Салгыы
“Уоланнар” кэскиллээх бырайыактара

“Уоланнар” кэскиллээх бырайыактара

15.05.2023, 11:45
Хаартыскаҕа В.Пермяков түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Кэнчээри ыччаты төрөөбүт дойдуну таптыырга, өй-санаа, сиэрдээх буолуу өттүнэн иитиигэ үлэ оскуолаларга хайдах ыытылларый?

Урукку өттүгэр пионер, хомсомуол ыччакка суол­дьут сулус кэриэтэ буолбутун элбэх көлүөнэ истиҥник ахтар-саныыр. Салгыы “Дьулуур” өрөспүүбүлүкэ оҕолорун түмэр сомоҕо хамсааһын,  ол кэмҥэ Бэрэсидьиэн Егор Борисов өйөбүлүн ылан, тэрээһиннэр ньиргиэр­дээхтик, тиһиктээхтик ыытыллыбыттара. 2022 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев салайыытынан, төрөппүт сэбиэтэ баар буолбута. Сэбиэт иитэр-үөрэтэр үлэҕэ кыттааччыларга усулуобуйаны тэрийэр, төрөппүт уопсастыбаннаһын үөрэххэ тиһиктээхтик кытыннарар, туруоруллубут сыалы ситэрэр, кыһалҕаны быһаарар суоллары тобулар биир сомоҕо буолар соруктаах үлэлиир.

Манна сыһыары тутан эттэххэ, Уус Алдан улууһугар Тойон Мүрүтээҕи В.В.Алексеев аатынан «Уолан» гимназия үлэтин сүрүн сыалынан олоххо бэлэмнээх уонна сити­һиилээх уол оҕону иитии-үөрэтии буолар. Бу кыһаҕа уолаттары патриотическай тыыҥҥа иитиигэ болҕомто ууруллар.

Гимназияҕа бырайыактарынан ыытыллар үлэлэри дириэктэр Федор Федорович Татаринов, дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Уолан Васильевич Колодезников биһиги хаһыаппыт ааҕааччыларыгар, оскуолаларга анаан бу курдук сырдаттылар.

Хаартыскаҕа В.Пермяков түһэриитэ

“Удьуор утума”

– 2007 сыллаахтан саҕаламмыт бырайыак уол оҕо дьиэ кэргэнин, аймахтарын, биир дойдулаахтарын иннилэригэр эппиэтинэстээх буола улаа­тарыгар туһуланар. Ааптар – саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала Наталия Васильевна Бурцева.

Манна бэһис кылаас уолаттара куратордарын, төрөппүттэрин кытта “Удьуор утума” тэрээһини ыыталлар. Хас биирдии үөрэнээччи дьиэ кэргэнин кытта төрүччүтүн үөрэтэр, “Древо жизни” бырагыраамаҕа киллэрэр. Кини кылааһын, учууталларын, төрөппүттэрин иннилэригэр удьуорун утумун, киэн туттар аймахтарын туһунан кэпсиир.

Ити курдук, гимназияҕа киирбит үөрэнээччи сыл ахсын ыытыллар “Уолан” кыһыл көмүс пуонда бырайыактарыгар кыттар, саҥаттан саҥа үр­­дэллэри дабайар.

Дьулуурдаах, тулуурдаах буоларга

– Гимназияны төрүттээбит маҥнайгы дириэктэрбит Валентин Иванович Филиппов 1997 сыллаахха “Байыаннай-полевой хомуур” бырайыагы толкуйдаан олоххо киллэрбитэ. Бу, чахчы, хас биирдии үөрэнээччи оскуолатааҕы оҕо сааһын умнуллубат түгэнинэн буолар.

Бырайыакка кыттар уолаттар уонна эр дьон учууталлар сыл ахсын күһүн үстүү хонукка байыаннай олоххо олоробут. Алааска балааккаҕа хоно сылдьабыт. Манна биир тэҥҥэ стройдаан хаамарга эрчиллэллэр, Калашников аптамаатын ыһа-хомуйа үөрэнэллэр, сыал ыталлар, «Зарница» оонньууну сэргэ, араас тэрээһиннэр тэриллэллэрэ сүргэни көтөҕөр. Дьэ, маннык үөрэх уол оҕону төрөөбүт дойдунан киэн туттуу, эппиэтинэстээх буолуу тыыныгар иитэр. Аҕа сүбэтэ, улуус­тааҕы байыаннай комиссариат, ис дьыала отделын үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр сүбэлэрэ манна хайаан да кытталлара төһүү буолар.

Бэлисипиэтинэн айан

– 1999 сылтан саҕалаан саас аайы ыытыллар бэлисипиэтинэн айан бырайыагын оҕолор наһаа сөбүлүүллэр, күүтэллэр. Манна ахсыстар күннүүллэр. Бырайыагы көҕүлээччилэринэн черчение учуутала Надежда Дмитриевна Попова, үөрэх управлениетын мэтэдииһэ Анатолий Андреевич Никифоров буолаллар.

Аҕа сүбэтэ уонна кылаас кэлэктиибэ ханан, хайдах айанныылларын эрдэттэн сүбэлэ­һэллэр. Онон көлөнү көрүнүү, бэлэмнэнии эрдэттэн барар. Айанньыттарбыт манна бы­­лааҥҥа киллэриллибит нэһилиэккэ ыалдьыттыыллар, устуо­руйатын, киэн туттар дьонун туһунан билиһиннэрэр түмэлгэ сылдьаллар, өйдөбүнньүктэргэ тохтоон ыраастыыллар, тулатын өрө тардаллар, бэрээдэктииллэр. Маны таһынан, эрдэ кэпсэтии ыытыллан, олохтоох оскуола үөрэнээччилэрин, бэтэрээннэри, бастыҥ үлэһиттэри кытта көрсүһэллэр. Оҕолор бөлөҕүнэн хоһоон ааҕан эҕэрдэлииллэр. Маннык айаҥҥа гимназистар билиилэрэ-көрүүлэрэ хаҥыыр, ыраас салгынынан тыыналлар, тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга үөрэнэллэр.

Мүччүргэннээх түгэннэри ааһаллар

“Экстрим-похуот” 1995 сылтан ыам ыйыгар ыытыллар. Бу үрдүкү кылаас оҕолоругар анаан толкуйдаммыт бырайыак. Ааптар – Валентин Иванович Филиппов. Манна сүрүннээн онус кы­­лаас үөрэнээччилэрэ кытталлар. Бу ыксаллаах быһыыга-майгыга ыараханы тулуйарга, булгуруйбат кытаанах санаалаах, хайдахтаах да харгыһы тулуйан туоруур буоларга иитэр-така­йар сыаллаах-соруктаах толкуйдаммыт бырайыак.

Икки-үс күннээх похуокка историческай бэлиэ сирдэргэ, өйдөбүнньүктэргэ тохтууллар, нэһилиэк, улуус устуору­йатын билсэллэр. Алаастарга, өтөхтөргө хоно сылдьан, уоланнар астарын-үөллэрин бэ­­йэлэрэ астаналлар. Тыыл, үлэ бэтэрээннэрин кытта көрсү­һэллэр, кинилэргэ көмөлөһөллөр. Саастыылаахтарын кытта эмиэ көрсөн санааларын атастаһаллар, күрэхтэһэл­лэр. Оҕолор доҕордуу истиҥ сыһыан, бэйэ-бэйэҕэ хардарыта көмөлөсүһүү диэн тугун билэ улааталлар. Бу похуокка былааны кылаас кэлэктиибин кытта Аҕа сүбэтэ, гимназия салалтата сыл ахсын туох эрэ ураты сүүрээни киллэрэн, толкуйдаан оҥороллор.

Хаартыскаҕа В.Н.Пермяков түһэриитэ

Улуу Кыайыы 78 сылынан

Быйыл ыам ыйын 4-5-6 күннэригэр онус кылаас 26 уолана дириэктэр Федор Федорович Татаринов, иитэр үлэҕэ солбуйааччы Уолан Васильевич Колодезников, ОБЖ учуутала Иннокентий Васильевич Жирков уонна эбии үөрэхтээһин педагога Василий Николаевич Пермяков салалталарынан экстрим-похуокка сылдьан олус сэргэхси­йэн, үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн кэллилэр.

– Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө бохуот кыттыылаахтара “Бороҕон – Сыырдаах – Кыыс Хаҥа – Күөл эбэ — Бэйдиҥэ” маршрутунан 60 км сатыы сырыттыбыт. Уолаттар өйүөлэрин, уларыттар, утуйар таҥастарын барытын сүгэ сылдьаллар. Бэрт Ууһун нэһилиэгэр үлэҕэ быйыл киирбит икки мэндиэмэннээх таас оскуолаҕа экскурсиялаатыбыт. Олохтоох оҕолору кытта волейболга күөн көрсүһүү бэрт сытыытык ааста. Манна успуорт саалатыгар хоннубут.

Сарсыныгар кэпсээҥҥэ киирбит Кыыс Хаҥа алааска тиийдибит. Саха дьонун сиэринэн, ытык сири алаадьынан айах тутан бэлиэтэннибит. Бар дьонугар бөдөҥүнэн, күүһүнэн, сымсатынан, көнө майгытынан биллибит Майаҕатта Бэрт Хара олорон ааспыт сирин астына, киэн тутта көрдүбүт, пааматынньыгын таһыгар хаартыскаҕа түстүбүт, балаҕаныгар эбиэттээн аастыбыт. Онтон Өлтөх нэһилиэгин “Күөл эбэ” сиригэр сылгы баазатыгар тиийэн, саханы саха дэтэр Дьөһөгөй оҕотун иитии, көрүү үлэтин, түбүгүн билистилэр. Бааза үлэһиттэригэр эһиилги кыстык мас бэлэмигэр көмөлөстүлэр. Манна үүтээҥҥэ аһаан, хонон уолаттар өссө астыннылар. Биллэн турар, киин сир оҕолоругар барыта сонун буоллаҕа. Үһүс күммүтүгэр Өлтөх нэһилиэгэр А.Н.Жирков аатынан Бэйдиҥэ орто оскуолатыгар тиийдибит. Манна олохтоох оҕолору кытта холбуу этэрээттэргэ арахсан ыстаансыйаларынан интеллектуальнай оонньууга кытыннылар.

Экстрим-похуокка уолаттар сыллата араас мүччүргэннээх түгэннэри ааһаллар. Ол курдук быйыл халыҥ хаардаах дьыл буолан, тыа, алаас суола барыта уу, бадараан. Тыаҕа тобуктарыгар диэри хаары кэһэ сырыттылар. Сорох сиргэ быһалыы бараары, дириҥ ууну тэпсэн туораатылар, халтарыйан ууга да түһүү баара. “Мүрү” сис­тиэмэ турбатын батыһа барарбытыгар сир сиҥнибит буолан, балайда сири синньи­гэс турбанан хааман туо­раатылар. Дьэ ити курдук, эһиилги экстрим-похуокка диэри уура сылдьан кэпсэнэр умнуллубат түгэннэр буолааччылар. Сааскы айылҕабытыттан күүс-уох ылан, дуоһуйа сынньанан, бары да олус астынныбыт. Манна сыһыаран эттэххэ, биһиги ик­­киэн “Уолан” гимназияны бүтэрбиппит. Онон таптал­лаах кыһабыт бу быра­йыактарыгар кыттан, буһан-хатан, ­уһаарыллан, эппитинэн-хааммытынан билэбит. Уонна бырайыактар сити­һиилээхтик салҕанан иһэллэригэр ис сүрэхпититтэн кыһаллабыт.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: