Умнуллубат ураты учуутал, мындыр чинчийээччи
Биллэр литературовед, кириитик, методист-учуутал, П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, доцент В.Н.Протодьяконов быйыл от ыйын 1 күнүгэр төрөөбүтэ 90 сыла буолла.
Тиһэх кэпсэтиибит
Баһылай Никиитис 2017 сыл сайыныгар Москваҕа эмтэнэ барыан иннинэ кафедраҕа кэлэ сылдьыбыта. Онно кириитикэ устуоруйатыгар оҥорбут хрестоматиятын туһунан кэпсэппиппит, өссө иккис чааһын күһүн оҥоруох буолан сүбэлэспиппит. Хрестоматията тахсар буолбутуттан олус өрө көтөҕүллүбүтэ. Ол тиһэх көрсүһүү буоларын билбит курдук, кууһан, сүүспүттэн сыллаан, сэргэх баҕайытык туттан, эмтэнэн эргиллиэм диэн этэн, тахсан барбыта… Күһүнүгэр балаҕан ыйын 5 күнүгэр төлөпүөнүнэн кэпсэтэрбитигэр (тиһэх кэпсэтиибит эбит!) саха литэрэтиирэтигэр кириитикэ 1925 сыллааҕы уураах тахсыан төһө эмэ инниттэн баарын, сөптөөх хайысханан сайдан испитин тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Өксөкүлээх Өлөксөй, Алампа, Күлүмнүүр, В.Н. Леонтьев, Ойуунускай ыстатыйаларын ааҕыахха, устудьуоннарга аахтарыахха наада диэбитэ. Билигин санаатахха, бу кини кэриэс тылларын эппит эбит. Баһылай Никиитис онно өссө кириитикэ устуоруйатыгар лиэксийэлэр куурустарын босуобуйа оҥоруом, былааҥҥа киллэртэрээр диэн сорудахтаабыта. «Дьэ ону суруйдахпына, барыахпын сөп буолар», – диэн күлбүтэ. Суруллуохтаах кинигэ былаанын кэпсии, сорудахтыы бэйэтэ ыҥырыах буолбута уонна ыҥырбатаҕа…
Хайҕаннахпытына халлааҥҥа көтүөхтүү үөрэрбит
Баһылай Никиитис устудьуон маҥнай көрүүтугэр олус «кутталлаах» учуутал курдук этэ: кини хас биирдиибитин тургутан көрөрдүү ойутан туруоран боппуруос биэрэрэ уонна тугу эрэ эппиэттээн ботугураатаххына, тута улахан баҕайытык саҥа аллайара: «Пах-хай!», «Уонна!», «Һа-һа-һаа!» эбэтэр «Маладьыас!», «Да-а?!» Онон хас биирдиибит Баһылай Никиитистэн: «Маладьыас!», «Уот харахха!», «Чаҕылхай!» диэн хайҕал тылларын истэр туһугар кыһанарбыт.
Утуктуу да олорор устудьуону уһугуннарара
Үөрэтэр куурустарбар Баһылай Никиитиһи ыҥыран, хайаан да лиэксийэ аахтарар этим. Саха факультетыгар үөрэммит устудьуон барыта Баһылай Никиитис лиэксийэлэрин хайаан да истиэхтээх, кини этэр мындыр санааларын билиэхтээх диэн саныырым.
Баһылай Никиитис утуктуу да олорор устудьуону уһугуннарар, кэрэхсэтэр умсугуйан туран үөрэтэр ураты ньымалааҕа. Профессор Г.Г. Филиппов эппитинии, «умайан» үөрэтэр тииптээх учууталларга киирсэрэ. Кини хас биирдии лиэксийэтин аан бастаан киирэн үөрэтэр курдук долгутуулаахтык, умсугутуулаахтык ыытара. Кириитикэ устуоруйатын уустук боппуруостарын үлэлиирин тухары иҥэн-тоҥон, бары ымпыгар тиийэ чинчийбит буолан, лиэксийэлэрэ ордук кэрэхсэбиллээхтэрэ, улахан суолталаахтара. Устудьуоннар литэрэтииринэй нэһилиэстибэҕэ, фольклорга сыһыан устуоруйатын, бэлиитикэ литэрэтиирэҕэ орооһуутун содулларын, уураахтар суолталарын о.д.а. уустук боппуруостарын кини эрэ лиэксийэлэриттэн сиһилии билэллэрэ. Баһылай Никиитис хас биирдии этэр санаатын, түмүгүн кырдьыктааҕар, сөптөөҕөр сатаан итэҕэтэр, онно анаан араас раритекка тэҥнээх матырыйааллары табан туһанара – архыып матырыйаалын (уураахтар, ыйаахтар, брошюралар), хаһыат, сурунаал, докумуон куоппуйаларын. Маны таһынан Баһылай Никиитис устудьуоннарга бэйэтэ эрэ билэр, ол эбэтэр атын ким да билбэт информациятын, чахчыларын, лиэксийэтин тиэмэтигэр сөп түбэһиннэрэн элбэҕи кэпсиирэ.
Олус үчүгэй араатар этэ
Устудьуон болҕомтотун тардар уустук, оттон устудьуон учууталын таптаан истэрин ситиһэр – биирдиилээн учууталга бэриллэр сүдү талаан. Ол Баһылай Никиитискэ эмиэ бэриллибит – киһи өйдүүрүн эрэ курдук буолбакка, өссө кэрэхсиирин курдук кэрэтик, ураннык саҥарыы. Баһылай Никиитис олус үчүгэй араатар этэ. Кини айымньыттан быһа тардыылары, афоризмнары өйүттэн ааҕар, ону субу сибилигин эрэ, биһиэхэ эрэ ананан айыллыбыттарын, эбэтэр этиллибиттэрин курдук ураты түгэҥҥэ кубулутар. Онон Баһылай Никиитис лекторскай искусство бары кистэлэҥнэрин баһылаабыт биһиги университеппыт тарбахха баттанар талааннаах учуутала этэ.
«Үчүгэй учуутал устудьуону элбэхтик үлэлэтиэхтээх»
Баһылай Никиитис куруук этэрэ: «Үчүгэй учуутал устудьуону элбэхтик үлэлэтиэхтээх». Кини бу этиини суолдьут оҥосторун үөрэммит устудьуон эрэ барыта итэҕэйбит, билбит буолуон сөп. Ол курдук үрдүкү кууруска тиийбит устудьуон кириитикэҕэ бэриллибит баһаам элбэх кэниспиэги оҥордоҕуна, туттардаҕына эрэ табылларын өйдүүр. Оттон ким Баһылай Никиитис сорудаҕын ис сүрэҕиттэн кыһанан суобастаахтык оҥорбут – ол тугунан да кэмнэммэт «баайдаммыт» тэҥэ сананар кыахтанар. Аны туран киниэхэ эксээмэни туттарыы – бу «киһи» дуу, «кии» дуу буоларын быһаарыллар түгэнэ. Кини курдук «уоттаах» учууталга үөрэммиттэр дьоллоох дьон эбиппит.
Кини научнай нэһилиэстибэтин чинчийэр бырайыак чэрчитинэн
2018-2019 үөрэх дьылыгар Баһылай Никиитис төрөөбүтэ 85 сылын көрсө кини научнай нэһилиэстибэтин чинчийэр бырайыак чэрчитинэн доцент Е.А. Архиповалыын үлэлээбиппит, устудьуоннарбытын кытта учууталбыт дьиэтээҕи архыыбын үөрэппиппит. Биир сыллаах үлэбит сүрүн түмүгүнэн «Туруулаһыы» диэн үтүө тыл баар» (2019) диэн кинигэ күн сирин көрбүтэ буолар. Бу кинигэҕэ Баһылай Никиитис урукку өттүгэр бэчээттэммэтэх ыстатыйаларын уонна араас хаһыаттарга, сурунаалларга тахсыбыт, кинигэлэргэ киирии тыл быһыытынан суруллубут үлэлэрин түмэн киллэрбиппит. Маны таһынан 1982 сыллаахха тахсыбыт
«П.А. Ойуунускай айымньыларын 8-с кылааска үөрэтии» диэн учууталларга көмө босуобуйатын бэчээттээбиппит, интервьюларыттан талан киллэрбиппит. Кинини чинчийээччи, кириитик быһыытынан арыйар уонна уустук боппуруостарга мындыр санаатын аһаҕастык этэр кэпсэтиилэри киллэрэргэ дьулуспуппут. Ордук суолталааҕынан 2017 сыллаахха Тааттаҕа бара сылдьан биэрбит тиһэх интервьютун киллэрбиппит буолар. Сыһыарыыларга Баһылай Никиитис үлэлэригэр биобиблиографическай ыйынньык, наҕараадаларын испииһэгэ, «Политика уонна кириитикэ. Партия Киин Кэмитиэтин уураахтара» диэн олус уустук уонна интэриэһинэй тиэмэҕэ
2005 с. аахпыт аһаҕас лиэксийэтин кэниспиэгэ бэчээттэммиттэрэ. Кинигэҕэ «Бобуулаах, баайсыылаах кэм Үрүҥ Уолана» диэн улахан киирии ыстатыйаны профессор Г.Г. Филиппов суруйбута. Кини Баһылай Никиитис чинчийэр үлэтигэр көрсүбүт ыарахаттарын, харгыстарын быһаарар, ситиһиилэрин чорботор, ону тэҥэ чинчийээччи быһыытынан ситэри «арыллыбатах» уонна чинчийэр тиэмэтин «кыайтарбатах» төрүөттэрин эридьиэстиир.
Г.Г. Филиппов Баһылай Никиитис чинчийэр үлэтин тиэмэтин таларыгар суолталаах буолбут түгэн туһунан маннык суруйар: «Кини өйө-санаата ситэр, олохсуйар кэмэ норуот өстөөҕө аатыран репрессияламмыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит чулуу дьон буруйа суохтара быһаарыллан, норуоттарыгар «тиллибиттэрэ». Бу дьон истэригэр П.А. Ойуунускай, А.И. Соф-
ронов, А.Е. Кулаковскай – Таатта сириттэн төрүттээхтэрэ В.Н. Протодьяконовка ордук улахан суолталаах, сабыдыаллаах буолбута. Кинилэр кырдьыктара, кинилэр дьылҕалара – бүтүн Саха норуотун кырдьыга, дьылҕата буолан, эдэр киһи өйүн, сүрэҕин баһылаабыттара. Кини кэм, норуот, чулуу дьоммут уустук кырдьыктарын сэгэтэр суолу көрдүүргэ олоҕун анаабыта…». Кырдьык, Баһылай Никиитис чинчийэр үлэтин сүрүн хайысхатынан саха классик суруйааччыларын айар үлэлэрэ буолбута. Кини ордук дириҥээн П.А. Ойуунускай айар үлэтин чинчийбитэ. Г.Г.Филиппов Баһылай Никиитис П.А. Ойуунускай айар талаанын улуу бөлүһүөк суруйааччы быһыытынан арыйар суруйууларын кэнэҕэһин туспа талан монография оҥоруохха сөп диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ.
Билигин В.Н. Протодьяконов үлэлэрэ икки кинигэҕэ – «Айар тыл уоттаннын!!! Тыл илбиһэ төлөннөннүн!!! Кэм — литература – төрүт үгэс туһунан санаалар» (2009) уонна «Туруулаһыы» диэн үтүө тыл баар» (2019) – толору бэчээттэннилэр диир кыахтаахпыт.
Түмүк оннугар
Баһылай Никиитис үйэтин тухары үлэлээбит үнүбэрситиэтигэр кини аатын өрүү ахта, киэн тутта ааттыыбыт.
Учууталым барахсан суруйбакка хаалбыт босуобуйатын өрүү саныыбын, суруллубатах кинигэни суохтуубун. 2021 сыллаахха «Саха литературнай кириитикэтин историята» диэн үөрэх кинигэтин суруйбутум уонна Баһылай Никиитис сырдык кэриэһигэр анаабытым. Билигин биһиги өссө биир баҕа санаалаахпыт – Баһылай Никиитис В.Н. Леонтьев кириитикэҕэ үлэлэригэр түмпүт матырыйаалларын туспа кинигэнэн бэчээттээһин.
Людмила Григорьева, Ф.Н.К., ХИФУ Саха литэрэтиирэтин кафедратын доцена.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: