Уолбаҕа сыл бэлиэтин Боппосов быраата оҥордо

Share

Таатта улууһугар Уолбаҕа Михаил Боппосов быйыл балбаахтан сыл бэлиэтин оҥорбото. 

Тоҕо диэтэххэ, кини 12 сыл устата Саҥа дьылы көрсө сыл бэлиэлэрин барытын оҥордум диэбитэ. Ол оннугар, быйыл Михаил Трофимович  быраата  Иван Трофимович Боппосов убайын дьыалатын салҕаан, Дракону  оҥорон бар дьонун үөртэ.  Кини икки нэдиэлэ устата дракону уонна кини кэннигэр бөх кутар анал баах оҥорбут.

Иван Трофимович санаатын үллэһиннэ:

— Саҥа сылы көрсө халлааммыт, дьэ тымныйда. Биһиэхэ, Уолбаҕа, билигин -56 кыраадыс тымныы. Ити мин дракон моһуоннаах бөх кутар баах оҥордум. Балбаахтан уруккуттан ону-маны оҥорооччубун, холобур, эбисийээнэ, бөтүүк.

«Саха сирэ» хаһыат, саайт үлэһиттэригэр уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар кэлэн иһэр Саҥа дьылынан истиҥ эҕэрдэбин тиэрдэбин!

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыйыт-хоруйдуубут: Үлэ киниискэтин биэрбэт бырааптаахтар дуо?

Тэрилтэ  дьоно үлэни биэрээччи уонна бэйэтин быраабын ситэри билбэтэ баар буолар. Ол да иһин, тустаах…

28 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Күн-дьыл билгэтэ: күһүҥҥү халлаан

Күһүн үгэнэ — балаҕан ыйын 14 күнүттэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри, барыта 11 күн.…

57 минут ago
  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Рассадин, Тютрин, Егоров, Белолюбскай уонна Окороков аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттыахтара

Саха тустууктара Хорватияҕа ыытыллар аан дойду чөмпүйэнээтигэр кыттарга бэлэмнэнэ сылдьаллар.  Чөмпүйэнээт эрдэтээҥи сайаапкатыгар Европа чөмпүйүөнэ…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ВЭФ-2025: Уһук Илин эрэгийиэннэригэр  Саха сирин технологиятынан киинэ саалаларын арыйыахтара

Саха сирин “Экстра Синема” хампаанньата Уһук Илин эрэгийиэннэригэр киинэ 13 саалатын арыйарыгар 10 мөлүйүөн суумалаах…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

ВЭФ-2025: Ozon Дьокуускайга логистика комплексын арыйыаҕа

Ozon  хампаанньа өрөспүүбүлүкэ былаастарын өйөбүлүнэн, логистика инфраструктуратын сайыннарарга эрэгийиэҥҥэ 2,5 миллиартан тахса солкуобайы инвестицияларга угарга…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сүбэһит: Тумуу киирэн эрдэҕинэ…

Мүөттээх бальзам 500 г. грецкэй эриэхэни, 300 г. мүөтү, 100 г. алоэ сүмэһинин, 4 лимону…

2 часа ago