«Уолаттарым тустарыгар санаам бөҕөх»
Икки уолун байыаннай эпэрээссийэҕэ атаарбыт ийэ Марина Бахилина санаата.
Үс уолу соҕотох улаатыннарбыт Маҕан олохтооҕо Марина Бахилина икки уола байыаннай эпэрээссийэҕэ сылдьар. Үһүс уол бэбиэскэ күүтэр. Бу күннэргэ Марина Константиновнаны кытта көрсөн кэпсэттим.
Кыраларыттан успуорка уһуйбутум
– Мин үс уоллаах ийэбин. Уолаттарбын соҕотох улаатыннарбытым. Маҕан орто оскуолатын бүтэрэн баран, аармыйаҕа сулууспалаабыттара. Бэйэм эдэр эрдэхпиттэн успуорка дьоҕурдаах этим. Кыһыҥҥы многоборьеҕа успуорт маастарабын, буулдьанан ытыыга бастакы разрядтаахпын. Оҕолорбун кыра саастарыттан айылҕаҕа сырытыннаран, успуорка уһуйан ииппитим. Алын сүһүөх кылааска үөрэнэ сылдьан балаакканы туруорар, хомуйар, кутаа оттон чэй өрөр этилэрэ. Биэс-алта саастарыттан тэллэйдии, сир астыы тэҥҥэ сылдьаллара. Ханнык да үлэттэн толлон турбат көнө, судургу майгылаахтар. Улахан уолум уон сыл устата буоксанан үлүһүйэн дьарыктаммыта, орто уол хапсаҕайдьыт, мас тардыһааччы. Илиинэн киирсиигэ успуорт маастара. Кыра уол эмиэ сүүрүүнэн, волейболунан дьарыктаммыта. Онон уол оҕону кыра сааһыттан успуорка биэрдэххэ, эрдэҕэс саастарын холкутук аһараллар эбит дии саныыбын.
Уустук 90-c cылларга…
– Соҕотох ийэ үс уолу иитэргэр туох уустуктары көрсүбүккүнүй?
– Соҕотох ийэҕэ үс уолу иитэр уустук дии саныыр дьон элбэх. Ол эрээри бэйэм оҕо эрдэхпиттэн «спартанскайдыы» иитиллибит буоламмын, уолаттарбын эмиэ оннук бэрээдэккэ ииппитим. Ол да иһин улахан уустуктары көрсүбэтэҕим. Сайын ахсын оҕолорум “Маҕан” сопхуос иһинэн тэриллэр үлэ, сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьаллара. 14 саастарыттан уолаттары окко ылаллара, сайын устата оттоон-мастаан бөҕөргөөн кэлэллэрэ. Кыра саастарыттан дьиэ ис-тас үлэтигэр өрүү көмөлөһүннэрэр этим. Үс уол бары да араа-бараа саастаах буоланнар, бэйэлэрин икки ардыгар эйэлээх, куруук бэйэ-бэйэлэрин көрсө сылдьааччылар этэ. 90-c сылларга хамнас кэлбэт уустук кэмнэригэр улахан уолум лааҕырга үлэлээн бастакы хамнаһын аҕалан баран улахан киһи курдук туттан туран: «Ийээ, бу хамнаспын аҕаллым, ас-үөл атыылаһыаҥ дии», – диэбитин олох умнубаппын. Ити курдук кыраларыттан эппиэтинэстээх, бэрээдэктээх уонна боччумнаах этилэрэ. Ийэ быһыытынан уолаттарбын мээнэ атаахтаппат этим. Хайдах эрэ табаарыстыы сыһыаны олохтуурум. Атаахтатарга бириэмэ да тиийбэт буоллаҕа. Сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри үлэ этэ. Оччолорго Маҕан пуордугар үлэлиирим, 1982 сылтан 1997 сылга диэри онно үлэлээбитим.
«Берегиня» оҕо дьиэтин иитиллээччилэрин астыырга үөрэтэр түгэнтэн
2000 сыллартан «Берегиня» диэн оҕо иитэр дьиэҕэ асчытынан үлэлиибин. Дириэктэрбит Елена Павловна Ефремова «Берегиняны» үрдүк таһымҥа таһаарда диэн этиэхпин баҕарабын. Манна, саамай сүрүнэ, оҕо оҕону атаҕастыыра, күүс өттүнэн өттөйөрө диэн суох. Асчыт буоларым быһыытынан, баҕалаах оҕолору астыырга үөрэтэбин, ордук уолаттар баҕалаахтар. Бэрэски, пицца астыыллар. Биир дьиэ кэргэн курдук олоробут. Маҕантан сарсыарда алтаҕа оптуобуска олорон үлэбэр үөрүүнэн кэлэбин. Билигин да успуортан тэйбэппин. Үлэбитигэр теннистиибит, успуордунан дьарыктанабыт. Оҕолорбор, сиэннэрбэр холобур буолуохпун баҕарабын. Киһи олоххо көхтөөх буолуохтаах.
Эдэрим буоллар, бэйэм эмиэ барыам этэ…
– Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэнэн быстах байыаннай хомуур саҕаламмытыгар ийэ киһи искэр долгуйбутуҥ буолуо, ити туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Билигин уолаттарым номнуо бэйэлэрэ ыал аҕалара. Отуттарын лаппа ааспыт дьон. Мин ийэ киһи, кинилэр дьиэ кэргэннэрин олохторугар орооспоппун. Оҕолорум этэҥҥэ эрэ олордуннар дии саныыбын. Кинилэри улаатыннаран киһи-хара оҥорбутум, онон олохторугар туох быһаарыныы ылыналларын бэйэлэрэ билэр буоллахтара.
Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэ саҕаланаатын кытта икки улахан сулууспалыы барбыттара. Орто уолум олунньу 24 күнүгэр, оттон улахан уолум бу ааспыт күһүн балаҕан ыйыгар барбыта. Кыра уолбар бэбиэскэ кэлбэккэ, иһигэр хомойор этэ. Ийэ киһи буоларым быһыытынан, испэр син биир долгуйбутум, ол эрээри оҕолорбун кыра саастарыттан дойдуга бэриниилээх буоларга ииппит, үөрэппит буоламмын, санаам бөҕөх. Орто уолум улаханнык бааһыран кэлбитэ. Уссурийскайга чөлүгэр түһэр эмтэниини ааспыта. Билигин салгыы сулууспалыы сылдьар, байыаннай эпэрээссийэҕэ барааччылары үөрэтэр. Үс уолу улаатыннарбыт ийэ буоларым быһыытынан, элбэх оҕолорунан, кыаммат төрөппүттэринэн куоһурданан куотунар дьону олох өйдөөбөппүн. Сааспынан арыый эдэрим буоллар, билигин 58-ым, походнай куукунаҕа мин да асчытынан барыам этэ. Саллаакка саамай сүрүнэ – сылаас аһылык. Итии миин, хааһы сиир саллаат тоҥмот-хаппат, ыалдьыбат буоллаҕа.
Уолаттары уйулҕа өттүнэн өйүөххэйиҥ
– Биир кэмнээх 200 тыһыынча солкуобайы уонна бааһырыы иһин төлөбүрү ылбыттара дуо?
– Улахан уолум ылбыта. Орто уолум бааһырыытын иһин төлөбүрүн эмиэ ылбыта. Мин саныахпар, байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбит уолаттарбытыгар уйулҕа өттүнэн улахан көмө наада. Орто уолум улаханнык бааһырбытыгар, Москваҕа Вишневскэй аатынан Красногорскай госпиталыгар муус устар 26 күнүгэр көрсө тиийбитим. Онно көрүдүөр устун хааман иһэн палаатаҕа сытар уолаттары көрдөхпүнэ, иччитэ суох харахтарынан мээнэ түннүгү, истиэнэни көрө сытар буолаллара. Бу кинилэр тас эрэ эчэйииттэн буолбакка, уйулҕалара эчэйэн, олоххо интэриэстэрэ сүтэн сыталлар быһыылааҕа. Онно испэр, бу оҕолорбутун этэҥҥэ олоххо төнүннэрэргэ, уйулҕа өттүнэн чөлгө түһэриигэ улахан үлэ ыытыллыан наада эбит дии санаан аһарбытым. Араас майгылаах, араас иитиилээх уолаттар сулууспалыы тиийэллэр. Олоххо көрүүлэрэ араас буолар. Онон байыаннай эпэрээссийэттэн кэлбит дьоммутун өйүүр, чөлгө түһэрэр үлэни тэрийэр туһуттан Уопсастыбаннай палаатаҕа СӨ саллааттарын ийэлэрин кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Емельянова, Мария Софронова, Анжелика Андреева, ону сэргэ мин курдук оҕолоро сулууспаҕа сылдьар ийэлэр, сулууспалаан кэлбит дьон кыттыылаах мунньахтаабыппыт. Сорох маннык эчэйэн кэлбит кэргэнэ, дьоно-сэргэтэ суох дьон олоххо интэриэстэрин сүтэриэхтэрин сөп. Онон ити мунньахха маннык соҕотох хаалбыт дьоммутугар чөлгө түһэрэр киини тэрийии туһунан эмиэ кэпсэтии тахсыбыта. Биһиги, ийэлэр, тус санаабытын үллэстибиппит. Уустук кэмҥэ санаа атастаһыы хайаан да наада буоллаҕа. Түгэнинэн туһанан, байыаннай эпэрээссийэҕэ оҕолорун ыыппыт ийэлэр уонна тус бэйэм ааппыттан Ил Дархаммытыгар Айсен Николаевка уолаттарбытыгар болҕомтотун уонна үп-харчы өттүнэн көмөтүн иһин махталбын тиэрдэбин.
Эбэн эттэххэ
Марина Константиновналыын ирэ-хоро кэпсэппиппит кэннэ, арай олус үөрэн киэһэ эрийэр. Кинини сэтинньи ортото Москва куоракка Ийэ күнүн бэлиэтииргэ, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсүһүүгэ ыҥырбыттар. Бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха сириттэн биэс ийэ барар буолбут.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: