Уолаттарбыт байыаннай олоххо үөрэнэллэр

Сунтаарга онус кылаас уолаттарыгар байыаннай олоххо үөрэтэр биэс күннээх хомуур саҕаланна. Уопсайа 111 уол оҕо хабылынна.
Хас биирдии оҕо маһынан Калашников саа оҥостон, биэс күннээх байыаннай үөрэххэ улаханнык бэринэн-тэринэн кэлэр. 2004 сылтан Уустуйа оскуолатын базатыгар биэс күннээх байыаннай үөрэххэ улууспут бары уолаттара уһуйуллаллар. Быйылгы байыаннай үөрэхтээһин хомууругар улуус үрдүнэн 111 оҕо хабылынна.














Арыылаахтан Георгий Николаев дорҕоонноох ырыатынан байыаннай олох күнэ саҕаланар. Эрдэ турууттан саҕалаан, стройдаан туруу, араас хабааннаах үөрэхтээһин, караул, аптамааты ыһыы-таҥыы, бастакы көмөнү оҥоруу — барыта манна баар.
Сыл аайы бу үөрэхтээһиҥҥэ Сунтаар Ис дьыалатын отдела көхтөөх кыттыыны ылан лиэксийэ ааҕар, профилактика үлэтин ыытар.
Кэнники сылга дойдубут дьоруойдарын үйэтитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Быйыл анал байыаннай дьайыы байыастарын төрөппүттэрэ биэс бириис туруоран, күрэс тэрийиэхтэрэ.
ТУСКУЛААНА ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: