Уолба уордьаннаах уола Игнат Максимов

Share

Бүгүҥҥү дьоруойбут киһи эрэ сөҕө-махтайа, киэн тутта кэпсиир, баара эрэ 20-н ааспыт, ол эрээри олох эриирин-мускуурун, аһыытын-ньулуунун этинэн-хаанынан билбит, бэйэтин сааһыгар холооно суох боччумнаах эдэр киһи. Кини аата Игнат Максимов. Кини – биһиги кэммит дьоруойа, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылааҕа – чиэс, суобас, эр санааланыы тыыннаах холобура.
Игнат 1999 сыл ахсынньытыгар, оруобуна баччаларга, кыһын обургу аам-даам туманынан бүрүйэр, тымныытынан хаарыйар, ардыгар силлиэнэн-буурҕанан силбиэтэнэр кэмигэр Таатта Уолбатыгар күн сирин көрбүтэ. Ойор-тэбэр оҕо сааһа Уолбаҕа ааспыта, онно орто оскуоланы бүтэрбитэ. Ол кэннэ Чурапчытааҕы аграрнай-тиэхиньиичэскэй кэллиэскэ үөрэнэ киирбитэ.
Оҕо сылдьан атаҕын үрдүгэр үстэ эргийэр, сымса, уол успуорт араас көрүҥүнэн дьарыктанан, эт-хаан өттүнэн бэйэтин сайыннарбыта, бөҕө-таҕа туруктаммыта, кытаанах дьаныары ааһан дьулуурдаах буоларга үөрэммитэ. Ол курдук оскуолаҕа сылдьан мас тардыһыытынан, тустуунан, буоксанан дьаныардаахтык дьарыктаммыта. Игнат оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ мас тардыһан иккитэ призердаабытын астына кэпсиир, хараҕа уоттанан мичээрдээн ылар. Улууһун, нэһилиэгин иһинэн ыытыллар күрэхтэһиилэргэ бары көрүҥҥэ кыттан, элбэх ситиһиилээх. Өссө биир ситиһиитэ – Манчаары оонньууларыгар кыттан 4-с буолбута. Олоххо көхтөөх, успуорду өрө туппут уол, доҕотторун кытары «Снежный барс» байыаннай-успуорт оонньууларыгар Таатта улууһугар бастыҥ көрдөрүүлэнэн, чымынаайылары кытары өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттыбыттарын киэн тутта кэпсиир.

Эр санаа оскуолата

Уол Чурапчыга үөрэнэ сырыттаҕына 18 сааһын туоларын эрэ кытта, аармыйаҕа сулууспаҕа ыҥырбыттара. Сыл аҥаара Владивостокка сулууспалаан баран, хантараак баттаһан, Тиихэй акыйаан флотун 155-с туспа биригээдэтин муоратааҕы пехотатыгар түбэспитэ. Ийэ дойдутугар иэһин төлөөн, үс сылы быһа аармыйаҕа сулууспалаан, эр санааланыы «оскуолатын» эрдээхтик ааһан, болдьоҕо бүтэрэ тиийэн кэлбитигэр, үөһэттэн туох эрэ имнэммитинии, өссө биир сылы уһатан биэрбитэ. Аармыйа уу-нуурал олоҕо кэминэн баран испитэ. Арай биирдэ, полигоҥҥа тактическай бэлэмнэниигэ сырыттахтарына, хамандыырдара Белоруссияҕа үөрэххэ баралларын туһунан эппит. Уолаттар бастаан соһуйа истибиттэр эрээри, хата атын сири-дойдуну көрүөхпүт диэн үөрэ санаабыттар.
Дьэ, ол курдук, уһун унньуктаах айаҥҥа турунан, икки нэдиэлэ тохтуу-тохтуу буойаһынан айаннаан, Белоруссия сиригэр-уотугар үктэммиттэр. «Хата, биһиги атын дойдуну көрөр буоллубут диэн үөрүү-көтүү бөҕөбүт. Белорустар наһаа үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Тиийээт, алаас курдук сиргэ балааккаларбытын туруоран, бааза оҥостубуппут. Нэдиэлэ курдук үөрэммиппит, онтон дьиктиргээбиппит, үөрэхпит, дьарыкпыт хайдах эрэ аһара байыаннай этэ. Барыта дьиҥнээх курдук, бөртөлүөттэр эҥин көтөллөр. Ол тухары биһиги тугу да сэрэйбэккэ сылдьыбыппыт. Онтон арай биир үтүө киэһэ комбригпыт биригээдэлэри барыларын устуруойдатан баран, сарсын Украинаҕа киирэбит диэтэ уонна туох соруктаахпытын, онно туох буола турарын кэпсээтэ, сүбэ-ама биэрдэ. Дьэ онно эрэ биллибит, ханна-туохха баран иһэрбитин. Мин онно сибээс взводугар сылдьарым. Мантан киэһэ бэлэмнэниҥ диэннэр, таҥаспытын-саппытын көрүммүппүт, кааскабытыгар Георгиевскай лиэнтэ иилбиппит, икки харыбытыгар уонна уҥа атахпытыгар маҥан быа бааммыппыт», – диэн Игнат кэпсиир.
Сарсыарда 4 чааска «Подъем!» хамаанда бэриллээтин, сып-сап хомунан тиэхиньикэлэргэ олорон, тугу эрэ сэрэйбиттии, уку-суку айаннаан салааттар тыҥ хатыыта кыраныыссаҕа тиийбиттэр. Онно тиийэн, байыаннай массыына, тиэхиньикэ бөҕө турарын көрөннөр, эдэркээн уолаттар долгуйа быһыытыйбыттар. Бастаан, ама, бу кырдьык, илэ дуу диэх курдук санаалар элэҥнээн ааспыттар…

Уот буулдьа ардаҕын, ыыс-быдаан быыһынан…

«Биһиги аармыйаттан кэлбит буоламмыт, бары өттүнэн хааччыллыылаах этибит, ас-таҥас, обмундирование, саа-саадах өттүнэн хаачыллыы үчүгэй этэ. Бастаан мобилизациянан кэлбиттэргэ курдук буолбатах этэ, биһиги аспыт да элбэҕэ, аны гуманитарнай көмө кэлэ турара», – диэн Игнат кэпсээнин салгыыр.
Маҥнай Украинаҕа Киев аттынан киирбиттэр. Аан бастаан уот айаҕар киирии, долгуйуу, уолуйуу, куттаныы… Ыыс-быдаан быыһынан тыын харбаһыылаах тыҥааһыннаах киирсиилэр… Эн эбэтэр кинилэр… Хамандыырын сорудаҕын энкилэ суох толорор, хорсун-хоодуот, эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх саха уола маҥнайгы сүрэхтэниитин эрдээхтик ааспыта. Кинилэр манна биир ыйы быһа сылдьыбыттара. Хамандыырдарын сатабыллаах дьаһалынан, соруктарын чиэстээхтик толорон, сүтүгэ суох, Украинаттан төттөрү тахсыбыттара.
Аны Ростов туһаайыытынан киирэр бирикээс кэлэн, саллааттар онно тиийбиттэрэ. Онно кинилэргэ анал байыаннай эпэрээссийэҕэ баҕа өттүнэн кэлбит дьону холбообуттара. Тэтимнээхтик сайдар үйэҕэ, сэрии сэптэрэ байыаннай тиэхиньикэ уруккулартан чыҥха атына, минометунан, артиллериянан, гранатометунан субу-субу ытыалыыллара, күнүһүн тыас-уус биир кэм тигинээн, им-балай хараҥа буолуута, түүлэй түүнү аймаан гранотомет уота күлүмүрдээн олороро. Дьиҥнээх кыргыһыылар дьэ саҕаламмыттара. Хайа да өттүттэн өлүү-сүтүү, бааһырыы да баара. Ити курдук уот буулдьа ардаҕын аннынан биир ый сэриилэспиттэрин кэннэ, Ростовка төттөрү таһаартаабыттара.
Ростовка тиийбиттэрэ, онно сахалар бөҕө кэлбиттэр эбит. Билсиһии-көрсүһүү, кэпсээн-ипсээн, дойду ахтылҕанын таһаарыы… Игнат бэйэтэ 23-тээх эрэ эрээри, бэйэбиттэн балыс, эдэр баҕайы, 20-лээх эрэ уолаттар кэлбиттэрин көрөн соһуйбутум диэн кэпсиир. Уолаттар, барахсаттар эмиэ тугу да билээхтээбэккэ, сэрэйбэккэ кэллэхтэрэ…
Сотору буолаат, замкомбатын кытары төхтүрүйэн, аны Мариуполь туһаайыытынан киирбиттэр. Онно атыттарга көмө, бөҕөргөтүнүү биригээдэтин быһыытынан сыһыарыллыбыттар. Нэдиэлэ курдук сылдьан баран, 3-4 чаас утуйа-утуйа, салгыы Донецкай, Луганскай туһаайыытынан айаннаабыттар.
Донецкайга тиийбиттэригэр, ас биэрэн, сибэкки дьөрбөтүн кытары туттаран, олохтоохтор үөрэ-көтө көрсүбүттэр. Кинилэр маннык биһиги байыастарбытыгар эрэнэллэрин, харыстыыр, дурда-хахха буолар дьон кэлбиттэрин уруйдуулларын биллэрбиттэр. Ол түгэҥҥэ биһиги уолаттарбыт олохтоохтор дьолломмут харахтарын көрөн үөрбүттэриэн, ол барыта санаалара бөҕөргөөн, кыайыыга-хотууга кынаттаабыта.

Оргуйар уот ортотугар… Бааһырыы

Хорсун буойун биригээдэтэ салгыы Луганскайга тиийбитэ. Дьэ манна этэ, оргуйар уот ыһыллар кырыктаах киирсиитэ. Игнат анал сорудаҕы чиэстээхтик толорон, хорсун быһыыны көрдөрбүтэ. Эмискэ биир түгэҥҥэ уол ханна да барбытын билбэккэ хаалбыта, бойобуой сорудаҕы толоро сылдьан, гранатомет оскуолагар табыллан үөһэттэн аллара куугунаан түспүтэ, өй-мэй буолбута. Суһаллык эвакуациялаан Санкт-Петербурга илдьибиттэрэ, уол үс улахан эпэрээссийэни ааспыта. Балыыһаҕа сыл аҥаара сытан эмтэнэн чөлүгэр түспүтэ. Бааһырыыта ыарахан буолан, атахтара аккаастаан, кыайан хаампакка, икки ыйы быһа суорҕаннаах-тэллэххэ сыппыта. «Онно бырааһым, эн хайаан даҕаны хаамыаҥ, тура сатаа диэн күн аайы кэлэн илбийэн, атахтарбын хамсатан, хаамтара сатыыра. Бырааһым үтүө тыла, истиҥ сыһыана кынаттаан, саҥаттан хаамарга үөрэммитим, онон олус махтанабын», – диэн мичик гынан ылла.
Байыас өр кэмнээх эмтэниини ааһан, чөлүгэр түһэн баран төттөрү чааһыгар тиийбитэ. Тиийэн тыыннаах хаалбыт доҕотторун көрсөн хараастан ылбыта, аҥаардара аны бу дойдуга кэлбэттии бардахтара…

Соһуччу наҕараада – «Эр санаа» уордьана

Арай, биир үтүө күн ыстаарсай сержант сүүрэн кэлэн ыстаапка суһаллык барар үһүгүн диэбит. Тиийбитигэр, аны комбригка киирэҕин диэннэр кэтэһиннэрбиттэр. Чочумча буолаат «Максимовкын дуо?» диэн баран комбриг көрүдүөргэ таһаарбыт уонна «Становись!» диэн хамаанда биэрбит. Уолбут аттыгар эписиэрдэр кэлэн туруммуттарыгар соһуйа, долгуйа да санаабыт. Арааһа, «Хорсунун иһин» мэтээл биэрээри гыннылар быһыылаах диэн санаа охсуллан ааспыт. Өлүүнү кыайбыт хорсун уолга – Игнат Максимовка хамандыыр бирикээс ааҕан баран «Эр санаа» уордьанын түөһүгэр иилбит, кууһан, сыллаан ылбыт уонна саннын таптайбыт. 2022 с. алтынньы 11 күнүгэр РФ Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин илии баттааһыннаах үрдүк наҕарааданы чааһыгар туттарбыттар. «Ити наҕарааданы ылыам дии санаабатаҕым. Арааһа, балыыһаҕа сыттахпына, бэйэм хамандыырым наҕараадаҕа түһэрбит быһыылаах. Мин чааспар төннөрбөр хамандыырым суоҕа…» – диэн кэпсээнин түмүктээтэ.
Игнат дойдутугар, Саха сиригэр сэтинньи 26 күнүгэр кэлбитин, дьоно-сэргэтэ, биир дойдулаахтара уруйдуу-айхаллыы көрсүбүттэрэ, «Уолба Уордьаннаах уола» диэн социальнай ситимнэр нөҥүө тарҕаппыттара. Кини билигин дойдутун унаарыйар Уолба уутун иһэн, мүөттээх салгынынан көҥүллүк тыынар, күүс-уох ылар.
Түмүккэ, биһиги дьоруойбут Игнат Максимов, бу байыаннай эпэрээссийэ түргэнник бүтүөҕүн, Саха сириттэн барбыт уолаттар кыайыы-хотуу көтөллөөх бары этэҥҥэ төннөн кэлэллэригэр баҕарарын эттэ. Кини баҕа санаата туолан, буойун уолаттарбыт дойдуларыгар эргиллиэхтэрэ диэн эрэнэбит.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга хамнас муҥутуур алын кээмэйэ үрдүөҕэ

Дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сылга Арассыыйаҕа хамнас муҥутуур алын кээмэйин 22 440 солк. аныырга…

14 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Нэдиэлэтээҕи гороскоп (сэтинньи 1–8 күннэрэ)

ХОЙ Айар эйгэлээх хойдорго үтүө кэм. Атын омук тылын үөрэтэргэ, саҥаны ылынарга сөптөөх кэм үүммүт.…

44 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хоту улуустарынан -40°С кыраадыска диэри тымныйар

Саха сиригэр сэтинньи 1 күнүгэр үгүс оройуоннарынан хаар түһэрэ күүтүллэр. Хотугулуу-илин өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тускул сэтинньини анаарда

Сэтинньи саха саамай сүгүрүйэр ыйа -- өбүгэ Байанайы кытта ыкса сибээстиирэ. Махталлаах булчукка Байанай хара…

12 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Байыастарга халыҥ таҥаһы хомуйуу сэтинньи бүтүөр диэри салҕанар

Бу туһунан бүгүн  #МЫВМЕСТЕ эрэгийиэннээҕи салаатын салайар Айыллаан Винокуров эттэ.  "Ыстаап халыҥ таҥаһы-сабы, наадалаах малы-салы уонна…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чараас муус кутталлаах

Оҕолор снегоходунан Бүлүү эбэни туоруур видеолара тарҕанна. Суруйбуттарынан Үөһээ Бүлүү улууһугар диэбиттэр. Бу туһунан Саха…

12 часов ago