Уолгун эн иитэҕин. Эдьиий Дора эр дьоҥҥо сүбэтэ
Эдьиий Дора эр дьоҥҥо сүбэтэ.
Уол оҕо төрөөтөҕүнэ төрүт — уус сиэринэн дьоно былыр ууска киниэхэ анаан быһах оҕустараллара.
Кыратык анаан быһыччалыыллара. Тутта үөрэннин, маһы-мутугу кыстын, илиитин, тарбахтарын имиттин диэн анааннар. Кыратык таарыйан ылар да буоллаҕына, кини итинтэн ыла төбөтүнэн толкуйдаан, «айакка» баарын өйүгэр түргэнник хатыыр уонна сэрэхтээх буоларга бэйэтэ үөрэнэр. Дьиэ иһинэн итини «тыла суох үөрэх» диэн ааттыыллар.
Оттон билигин хайдаҕый? Кыра оҕоҕо быһаҕы туттарбаккыт. Ол аата төрүт иитииттэн тэйиибит төрдө итиниэхэ сытар, бэйэҕин албыннанаҕын, «оҕобун харыстаатым, сэрэттим» дии саныыгын. Сыыһа. Харыстыаххын баҕарар буоллаххына эн кыра киһини бэйэтин чөкө тутан, көрөн олорон, толкуйдаан сэрэнэригэр эрдэттэн уһуйуохтааххын. Ол эн, аҕа киһи, ирээтиҥ.
«Саха ыалын халандаара», 2024 сыл.
«Айар» кинигэ кыһата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: