Умнуллубат кэмнэрбит оскуолатыгар…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун бырааттыы Пономаревтар ааттарынан Томтор орто оскуолата 2022 сыл ахсынньытыгар 130 сылын бэлиэтээбитэ.
«Учуутал уонна аҕа сүбэһит» сылынан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, бу оскуолаҕа өр сылларга алын сүһүөх учууталынан, кэлин дириэктэринэн үлэлээбит Вера Михайловна Владимирова араас сылларга үлэлээн ааспыт учууталлар ахтыыларын, хаартыскаларын ботуччу хомуйан, өйдөбүнньүк кинигэни бэчээккэ таһаарбытын сүрэхтэниитигэр биир идэлээхтэрин түмэн умнуллубат өйдөбүлү хаалларда.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр Томтор нэһилиэгин баһылыга Мирон Анатольевич Свинобоев, Томтор орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Николаевич Свинобоев кинигэ үлэтигэр кыттан, манна кэлэн олорор учууталларыгар итии-истиҥ тыллаах эҕэрдэ, махтал тылларын тиэртилэр.
Томтор орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Александра Афонская, Марфа Лебедева, Мефодий Пономарев Томтор туһунан истиҥ-иһирэх тыллардаах хоһооннорун доргуччу ааҕан иһитиннэриилэрин дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.
Светлана Баишева туруоруутугар чороонноох үҥкүүнэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлээтилэр.
Манна эбэн этэр буоллахха, Томтор орто оскуолата 1989 сылтан Даниловскай ааҕыылары (кэлин улуустааҕы) ыытар үтүө үгэһин ыһыктыбакка кэллэ. Бу ый 21 күнүгэр улуустааҕы Даниловскай ааҕыылары ыытаары, бэлэмнэнии үгэнигэр сылдьаллар эбит.
Оскуола төрөппүттэри кытта үлэтин биир бэлиэтинэн үҥкүүһүттэр сиэдэрэй таҥастарын Александра Аркадьевна Макарова салайааччылаах төрөппүттэр түмсэн тигиилэрэ буолара кэрэхсэбиллээх.
«Умнуллубат кэмнэрбит оскуолата «кинигэ оскуола кэрчик кэмнэрин сэгэтэн, араас сылларга үлэлээн ааспыт учууталлар ахтыыларын түмэн тахсыбытынан, үтүө өйдөбүнньүк итиэннэ бүгүҥҥү эдэр учууталларга үтүө сүбэһит быһыытынан сыаналаныаҕа диэн бэлиэтээн, кинигэни хомуйан таһаарбыт Вера Михайловнаҕа барҕа-махтал тыллара этилиннилэр.
Сахалыы сиэринэн толору астаах сандалы тардылынна.
Дьоро күн кыттыылаахтара, бэтэрээн учууталлара оскуола иллээх эдэрдии эрчимнээх үлэһиттэригэр, чуолаан, дириэктэр Николай Николаевич Свинобоевка куораттан анал массыыны кэлэ-бара хааччыйан, истиҥник-иһирэхтик көрсүһэн, ахтылҕан аргыстаах дьоһуннаах тэрээһини тэрийиигэ болҕомтолоох, ытыктабыллаах сыһыаннарын иһин махтанан, дуоһуйан ахтылҕаннарын таһааран тарҕастылар.
Августина ХАБАРОВА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: