Бу ураты күн ааспыт кэмнэри санаан ааһарга, ситиһиллибити сыаналыырга уонна инникини толкуйдуурга кыах биэрэр. Бу бэлиэ түгэнинэн үөрэнэ сылдьар устудьуоннары уонна үөрэнэн ааспыт дьону кытта кэпсэттибит.
Тохсунньу 25 күнэ — устудьуон, ол эбэтэр Татыйаана күнэ. Устудьуон күнэ бары хайысхаҕа үөрэнэр ыччаты түмэр, сомоҕолуур аналлаах.
“Истиҥник саныыбын”
Павел Ильин, nvk-online.ru саайт шеф-эрэдээктэрэ:
— Устудьуоннаабыт сылларбын олус истиҥник саныыбын. ХИФУ филологическай факультетын ситиһиилээхтик 2018 сыллаахха бүтэрбитим. Уопсайга саха тылын институтун устудьуоннарын кытары бииргэ олорбутум. Онон үксэ ФЛФ, ИЯКН устудьуоннарын кытары доҕордоһооччубун. Кинилэри кытары күн бүгүҥҥэ диэри социальнай ситимнэринэн билсэбин. Үһүс кууруска устудьуон сэбиэтигэр киирэммин элбэх устудьуону кытары билсибитим, бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттааччыбын. Бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытары үгүстэрин кытта бииргэ үлэлиибин.
«11-с кылааска сылдьан быһаарыныы ылыммытым»
Милан Прокопьев, Харбиннааҕы (Кытай) политехническэй институт бастакы кууруһун устудьуона:
– Билигин кыhыҥҥы сынньалаҥмар Дьокуускай куоракка дьиэбэр сынньана үөрэ-көтө кэллим. Ааспыт сыл күһүнүгэр Харбиннааҕы политехническэй институкка ситиһиилээхтик эксээмэннэри туттаран, үөрэнэ сылдьабын. Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин кыһатыгар үөрэнэ киирэргэ 11-с кылааска сылдьан быһаарыныы ылыммытым. Мин санаабар, бу дойду урут уонна билигин даҕаны аан дойду үрдүнэн бары өттүнэн саамай сайдыылааҕынан биллэр. Докумуоннарбын ийэбинээн эрдэ хомуйан ыытан саҕалаабыппыт. Үөрэҕим төлөбүрдээх, ол эрээри атын үрдүк үөрэх кыһалара быспыт сыаналарыттан быдан чэпчэки. Омук дойдутугар үөрэнэрбэр дьонум күүс-көмө, өйөбүл буолаллар, онон махталым муҥура суох.
Бу сыл түмүгүнэн баалым хабыстаҕына, иккис үөрэх дьылыттан граҥҥа киирсиэхпин сөп, оччотугар үөрэҕим уонна олорор уопсайым босхо буолар. Билигин омук тылын эбии үөрэтэбин, ону таhынан, араас омук дьонун кытары алтыhабын. Маҥнай тиийэн бараммын төлөбүрдэрэ маҕаһыыҥҥа да, кафеҕа да, таксыыга да барыта QR-кодунан ааһарын муодарҕаабытым. Биирдэ таксыыга олорон куорат киинигэр айаннаабытым, онно уу харчынан төлөөрү гыммыппар, суоппар мөхпүтэ. Мобильнай сыһыарыы көмөтүнэн иэспин ыыппыт түгэннээхпин. Ол курдук, кытайдар биһигиттэн номнуо технология өттүнэн хас да сыл инники иһэллэр.
Устудьуон күнүнэн барыгытын эҕэрдэлиибин!
“Үөрэнэргэ бары усулуобуйа баар”
Самира Федотова, Амурдааҕы судаарыстыбаннай мэдиссиинэ академиятын 3-с кууруһун устудьуона:
— 2022 сыллаахха Благовещенскай куоракка терапевт быраас үөрэҕэр киирбитим. Бастаан утаа дойдубуттан ыраах сиргэ тиийэммин, Сахам сирин айылҕатын, ийэм минньигэс аһын, дьоммун олус ахтарым. Нууччалыы тылынан кэпсэтэргэ кытары ыарырҕатар түгэннэрдээх этим. Оттон билигин барытыгар үөрэнним, үөрэхпин сөбүлүүбүн. Уопсайга олоробун. Уопсайбыт Сэбиэскэй Сойуус кэминээҕинэн хаалбыт да буоллар, киһи барытыгар үөрэнэр эбит. Үөрэхпитигэр бары усулуобуйа тэриллибит. Саха сириттэн мин бөлөхпөр иккиэбит. Саха устудьуоннара «Кыталык» диэн түмсүүлээхпит. Үөрэҕим таһынан, тренажернай саалаҕа дьарыктанабын, волейбол оонньуубун, сахалар хамаандаларыгар баарбын.
Түгэнинэн туһанан, устудьуоннары, устудьуоннаабыт биир дойдулаахтарбын эҕэрдэлиибин!
«Үөрэхпитигэр саҥаны, элбэҕи билэбит»
Сайаана Саввина, дизайнер, Үөһээ Бүлүүтээҕи Норуот айымньытын киинин худуоһунньуга:
– Мин 9-с кылаас кэннэ эксээмэннэрбин туттараат үөрэххэ киирбитим. Дьокуускайдааҕы художественнай училище «Дизайн» салаатын 2014 сылга этэҥҥэ түмүктээбитим. Билигин кэтэхтэн Арктикатааҕы агротехнологическай университеккэ ландшафтнай архитектор үөрэҕэр салгыы, идэбин өссө үчүгэйдик баһылаары, үрдэтинэ сылдьабын. Айар эйгэҕэ сылдьар киһи үөрэҕэ бииринэн бүппэт – олорорун тухары үөрэнэр.
Устудьуоннаабыт сылларбын санаан аастахха, умнуллубат түгэн элбэх, киһи биир тылынан кыайан ахтыбат. Бииргэ үөрэммит оҕолорбун кытта билигин да сибээспитин сүтэрбэппит, үксүбүт идэбитинэн үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Үөрэммит сылларбытын билигин даҕаны күлэ-үөрэ саныыбыт, көрүдьүөс түгэннэр элбэхтэр. Сиэссийэ аайы «просмотр» диэн баар буолааччы. Киэҥ саалаҕа уруһуйдарбытын тэлгэтэн баран, сыаналарбытын долгуйа күүтэрбит. Учууталлар, үөрэхпит салалтатын хамыыһыйата кэрийэ сылдьан үлэлэрбитин ырытааччылар. Сиэссийэ бириэмэтигэр ким да туора турбакка, бэйэ бэйэбитигэр күүс-көмө, сүбэ-ама буоларбыт. Сайын аайы дэриэбинэлэринэн быраактыкаҕа ыыталлара. Үөрэхпин бу соторутааҕыта эрэ бүтэрбит курдук саныыбын, дьиҥэр, 10 сыл ааһа охсубут.
Билиҥҥи үөрэхпэр эмиэ саҥаны, элбэҕи биллим. Урут кыттыбатахпын, преподавателлэрим сүбэлээн-амалаан, билигин идэлээх куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар буоллум. Түгэнинэн туһанан, урукку уонна билиҥҥи учууталларбар, уһуйааччыларбар улахан махталбын тиэрдэбин!
Устудьуон күнэ – эдэр саас бырааһынньыга. Күндү устудьуоннар, эһигини Устудьуон күнүнэн эҕэрдэлиибит! Үөрэххэ, уопсастыбаннай үлэҕэ, устудьуон олоҕор чаҕылхай ситиһиилэри баҕарабыт!
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…