улуустары хааччыйабыт. Бу сарсыарда биир бензовозпут ыраах сытар Күүлэт, Тылгыны нэһилиэктэригэр уматык илдьэн кэллэ. Паром сыаната 25 тыһ. солк. Ол да буоллар, уматык сыанатын улаатыннарбатыбыт, тыа сирин дьоно онто суох кыһалҕалаах олохтоохтор. Билигин саба түһэн Кэбээйи нэһилиэктэрин хааччыйдыбыт, онтон Үөһээ Бүлүү, Ньурба диэки барыахпыт. Биһиги дьоҕус тэрилтэбит уматыгынан эрэ хааччыйбат, Бүлүү суолугар ким эрэ көмөҕө наадыйда да, кыахпыт баарынан көмөлөһөбүт. Массыынаны соһон аҕалан, түүннэри мэхээнньиги ыҥыран оҥорторон, дьоҥҥо итии киллэрэн ыытабыт. Итинник бары бэйэ-бэйэбитин көмөлөсүһэн олоруохтаахпыт диэн санаанан салайтаран үлэлиибит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: