Умнуллубат ааттар: “Көдьүүстээх суруйуу” маастара
Оройуоннааҕы хаһыаттарга Сунтаарынан, Бүлүүнэн, Чурапчынан, Нерюнгринан үлэлээбит 20-чэ сылбар сүүһүнэн суруналыыһы кытта эн-мин дэһэн алтыһан аастаҕым. Үксэ «хаһыатчыт буолан төрөөбүт» үлэһиттэр этилэр. Бу араас көрүүлээх, туспа өйдөөх-санаалаах уонна сурукка-бичиккэ тус-туһунан дьоҕурдаах дьон ортотугар кимиэхэ да маарыннаабат ураты буочардаахтар бааллара.
1987 сыллаахха Чурапчытааҕы «Саҥа олох» хаһыат эрэдээксийэтигэр билсибит, кэлин бэркэ диэн бодоруспут киһим Ыстапаан Боппуок – кинилэртэн биирдэрэ этэ. «Этэ» диэн буолар, хомойуох иһин. Салгыы олоруохтаах, айыахтаах-тутуохтаах, тугу эрэ хайаан даҕаны суруйуохтаах-бичийиэхтээх табаарыспыт билигин суох.
Тугу ахтан-санаан аһыам эбитэ буолла дии олорон, долбуурбун хасыһан бэйэтин кинигэтин булан ыллым. Ыстапаан эрдэ кинигэ оҥорботоҕо, били «саппыкыһыт саппыкыта суох» дииллэринии, бу улахан суруналыыс букатын хойукка диэри үлэтин чөмчөтөн туспа кинигэ оҥорон таһаара илигэ. Кэмниэ-кэнэҕэс «Хатыҥнардаах, чараҥнардаах…» диэн ааттыын истиҥ-иһирэх кинигэтэ күн сирин көрбүтэ. «Бичиктэр» оҥорон, бэчээттээн таһаарбыттар эбит. Ааптар үөрбүччэ, тутатына биири миэхэ бэлэхтээбитин бу өйдөөн кэллим. Күөс хоруота даҕаны өҥөлөөх курдук санаммакка сылдьыбыт киһи соһуйуом иһин, «өйөбүлүҥ иһин махталы кытта» диэн анабыл суруктаах…
Чурапчыттан ситэн-сириэдийэн
Ыстапаан суруналыыс быһыытынан төрөөбүт дойдутуттан Чурапчыттан ситэн-сириэдийэн тахсыбыта. Ааспыт үйэ 80-с сылларын бүтүүлэригэр оройуоҥҥа чахчы кыахтаах хаһыатчыттар үлэлээн ааспыттара. Ол да иһин буоллаҕа, «Саҥа олох» хаһыаппыт тэриллиэҕиттэн хаһан даҕаны ситиспэтэх муҥутуур тираһын бу кэмҥэ ыла сылдьыбыта. Онуоха эрэдээксийэ айар кэлэктиибин оруолун намтаппакка туран, Ыстапааммыт киллэрбит кылаата лаппа улаханын оччолорго бииргэ үлэлээн ааспыт дьонум билинэр буолуохтаахтар.
Горбачев саҕанааҕы «уларыта тутуу» – аны санаатахха, эрдэтээҕи уу-нуурал олохпутун атыйахтаах уулуу аймаабыт дирбиэннээх-дарбааннаах дьикти да кэмнэр ааспыттар! Тууйулла сылдьыбыт санаалары хайдах баарынан аһаҕастык этэри көҥүллүүр күннэр-дьыллар кэрэһиттэринэн Степан Попов ырытыылаах ыстатыйалара буолбуттара. Урут хаһан даҕаны көтөҕүллэ илик сытыы боппуруостарга бөрүөнү холонон көрүүтэ 1987 сылтан саҕаламмыта быһыылааҕа. Ол сайын «Саҥа олоххо» Гавриил Дмитриевич Ефимов «Үстэ өлөн тиллибиттэр» диэн Чурапчы холкуостарын хоту көһөрүү сабыылаах тиэмэтигэр улахан ыстатыйатын кини тутан-хабан бэчээккэ бэлэмнээбитэ.
Дьэ, ити кэнниттэн этэ: оройуоммут дьылҕатыгар ыараханнык тайаммыт аана суох алдьархай туһунан Степан Попов өрөспүүбүлүкэбит саха тыллаах ааҕааччытыгар биир бастакынан кэпсээбитэ. (Билигин эттэххэ дөбөҥ, оҕо сааспыттан өйдүүрбүнэн, «хоту көһөрүллүү» мээнэ ахтыллыбат, дьиэ да иһинэн кэпсээн-ыаһах оҥостуллубат чып-кистэлэҥ этэ. Онон кини бу ыстатыйата, арааһа, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппититтэн итэҕэһэ суох буолуохтаах).
«Саҥа олохпут» суруналыыһа итинтэн да атын тиэмэлэргэ хоннохтоохтук суруйан оройуон ыырыттан тахсан, киэҥ сэҥээриини ылбыта. 1988 сыллаахха Чурапчыга бастакынан суруналыыстар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыһыл көмүс бөрүө» куонкурустарын лауреата буолбута даҕаны ону бигэргэтэр. Кинигэтигэр ааптар нууччалыы тылынан суруйууларын эмиэ киллэрбит. Манна этэн аһарыах тустаахпын: биһиги киһибит нууччалыы, төрөөбүт тылын курдук, хомоҕойдук суруйар «билингвальный автор» дэнэр бэрт аҕыйах хаһыатчыттартан биирдэстэрэ этэ.
Өрөспүүбүлүкэ таһымыгар
Тылы баһылааһын итинник балачча үрдүк таһымыгар сахаттан ылбычча киһи тахсыбат быһыылаах. Баҕар, нууччалыы иҥнибэккэ саҥаран тылы билэр аатырыахха сөп буолуо. Ити эрээри, ол курдук санааны сайа этэр суруксут буолуу дэбигис кыаллыбатын саха барыта билэр. Баардаах батарбат дииллэринии, кини «Саҥа олоҕуттан» кынат үүннэринэн, 1989 сыл күһүнүгэр «Социалистическая Якутия» хаһыат Илин эҥэр оройуоннарга бэйэтин кэрэспэдьиэнинэн (собкорунан) ананар. Үлэҕэ киирдэ-киирээт, хаһыат балаҕан ыйын 17 күнүнээҕи нүөмэригэр «Северная одиссея чурапчинских колхозников» диэн улахан ыстатыйаны бэчээттэтэр. Онно нууччалыы тыллаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыат оччотооҕу уонунан тыһыынча ааҕааччыта Саха сирин устуоруйатыгар маннык хара мэҥ, ыар содуллаах иэдээн баарын аан бастаан билбитэ. Дьиҥинэн ыллахха, чурапчылар бу маннык дириҥ ырытыылаах суруйууларга тирэҕирэн, обком бюротун Чурапчы холкуостарын хоту көһөрүү туһунан 1942 сыл атырдьах ыйын 11 күнүнээҕи уурааҕа көтүрүллэрин ситиспиттэрэ.
Биһиэхэ, бэчээт эйгэтигэр, «көдьүүстээх суруйуу» диэн өйдөбүл баара. Ыстапаан чопчу бу тиэмэҕэ кэпсэтии, дьүүллэһии бөҕөнү таһаарбыт дириҥ хорутуулаах суруйууларын итинтэн атыннык ааттыахха сатаммат эбит. Ити өссө суруналыыс айар үлэтигэр саамай улахан сыанабыл буолар. Кини ылсан суруйар тиэмэтэ барыта киэҥ уонна дьоһуннаах буолара. «Саҥа олох» хаһыакка 1989 сыллаахха суруйбут «Фараон… уонна мин уолум, эбэтэр национальнай политика боппуруостарыгар быстах санаалар» диэн ыстатыйата билиҥҥи олоххо кытта сыһыаннаах эбит.
“Хатыҥнардаах, чараҥнардаах…”
Оройуон уонна өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр саха тылын туһунан, айылҕа харыстабылын боппуруостарыгар уо.д.а. ырытыылара даҕаны эргэриэх быһыылара суох. Үчүгэйэ диэн, балар уонна ити үөһээ ахтыллыбыт ыстатыйалара «Хатыҥнардаах, чараҥнардаах…» кинигэҕэ бааллар. Маны тэҥэ, «Дойдум дьоһун дьоно» диэн ааттаммыт салааҕа биллиилээх уонна ураты дьылҕалаах биир дойдулаахтарын, доҕотторун туһунан суруйуулара, атын салааҕа Роман Дмитриев, Сахаачча курдук аатырбыт бөҕөстөрү кытта көрсүһүүлэриттэн бэлиэтээһиннэрэ түмүллүбүттэр. Олору барытын букатын саҥалыы, оччотооҕу күннэри-дьыллары санаабар бу баардыы эргитэн, этэргэ дылы, утаппыттыы аахтым…
Степан Алексеевич төрдө – Чурапчы Арыылааҕа. Холкуостаах аҥаардас ийэ оҕото, сэрииттэн эргиллибит аҕата уол 3 саастааҕар өлөн, кыратыттан үлэҕэ-хамнаска эриллэн, тыа сирин олоҕун иһиттэн билэрэ. Ол эрээри, сурукка-бичиккэ айылҕаттан дьоҕура киэҥ ыырга таһаардаҕа, тыл үөрэхтээҕэ, бэчээт үлэһитэ буолар дьылҕатын түстээтэҕэ. Кини сурук-бичик эрэ үлэтигэр бүкпэтэх, киэҥ ыллыктаах, дэгиттэр дьоҕурдаах киһи этэ. 90-с сылларга “Кыым” хаһыат эрэдээктэрин солбуйааччынан, онтон Саха информационнай ааҕыныстыба (ЯСИА) генеральнай дириэктэринэн үлэлээн, бэчээппит эйгэтигэр биир сүрүн тэрийээччи, салайааччы быһыытынан биллибитэ.
Ааспыт үйэ улахан суруналыыстарын, хоһооҥҥо этиллэринии «суруксуттаабытынан суох буолбут» доҕотторбутун биһиги, сааһырбыт хаһыатчыттар, ахтан-санаан ааһарбыт – ытык иэспит. Ол иһигэр ураты бөрүөлээх Ыстапаан Боппуогу булгуччу.
Петр ПОПОВ,
Чурапчытааҕы
«Саҥа олох» хаһыат
1988-1993 сылларга
эрэдээктэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: