Умнуллубат кэмнэрбит оскуолатыгар…

Share

Мэҥэ Хаҥалас улууһун бырааттыы Пономаревтар ааттарынан Томтор орто оскуолата 2022 сыл ахсынньытыгар 130 сылын бэлиэтээбитэ.

«Учуутал уонна аҕа сүбэһит» сылынан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, бу оскуолаҕа өр сылларга алын сүһүөх учууталынан, кэлин дириэктэринэн  үлэлээбит Вера Михайловна Владимирова араас сылларга үлэлээн ааспыт учууталлар ахтыыларын, хаартыскаларын ботуччу  хомуйан,  өйдөбүнньүк кинигэни бэчээккэ таһаарбытын сүрэхтэниитигэр биир идэлээхтэрин түмэн умнуллубат өйдөбүлү хаалларда.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр Томтор нэһилиэгин баһылыга Мирон Анатольевич Свинобоев, Томтор орто оскуолатын дириэктэрэ Николай Николаевич Свинобоев кинигэ үлэтигэр кыттан,  манна кэлэн олорор учууталларыгар итии-истиҥ тыллаах эҕэрдэ, махтал тылларын тиэртилэр.

Томтор орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Александра Афонская, Марфа Лебедева, Мефодий Пономарев Томтор туһунан истиҥ-иһирэх тыллардаах хоһооннорун доргуччу ааҕан иһитиннэриилэрин дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар.

Светлана Баишева туруоруутугар чороонноох үҥкүүнэн  үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ эҕэрдэлээтилэр.

Манна эбэн этэр буоллахха, Томтор орто оскуолата 1989 сылтан Даниловскай ааҕыылары (кэлин улуустааҕы) ыытар үтүө үгэһин ыһыктыбакка кэллэ.  Бу ый 21 күнүгэр улуустааҕы Даниловскай ааҕыылары ыытаары, бэлэмнэнии  үгэнигэр сылдьаллар эбит.

Оскуола төрөппүттэри кытта үлэтин биир бэлиэтинэн үҥкүүһүттэр сиэдэрэй таҥастарын Александра Аркадьевна Макарова салайааччылаах төрөппүттэр түмсэн тигиилэрэ буолара кэрэхсэбиллээх.

«Умнуллубат  кэмнэрбит оскуолата «кинигэ оскуола кэрчик кэмнэрин сэгэтэн,  араас сылларга үлэлээн ааспыт учууталлар ахтыыларын түмэн тахсыбытынан, үтүө өйдөбүнньүк итиэннэ бүгүҥҥү эдэр учууталларга үтүө сүбэһит быһыытынан сыаналаныаҕа диэн бэлиэтээн, кинигэни хомуйан таһаарбыт Вера Михайловнаҕа барҕа-махтал тыллара этилиннилэр.

Сахалыы сиэринэн толору астаах сандалы тардылынна.

Дьоро күн кыттыылаахтара, бэтэрээн учууталлара оскуола иллээх эдэрдии эрчимнээх үлэһиттэригэр, чуолаан, дириэктэр Николай Николаевич Свинобоевка куораттан анал массыыны кэлэ-бара хааччыйан, истиҥник-иһирэхтик көрсүһэн, ахтылҕан аргыстаах дьоһуннаах тэрээһини тэрийиигэ болҕомтолоох, ытыктабыллаах сыһыаннарын иһин махтанан, дуоһуйан ахтылҕаннарын таһааран тарҕастылар.

Августина ХАБАРОВА

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

4 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

7 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

8 часов ago