«Умнас» айан суолун тутуу тэтимнээхтик барар
Бүгүн суруналыыстар нацбырайыактарынан тутулла турар эбийиэктэргэ пресс-турга сырыттылар.
«Умнас» суолу реконструкциялааһын «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан ыытыллар. Манна үлэ сүрүннээн кыраапык быһыытынан баран иһэр. Суол тутуутун туһунан СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Анатолий Потапов кэпсиир.
«Суол тутуутун үлэтэ быйыл сайын бүтэн, эбийиэк балаҕан ыйыгар туттарыллыахтаах. Билиҥҥитэ суол учаастагын 11-12 км үрүт араҥатын ууруу үлэтэ бүттэ – I мааркалаах хайыр таастан уулларан, сылаас сымалаҕа булкуйан, 13 см халыҥнаах гына бетоннаах аспаал суола кутулунна. Ол кэнниттэн, тыраасса бүтүүтүттэн саҕалаан, 5 см халыҥнаах бытархай бетонунан аспаал кутуохпут. Ону сэргэ тротуардары оҥоруу, бордюр таастарын таҥыы, сырдатар остуолбалары, о.д.а. оҥоһуллуо», — диэтэ миниистири бастакы солбуйааччы.
«Умнас» айан суолун реконструкциялааһын кэнниттэн 11+868– 20+000 км учаастакка түөрт балаһалаах суол ситэриллиэ, онно тырааныспар куттала суох сырыытын хааччыйар уонна тыаһы намыратар тимир истиэнэлэр, ыйынньыктар оҥоһуллуохтара, суол бэлиэлэрэ туруохтара, светофордар ыйаныахтара, сырдатар лаампалар уонна тротуардар оҥоһуллуохтара.
«Икки сыллааҕыта аспаалы уурар аныгы тиэхиньикэни ыламмыт үлэ тэтимнээхтик барар. Үлэ кэминэн баран иһэр, хаалыы суох, аны күһүн эбийиэги болдьоҕор туттарар былааннаахпыт»,- диэн этэр «Саха сирин суоллара» тэрилтэ суол оҥоруутун начаалынньыга Айгылаан Григорьев.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: