Салгыы
Уолбут туһугар долгуйабыт, эрэнэбит, кэтэһэбит

Уолбут туһугар долгуйабыт, эрэнэбит, кэтэһэбит

13.08.2024, 13:40
СИА хаартыската
Бөлөххө киир:

Бу сайын байыаннай дьайыыга сылдьар өссө биир саха уола хорсун быһыыны оҥорбутун, Арассыыйа Дьоруойугар түһэриллэн эрэрин туһунан үөрүүлээх сонун тилийэ сүүрбүтэ.

Бу күннэргэ Таатта улууһун ыччата Р.Максимов  дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар. Кинилиин улуус баһылыга Айаал Бурцев уонна баһылык бастакы солбуйааччыта Руслан Захаров көрүстүлэр, Махтал суругу, Ил Дархан анаан оҥотторбут быһаҕын бэлэхтээтилэр, атах тэпсэн олорон кэпсэттилэр.

“Эн биһиэхэ номнуо дьоруой буоллуҥ. Наҕараадаҥ түргэнник кэлэригэр эрэнэбит”, – диэтэ улуус баһылыга.

Р.Максимов дьыалатын түргэтэтэр туһунан Таатта улууһун Уопсастыбаннай Сэбиэтэ сурук суруйбутун Ил Дархан Айсен Николаевка улуус баһылыга Айаал Бурцев туттаран турар. Онно Айсен Сергеевич дьыаланы бэйэтин хонтуруолугар ыларын эппитэ. Онон саха дьоно бары да уолбут туһугар долгуйабыт, эрэнэбит, кэтэһэбит.

+1
17
+1
1
+1
0
+1
2
+1
1
+1
1
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
20 сентября
  • 3°C
  • Ощущается: 1°Влажность: 60% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: