Уолаттарбыт санаалара бөҕөх

Share

Бу күннэргэ Арассыыйаҕа Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева, СИА кэрэспэдьиэнэ Николай Борисов уонна мин буолан, Запорожье хайысхатыгар Саха сириттэн сылдьар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын көрсөөрү Новоазовкаттан туруннубут.

Айаннаан иһэн көрдөххө, улахан киирсиилэр содулларын туоратыы үлэтэ күүскэ бара турара харахха тута быраҕыллар. Ол курдук, күөрэ-лаҥкы барыар диэри илдьи тэпсиллибит уулуссалары барытын кэриэтэ чөлүгэр түһэрэн саҥардан аспааллаабыттар. Мариупольга кэлбиппит уулуссаларын оҥоруу үксэ үмүрүтүллэн, өссө сорох учаастактарга светофордар туран, саҥа олох саҕаланан эрэр диэбиттии, «күөх уотунан” чаҕылыҥныыллар. Маҕаһыыннар, кафелар үлэлээннэр, быдан сэргэхсийии барбыт. Былырыын сэтинньи-ахсынньы ыйдарга «Донбасска — 20 күн” диэн “Саха сирэ” хаһыакка эрэдээктэрдээбит, билигин Амма улууһун Эмис нэһилиэгэр баһылыктыыр Прокопий Бубякин волонтердаабытын туһунан үс ыстатыйата тахсыбыта. Онно кини «Уруккута тимири уһаарар, билигин 11 квадратнай килэмиэтиргэ тиийэр аарыма иэннээх тимир уонна бетон былаастаах урусхалламмыт сиргэ тиийдибит. Олоҥхоҕо кэпсэнэр аллараа дойдуну бу “Азовсталь” билиҥҥи көрүҥүнэн ойуулуохха сөп буолуо”, — диэн суруйбута олус дьулаан этэ. Билигин да ол урусхалламмыт собуот ыраахтан харааран, күлүгүрэн көстөр эрээри, аттынан ааһар суолу-ииһи барытын көбүс-көнөтүк аспааллаабыттар. Онон араас хабааннаах тимир көлөлөр быыстала суох сыыйыл-
лаллар. Онно үлэ күөстүү оргуйар.

Уолаттарбытыгар

Мариуполы ааһан уолаттарбыт диэки айаны туттубут. Үс чаас кэриҥэ айааннаан уолаттарбыт түһүүлэнэн сытар “баазаларыгар” үктэннибит. Биһиги тиийэрбитин эрдэттэн сэрэппит буоланнар, аттынааҕы “учаастактартан” байыастар кэлэн олороллоро. Уолаттарбыт биһигини ис сүрэхтэриттэн үөрэн-көтөн көрүстүлэр. Ол курдук, сахалыы сиэринэн отууга курдук итии чэйдээх көрсөн биһиги эмиэ уйадыйа үөрдүбүт. Кып-кыра кылам түгэҥҥэ сайылыкка оттуу сылдьар курдук сананныбыт. Биллэн турар, оннук турук уһаабата — бүтэҥи тыастар дуорааннара ханна сылдьарбытын тута санаттылар.

Арассыыйаҕа Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Светлана Диодорова-Лаврентьева уолаттарга ыраахтан соһон илдьибит эмтэрин-томторун, оскуола оҕолоро оҥорон ыыппыт харысхалларын уонна ыыһаммыт убаһа этин туттартаата. Уолаттарбыт барахсаттар үөрүүлэрэ муҥура суох. “Ыраах Саха сириттэн уолаттарбытыгар күүс-көмө буолаары кэллибит. Байыастарбыт хайдах-туох сылдьалларын илэ харахпынан көрдүм, туохха наадыйалларын кэпсээтилэр”, — диэн Светлана Диодорова-Лаврентьева санаатын үллэһиннэ.

Уолаттарга (ааттарын биллэр төрүөтүнэн эппэппин) “Саха сирэ” уонна “Якутия” хаһыат кэлиҥҥи нүөмэрдэрин илдьибиппин туттартаатым, «Төрөөбүт тылбытынан, сахалыы аахпатахпыт быданнаата, киэһэлик сынньалаҥ соҕус кэмҥэ бүччүмнээн олорон ааҕыахпыт буоллаҕа», — дэстилэр.

Дьокуускай — Запорожье.

«Художник» (позывнойа):
— Этэҥҥэ сулууспалыы сылдьабын. Эдьигээн улууһун олохтоохторугар, чугас дьоммор эҕэрдэбин ыытабын. Соторутааҕыта баһылыкпыт кэлэн барбыта, улууспут дьонуттан көмө аҕалбыт этэ. Түгэнинэн туһанан, ис сүрэхпититтэн махтанабыт.

«Юла» (позывнойа):
— Саха сирин ытык-мааны дьоно-сэргэтэ, үтүө күнүнэн! Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан сылдьабын. Онус ыйбын сылдьабын, сырыы этэҥҥэ. Инники кирбиигэ баарбын. Бу сынньана диэн тахса сылдьабыт. Сахам дьонугар өссө төгүл эҕэрдэбин тиэрдэбин. Бары бииргэ буолуоҕуҥ, сомоҕолоһуоҕуҥ. Хайаан да кыайыахпыт.

«Бэтмен» (позывнойа):
— Быыс буллум да дьоммун кытта төлөпүөнүнэн кэпсэтэ турабын. Барыта этэҥҥэ. Сотору кыайыахпыт, сотору эргиллиэхпит. Эминэн-томунан хааччыллыыбыт үчүгэй. Подразделение аайы миэдиктэр бааллар, кинилэр тиһигин быспакка доруобуйабыт туругун көрөн-истэн бараллар. Олус сииктээх эрээри, сайын буолан ама соҕус. Күһүн, кыһын сиик бааһа тахсан эрэйдээччи.

«Тайфун» (позывнойа):
— Бүлүү улууһуттан сылдьабын. Былырыын алтынньыга мобилизацияламмытым, онон тохсус ыйбын сылдьабын. Этэҥҥэ сулууспалыы сылдьабын. Кэргэммэр, ийэбэр, убайдарбар, бырааттарбар, аймахтарбар эҕэрдэбин тиэрдэбин. Оннук-маннык сымыйа усках сонуннарга олох итэҕэйимэҥ. Биһиги кыайыахпыт!

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мировой сууттар үлэлэригэр уларыйыылар киириэхтэрэ

Арассыыйа Юстицияҕа министиэристибэтэ суут үлэтигэр сыһыаннаах саҥа бырайыагы бэлэмнээтэ диэн Ил Түмэн иһитиннэрэр. Мировой суукка…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

5 часов ago