Уолаттарга тыын көмөлөөх аҕыс хайысхалаах хамсааһын

Share

Байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарга көмөлөһөр “Якутия с тобой!” Саха сиринээҕи уопсастыбаннай хамсааһын 2022 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр тэриллибитэ.

Ол кэмтэн хос бэрэссэдээтэлинэн Анна Николаевна Ефимова үлэлиир. Ыстаап 8 хайысхалаах: байыаннай таҥаһы тигии, хаххалыыр сиэккэни баайыы, окуопаҕа туттуллар чүмэчилэри оҥоруу, улуустарга, тэрилтэлэргэ маастар-кылаастары тэрийии, аадырыстаммыт баһыылканы, гуманитарнай көмөнү ыытыы, нэһилиэнньэттэн гуманитарнай көмөнү хомуйуу, харысхаллары оҥоруу.

Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.
Хаартыска: Анна Ефимова тиксэриитэ.

2022 сыллаахха иистэниини тэрийэр сыаллаах Анна Николаевна бэйэтин илиинэн тигэр массыынатын аҕалбытын, волонтердар былдьаһа-былдьаһа тигэн киирэн барбыттар. Онно биһиги да сыах тэринэн үлэлиэхпитин сөп эбит диэн санаа киирбит. 2023 сыл кулун тутар бүтүүтэ тигэр сыах аһыллыбыт. “Швейный парк” маҕаһыын 3 бырамыысыланнай тигэр массыынаны, биир бырамыысыланнай оверлогы бэлэхтээбит. Билиҥҥи туругунан 2417 волонтер кэлэн көмөлөспүт, ол иһигэр 128 иистэнээччи. Сыахха 41 киһи күн аайы кэлэн иистэнэллэр, сорохтор дьиэлэригэр тигэн аҕалаллар.

“Саамай аҕа саастаах иистэнньэҥмит Иванова Альбина Михайловна 82 саастаах, онтон таҥас быһааччыбыт 70 сааһыттан тахсыбыт Дарья Сергеевна Яковлева сыах хара аһыллыаҕыттан үлэлиир. Урут “Сардаана” фабрикаҕа саҕынньах, унтуу тигэр эбит, хаһан да таҥаһы быспатах киһи билигин биһиэхэ саамай тутаах киһи буола сылдьар, — диэн махтана кэпсиир Анна Николаевна. — Араас идэлээх дьон түмсэн үлэлии сылдьабыт: учууталлар, огранщиктар, медсиэстэрэлэр, бухгалтердар, экэнэмиистэр, атыыһыттар, юристар. Уопсайа 12 бырамыысыланнай тигэр массыыналаахпыт, 4 бырамыысыланнай оверлоктаахпыт, алта бытовой массыыналаахпыт. Массыыналар күн аайы тигинэччи үлэлиир буоланнар, ардыгар алдьанааччылар. Оннук түгэҥҥэ Афанасий Беляев диэн маастар кэлэн,буор-босхо оҥорон биэрэр. Онон киниэхэ махталбыт улахан. Уопсайа, иистэнньэҥнэр 52 араас көрүҥнээх 23 тыһыынчаттан тахса таҥаһы тиктилэр, ол иһигэр 1808 араас көстүүмү, флисовай, истээх дождевиктары, снайпердарга аналлаах таҥастары.

Майаҕа “Түмэн” түмсүү диэн филиаллаахпыт (салайааччы Мария Дмитриевна Лукина), ону таһынан Бүлүүтээҕи көмө оҥорор пуун (салайааччы Томская Мария Петровна), Уус Алдантан “Помощь волонтерам” (салайааччы Никитина Саргылаана Петровна), “Патриот” диэн тигэр сыах (салайааччы Шадрина Валентина Николаевна), Кэбээйи улууһуттан Сииттэ дьон-сэргэтэ уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо туора турбакка көмөлөһөллөр”.

Госпиталларга көмө оҥороллор, 115 туонна 387 киилэ гуманитарнай көмө ыытыллыбыт, ол иһигэр 2187 аадырыстаах баһыылка барбыт. Уопсайа 10 тыһ. кв.м. тахса иэннээх хаххалыыр сиэккэни баайан ыыппыттар. Байыаннай дьайыы буола турар сириттэн уолаттар бэйэлэрэ тахсан сакаас оҥороллор, ону таһынан биирдиилээн уолаттар эмиэ ылан бараллар эбит. Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев бэйэтин биригээдэтин уолаттарыгар 8 устуука флисовай көстүүмү (онно куурка, ыстаан, кээнчэ, бэргэһэ кэмпилиэгэ киирэр) уонна тиэхиньикэри сабар хаххалыыр сиэккэни сакаастаабыт. Ону барытын кылгас кэмҥэ тигэн, баайан биэрбиттэр.

“Сайын Ил Дархан 1 мөл. 300 солк. гранын ылбыппыт, — диэн салгыы кэпсиир Анна Николаевна. — Бу биһиэхэ улахан төһүү күүс буолла, манна сүрүннээн флисовай көстүүм матырыйаалларын, плащевкалары ылбыппыт, бу ылбыппытынан күн бүгүҥҥэ диэри тигэ олоробут. Халлаан тымныйан уолаттар үксүлэрэ флисовай көстүүмү сакаастыыллар, онон кээнчэлэри, бэргэһэлэри тигэ-тигэ илиилэригэр туттаран иһэбит. Боруоҥҥа сылдьар уолаттар, мантан таҥнан, тэринэн барбыт байыастар киирэн, махтанан ааһааччылар. Оччоҕо наҕараадаҕа тиксибит саҕа сананабыт. Ахсынньы ортотугар биһиэхэ уоппускаҕа кэлэ сылдьар уол кэлбитэ, кини урут Саҥа дьылга уһуйааннарга, оскуолаларга Тымныы Оҕонньор буолар эбит. Ол кэлэн: “Уоппускаттан төннөрбөр Тымныы Оҕонньор таҥаһын кэтэн тиийэн, уолаттарбын үөрдүөм, бэлэх биэриэм этэ” диэбитэ. Биһиги ол иннинэ 80-ча бэлэҕи хайыы-үйэ ыыппыппыт, ол да буоллар кини этиитин ылынан, 100 бэлэҕи оҥорон массыынанан ыыттыбыт. Оттон уолбут бу күннэргэ сөмөлүөтүнэн көтөн, бэлэҕин кытта тэҥҥэ тиийэн, уолаттарыгар түҥэтиэхтээх. Бу бэлэххэ туох киирдэ диир буоллахха, минньигэс ас, баайыы наскылар, харысхал кинигэтэ, волонтердар эҕэрдэ суруктара, оскуола үөрэнээччилэрэ бэйэлэрин сонуннарын кэпсиир суруктара.

Биһиги ыстааппыт Дьокуускай куорат Бестужев-Марлинскай уулуссатын 5 №-гэр (ДОСААФ олбуорун иһигэр) сарсыарда 10 ч. киэһэ 19  ч. диэри үлэлиир. Субуотаҕа 17 ч. диэри үлэлиибит, баскыһыанньаҕа өрүүбүт. Уоппуска кэмигэр, иллэҥ күннэргитигэр кэлэн көмөлөһүөххүтүн сөп. Кыайыы туһугар сэмэй кылааккытын киллэрэргитин баҕарабыт!”

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саҥа дьыл түүнүгэр 1988 сылга бэлиэтэммит тымныы хатыланыа

Ахсынньы 31 күнүгэр Саха сиригэр тымныы өссө күүһүрүө. Саҥа дьыллааҕы түүнүгэр ордук тымныы буоларын сылыктыыллар. Дьокуускайга…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Уһун өрөбүллэргэ маастар-кылаастарга сылдьыҥ

Е. Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы түмэлгэ ахсынньы 28 күнүттэн тохсунньу 13 күнүгэр диэри маастар-кылаастар, тиэмэлээх экскурсиялар…

11 часов ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Подъезка утуйан туран харчытын уонна төлөпүөнүн уордарбыт

Дьокуускайга полицейскайдар 36 саастаах эр киһини туттулар. Бу киһи ыаллыы олорор подъезка утуйа сытар киһиттэн…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр 334 бырайыак кыайыылааҕынан ааттанна

Саха сиригэр 2025 сыллааҕы олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама куонкуруһун түмүгүн таһаардылар. Куонкурус сайаапкаларын бу сыл…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

Видео: Өлүөхүмэҕэ ОДьКХ үлэһиттэрэ оҕолору Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтилэр

Саха сиригэр социальнай ситимнэринэн Саҥа дьыл бырааһынньыктааҕы биллэр угуйугу санатар Саҥа дьылынан оҕолору эҕэрдэлиир видео тарҕанна. Бу…

12 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Аны саас төрүт култуура чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа

2025 сыл сааһыгар өрөспүүбүлүкэҕэ “Будущие носители “Идэтийии” төрүт култуураҕа идэтийбит маастарыстыба I чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа. [gallery…

12 часов ago