Уолаттар этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күүтэбит

Share

Уолбут Вася Москва госпиталыгар сытан эмтэннэ. Кини «Саха волонтердар» салайааччыларыгар Туйаара Константиноваҕа махтанар.

Кинилэр уолбут Дьокуускайга көтүөр диэри көмөлөспүттэр, өйөбүл буолбуттар. Ол иһин: «Дойдугуттан ыраах баар кэмҥэр өйөбүл, тирэх буолар дьоннор бааллара олус да үчүгэй», — диэн этэр буоллаҕа.

Уолбут этэҥҥэ эргиллэн кэллэ. Хантараагын өссө уһатар уонна салгыы барар былааннаах. Дьиҥэр, ыараханнык бааһыран Москваҕа 3 ый курдук үс госпиталынан көһөрө сылдьаннар хаста даҕаны моонньугар эпэрээссийэ оҥордулар. Аны бу чөлгө түһүү уоппускатын кэнниттэн, Москваҕа Бурденко аатынан госпитальга киирэн салгыы эмтэниэхтээх уонна эпэрээссийэлэниэхтээх. Онтон салгыы байыаннай дьайыыга төннүү…

Биһиги, төрөппүттэрэ, биллэн турар уолбутун ыытыахпытын баҕарбаппыт. Ону истиэн да баҕарбат. Наар анараатах хаалбыт доҕотторун саныыр, ахтар. «Хайдах сылдьаллара буолла?» диэн сороҕор биир сиргэ таба олорбот да буолар. «Биһиги хайаан да эйэлээх олоҕу уһансыахпыт диэн эрэнэбин, ону мин доҕотторбун кытары биир кэккэҕэ туран туруулаһыахтаахпын» диэн этэр. Мин уолум этиитигэр эбэрим суох. Дьылҕа хаан ыйааҕа оннук буоллаҕа эрэ диибин. Оҕолорбут бары дьиэлэригэр этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин күүтэбит.

Иван Сивцев — Бээди

What’s your Reaction?
+1
11
+1
1
+1
0
+1
0
+1
4
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago