Унаардааҕым кытылыгар
Сайда, үүнэ тураҕын,
Сандаарар уоттардаах
Сайылык барахсан.
(Н. Егоров «Сайылык уоттара”)
“Сайылык уоттара” А.Калининскай-Луҥха Өлөксөй килиибин көрдүм. Табыллыбыт. Кыһын уонна сайын көстөрө сайылык туһунан өйдөбүлү өссө дириҥэтэр … Сайылык эйгэтигэр киллэрэр олус үчүгэй матыып. Саҥа күн саҕыллар санааларын иҥэрэр ырыа! Саҥа дьыл букатыннаахтык олохтонор киэһэтигэр сылаас тыыннаах дьиэни, өйдөһүүнү уонна сибэкки бэлиэлээх саха ырыатын түһүлгэтэ кэҥииригэр ситиһиини, айылҕаттан анаммыт сүдү айылгыҥ үрдүк мэҥэ халлааҥҥа сыыйыллан Айыы алгыһын өрүү ыла турдун!
Сылаас тыынынан илгийэр музыка…
Сайылык… Санаабар эмиэ оҕо саас. Хаһан эрэ, сопхуос баар эрдэҕинэ, сайылыкка көһүү улахан бырааһынньык этэ. Бүтүн бөһүөлэк аны кыһыныгар аһыыр аһа барыта бу сайылыктан тахсар курдук буолара. От-мас чэлгийэ тупсубут кэмигэр, көһөн тиийээт, түһүлгэни төрүттээн төгүрүччү олорон күөххэ күөлэһийэн аһааһын!
Оҕолор, биллэн турар, сүүрүү-көтүү, суолтата да суохтан күлүү-салыы, үрдэ суох үөрүү. Оччолорго ыаллыы хас да сайылык баара. Сайылык… Кубалаах сайылыгын өйдүү түһэбин. Дьоммутугар, элбэх оҕолоохтор диэн, муосталаах лааппы дьиэтин биэрбит этилэр. Аттынааҕы дьиэбитигэр Дьэлиэнэлээх дьиэлэрэ хатырык муосталааҕа. Онтон утары турар дьиэ көмүлүөк оһохтоох, буор муосталаах. Мин онно хас саастааҕым эбитэ буолла? Үөрэммэт этим…Кыра диэн үксүн чугаһынан да сир астата илдьибэт этилэр. Сайыһар аҕай этим. Оттон эдьиийим аах мин туохха ымсыырарбын билэр этилэр. Ол туохха ымсыырар этигиний диэтэргит, Натааһалаах Венера омурдубут ууларын тыбыыра-тыбыыра хатырык муостаны талах миинньигинэн харбыылларын ымсыыра көрөрүм. Ол иһин миэхэ ол миинньиги туттаран, сотору кэлиэх буолан баралларын өйдүүбүн. Мин ол аптаах миинньиги туппуппуттан олус дьоллонон ыалым дьиэтигэр хааларым. Көмүлүөх оһохтоох дьиэҕэ киэһэ аайы кэпсээн, остуоруйа истэ мустарбыт. Онно аан бастаан көмүлүөх оһох тыаһын истибитим, мас бэйэтэ ураты туспа сыттааҕын билбитим. Арай биирдэ ынахтар маҥыраһан, аймалҕан бөҕөнөн бу сүүрэн кэллилэр! Кэпсэтэ олорбут дьоммут бары таһырдьа харбыаластылар, ону тэҥэ биһиги эмиэ. Изабелла Саввична эһэбин ыҥырар. Онтубут тыатааҕы кырдьаҕас хас да сүөһүгэ бэлиэтин түһэрбит, биир ынахпыт суох. Ол түүн эһэм кураанах буочуканы сотору-сотору дирбийэр этэ… Түүннэри эдэр ыанньыксыттар бөһүөлэккэ тыллыы ыстаммыттара. Ол сайын билбитим, кырдьаҕас булдун эмиэ хаһаанарын…
Сайылык… Уус балаҕана. Бу сайылыкка оскуолаҕа үөрэнэр кэмим буолан өйдүүрүм үгүс эбит. Кэнники саҥаһым аахха Суонньалаахха хоно, мэниктии, дьэдьэннии диэн тиийэрим. Олох кэнники балтыларым үлэлээбит Толоон сайылыктара… Ол иэйии бу ырыаҕа барыта иһиллэр курдук…
Сибэккинэн симэммит оҕо саас сайылыга… Кыһын үрүҥ хаары бүрүнэн туран, биһигини суохтууруҥ буолаарай? Күһүн көмүс сэбирдэҕиҥ ырыатыгар, баҕар, биһиги күлэр куоласпыт тэҥҥэ иһиллэн ааһаарай? Сааһын, бастакы ньургуһун тыллыыта, сотору оҕолорум кэлиэхтэрэ диэн кэтэһэриҥ буолаарай?
Сайылык… Түптэ буруота, ньирэй мэҥирээһинэ, ыанньыйбыт ынахтар маҥыраһан лоҥкунатан, биэдэрэҕэ үрүҥ үүт сыыйылла туһэр матыыба, сибэкки, лыах, дьэдьэн сыта, собо минньигэс миинэ, күҥҥэ күлүмүрдүү сытар күөллэр, көлүччэлэр…
Сайылык… “Унаардааҕым кытылыгар үүнэ-сайда тураҕын, сандаарар уоттардаах Сайылык барахсан”. Итиннэ “Сайылык барахсан” хатыланыыта, онтон “сандаарар уоттардаах” хатыланыыта, ол кэнниттэн устуруоканы төхтүрүйэн ыллааһын Сайылык уоттара саҥаттан саҥа кэмҥэ өссө сандааран, өссө күүскэ сырдаан иһэрин чиҥэтэр курдук иһиллэр!
Кириэс Халдьаайыга билигин ыал барыта сайылык дьиэлээх. Түөлбэ түөлбэнэн саас күргүөмүнэн көһүү, бэйэтэ туспа сайылыктар. Даадар, Бүөр, Арҕаа Бас, Биэрэк… Бу килииби көрө олорон, олохпут сайылыктан тирэх ылар диэн өйдөбүлгэ кэлэҕин. » Сайылык уоттара» сайдыы туһугар илгийэр ураты салгыны биэрэр ырыа эбит. Өбүгэ сэргэтин кэриэтэ, киһи аймаҕы угуйа-ыҥыра туруоҕа Сайылык оһуордаах киэҥ сыһыытын дуолугар!
Сэгэлдьийэ Чээлэй суруйуута.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: