Салгыы
«Умнас» айан суолугар видеохонтуруол баар буолла

«Умнас» айан суолугар видеохонтуруол баар буолла

16.08.2024, 16:20
Хаартыска Саха сирин суоллара салалтаттан
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Умнас» айан суолугар видеохонтуруол камератын туруордулар диэн Саха сиринээҕи суол салалтата иһитиннэрэр.

Дьокуускай куорат кытыытыгар саҥа өрөмүөннэммит «Умнас» айан суолун учаастагар быраабыланы кэһиини видеокамераҕа уһулар систиэмэ туруорулунна. Камералары 40 км/ч көҥүллэнэр айан суолун 11 км, 13 км уонна 16 км ыйаатылар.

Маннык дьаһаллар бу учаастакка аһара түргэнник айанныыр буолбуттарынан, ыарахан содуллаах суол-тырааныспар быһылаанын таһаарбат сыалтан ылылыннылар диэн Саха сирин суоллара салалтатыгар быһаардылар.

Итини таһынан маннык хонтуруоллуур систиэмэлэри «Нам» айан суолун 7,9  11,4 км диэри учаастакка туруорары былаанныылларын туһунан эттилэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
12 декабря
  • -39°C
  • Ощущается: -39°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: