Салгыы
Уолларын сырдык аатын кэриэстээн

Уолларын сырдык аатын кэриэстээн

Ааптар:
11.08.2024, 10:12
Хаартыскалары Ороссолуода нэһилиэгин дьаһалтата тиксэрдэ.
Бөлөххө киир:

“Cуох буоллун сэрии, суох буоллун өлүү –

                                     Туругур эйэ, эйэ, эйэ!”

Билиҥҥи сааһыра барбыт, кырдьаҕас көлүөнэ сахалар, кырдьык да, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэнниттэн айгыраабыт олохпутун дьулуурдаах үлэнэн чөлүгэр түһэрии, сайыннарыы, биэстии сыллаах былааннары олоххо киллэрии, эйэлээх олоҕу тутуу кэмигэр үөскээбит, улааппыт, үөрэҕи-билиини ыламмыт, итинник ыллыы-ыллыы үөрэ-көтө үлэлээн,  оҕо-уруу  төрөтөн-тэнитэн, баччаҕа олорон кэлбит дьоллоохпут.

Ол гынан, били таҥара үөрэҕэр этиллэринэн бүтэһик 3000 сыл чугаһаан истэҕин аайы, аан дойдубут айгыраан, олохпут түҥнэри эргийэн, оҕолорбут, сиэннэрбит барахсаттар улаатыылара, ситиилэрэ, 70-80-с сыллартан саҕалаан өлөрүүлээх-өһөрүүлээх сэрии уота тоҕута тардыллар буолбута. Афганистантан, Чечняттан күөгэйэр күннэригэр сылдьар төһөлөөх хаарыаннах уолаттарбыт  оччотооҕу бэлиитикэ этэринэн  “интернациональнай иэстэрин” төлөөн, сырдык тыыннарын толук ууран  “200 таһаҕас” буолан  тимир хоруоптанан кэлбиттэрэй?

Күн бүгүн, Эмиэрикэ ускайдааһынынан, куомуннаахтара Дьобуруопа дойдуларыныын куолаан, дьаарай нассыналыыстарга, фашистарга кубулуйбут  араҥа норуоттаах Украинанан куоһурданан  Аҕа дойдубутун —  Арассыыйа судаарыстыбатын сууллараары, суох оҥороору  сэрии уотун күөртүү олороллор. Бары бырааттыы омуктары кытта бииргэ Аҕа дойдуларын, норуоттарын тутулуга суох буолууларын, көҥүллэрин,  эйэлээх олохторун  көмүскэлигэр  оҕолорбут, уолаттарбыт сибэтиэй иэстэрин төлөөн кырыктаах кыргыһыы хонуутугар инники күөҥҥэ сырдык  тыыннарын  да толук ууран туран, хорсуннук сэриилэһэллэр. Дьоруойдуу быһыы, эр санаа холобурун көрдөрөллөр.

Сэрии  диэн сэрии, кими да аһыммат. Суоһарар-сууһарар, имири сотор алдьатыылаах, ураты  күүстээх оҥоһуулаах аныгы сэрии сэбэ тыынар тыыннааҕы  сир да түгэҕиттэн ситэн суох оҥорор кыахтаах. Итинник  уодаһыннаах, тыын харбас  балаһыанньаҕа  биһиги оҕолорбут уолуйан-дьаахханан хаалбакка, бэйэлэрин харыстаммакка кыргыһаллар. Бүтэһик тыыннарыгар диэри бэйэ-бэйэлэрин харыстаһаллар, өрүһүйсэллэр, бииргэ суох буолаллар. Саха сирин үрдүнэн барыллаан ааҕыынан 3000-тан тахса күөгэйэр күннэригэр сылдьар уолаттарбыт барахсаттары  сүтэрдибит. Төһөлөөх ийэ-аҕа, оҕо-уруу, аймах-билэ, чугас дьон  аймаммыттара, айманаллара буолуой. Бэл,  Дьокуускай Маҕаннааҕы кылабыыһатыгар  уолаттарбыт барахсаттары  Албан аат  аллеята диэн ааттаан анал миэстэҕэ көмөр-харайар буоллубут.

—Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьоҕус Ороссолуода нэһилиэгиттэн итиэннэ  мантан төрүттээх  уонча ыччаппыт анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кытыннылар, кытта сылдьаллар.   Бааһырбыттар да бааллар, түөрт уол сэрии толоонугар дьоруойдуу оҕуннулар. Ороссолуода олохтоохторо  Ольга Афанасьевна, Ньургустаан Егорович Поповтар, хаан аймахтара, нэһилиэк дьаһалтата, биир дойдулаахтара, доҕотторо, табаарыстара көҕүлээһиннэринэн бастакы уоллара,   сэрии толоонугар  дьоруойдуу охтубутун кэннэ Эр санаа (Мужество) уордьанынан наҕараадаламмыт Айаал Попов  кэриэһигэр, кини  туһунан ахтан-санаан, сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах олохтоохтор уонна Ороссолуодаттан төрүттээхтэр икки ардыларыгар спиннининэн – блеснанан балыктааһыҥҥа күрэхтэһиини тэрийдибит.Уопсай сыалбытынан нэһилиэк олохтоохторун, ыччаты, оҕолору спортивнай балыктааһыҥҥа көҕүлээһин, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыан, сомоҕолоһуу, чөл олох тыынын иитии буолар,— диэн  нэһилиэк дьаһалтатын баһылыга Илья Валентинович Макаров санаатын үллэстэр.

                                 Үөрэниэххэ, үүнүөххэ үчүгэй да дойду,

                                 Үчүгэй да дойду Өлүөнэ эбэккэм!

Ороссолуодалар, Өлүөнэ эбэ оҕолоро, төрүкү балыксыт дьон. Айаал Попов кыратыттан  Эбэтин кытылыгар күөгүтүн араарбакка улааппыта. Ол да иһин олохтоохтор эдэрдиин-эмэнниин, оҕолуун-дьахтардыын хорсун уолларын кэриэстээн күрэхтэһиигэ көхтөөхтүк, астына кытыннылар, бастыҥнар араас сыаналаах бириистэргэ тиксэн үөрдүлэр-көттүлэр.Күрэх эмпэрэ кытыл күөх сирэм күөнүгэр сахалыы сиэр-туом тутуһуллуутунан саҕаланна. Ытык-мааны кырдьаҕастара, үлэ, сыана, успуорт бэтэрээнэ, байанайдаах балыксыт, булчут Афанасий Петрович Владимиров  аал уоту саҕан, үрүҥ торҕону унаардан, кэҥэрдии сытынан кэрэһилээн  кыттааччыларга Күөх Боллох, Баай Байанай мичик гыналларыгар  баҕаран, алгыс бастыҥын анаата.

Күрэхтэһии  судьуйалара, Айаал чугас доҕоро, полиция капитана Егор Васильевич Трофимов, байыаннай дьайыы бэтэрээнэ, Г.И.Соловьев аатынан өрөспүүбүлүкэҕэ, бүтүн дойдуга биллэр бастыҥ үлэлээх Ороссолуода  агро-оскуолатын учуутала Петр Михайлович Филиппов хамаанда биэрээттэрин кытта,  мандаатынай хамыыһыйаны ааспыт, ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан кэлбит  күрэхтэһии 27 кыттааччылара мэндээриччи устан мөлбөһүйэ сытар эбэлэрин кырылас кумах кытылыгар тарҕаһан, күөгүлэрин уга күөрэҥнээбитинэн, кылабачыгас мэҥиэлээх кыл ыраахха диэри  кыырайбытынан, куһуурбутунан барда. Икки чаастаах, умсулҕаннаах күрэстэһии саҕаланна.

                   “Айманымаҥ, баран кэлиэм буоллаҕа…”

—Улахаммыт, Айаалбыт, айылҕаҕа сылдьарын, бултуурун, балыктыырын,чуолаан спиннининэн балыктыырынолус сөбүлүүрэ, байанайдаах булчут этэ. Оҕо эрдэҕиттэн наһаа көрсүө-сэмэй, сымнаҕас майгылаах улааппыта.  Кыайыгас-хотугас үлэһит, эр санаалаах, доҕотторугар, төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх дьиҥнээх патриот этэ. Бырааттарыгар, балтыларыгар мэлдьи холобур буолара. Оскуолаҕа кыахтаахтык үөрэммитэ. 7-с кылаастан Майа гимназиятыгар  үөрэммитэ, бүтэрэр сылыгар 5 олимпиадаҕа ситиһиилээхтик кыттан, ЕГЭ-лэрин үрдүк баалынан туттаран, Иркутскайдааҕы судаарыстыбанай техническэй университекка үөрэххэ киирбититтэн үөрбүппүт. Уолбут ол үөрэҕин сөбүлээбэккэ төннөн кэлэн, оҕо уһуйааныгар оробуочайынан үлэлии сырыттаҕына, хаһааҥҥа диэри маннык сылдьыаххыный, үөрэхтэн, идэлэн диэн аҕатыныын кэпсэтэрбит, сүбэлиирбит, бэйэтэ да сөбүлэһэрэ. Инньэ гынан ЕГЭ-лэрин баала үрдүк буолан, бэйэбит университеппытыгар – ХИФУга үс үөрэххэ сайабылыанньа биэрэн, үһүөннэригэр туттарсан киирбитэ. Олортон Горнай факультет  “техносфернай куттал суох буолуута” идэни талан үөрэнэн иһэн: “Аармыйаҕа ыҥырылынным.  “Маяк” хомуур пуунугар бардым”,—диэн эрийэн соһуталаата. Мин ыксал бөҕөнөн ас астаан, хомунан  куоракка ол хомуур пуунугар тиийэн оҕобун аһаттым, атаардым.Үөрээхтээбитэ аҕай. Арай киһибит өр баҕайы биллибэтэ, оччолорго суотабай сибээс да мөлтөҕө. Ыксаан Майаҕа байанкамаакка тиийэн чааһыгар запрос  оҥортордум. Ол күн киэһээ байыаннай чаастан эрийбиттэрэ, Айаалга төлөпүөн биэрэн кэпсэтиннэрбиттэрэ. Айаал кэлин, сулууспалаан кэлэн баран: “Айманаҥҥын байыаннай чаас салалтатын начаас миэстэлэрин булларбытыҥ”,— диэн миигин күлээччи, — ийэтинээн, Ольга Афанасьевналыын, салгыы кэпсэтэбит. – Аармыйаттан кэлэн үөрэҕин салҕаан, кыахтаах буолан холкутук  үөрэнэнбүтэрбитэ. Дьокуускайга дьиэ тутар кэмбинээккэүлэҕэ куттал суох буолуутун инженеринэн  биэс сыл, СВО-ҕа барыар диэри, ситиһиилээхтик  үлэлээбитэ. Улахан кэлэктиипкэ билиниллэр, сыаналанар исписэлииһинэн буолбута, наҕараадаламмыта даҕаны.

Хаартыскалары Ороссолуода нэһилиэгин дьаһалтата тиксэрдэ.

2018 сыллаахха олоҕун аргыһын, тапталын Сунтаар кыыһын Руслананы көрсөн ыал буолбуттара. Үлэлиир тэрилтэтэ  саҥа холбоспут дьоҥҥо 2 хостоох квартираны биэрэн, үөрүүбүт муҥура суоҕа.Талбыт курдук уоллаах кыыс  оҕолонон олус дьоллоохтук олорон испиттэрэ.  39 сааспар эдэр эбээ, аҕабыт эһээ “ыстаатыстанан” сиэн минньигэс сытын билбиппит…

Анал байыаннай эпэрээссийэҕэ  бастакы хомуур  биллэриллибитигэр  аҕатыныын барбатын курдук араастаан  этэн көрбүппүтүн: “Обязывайдаатахтарына, коси эҥин кынар санаа суох”,— диэн барардыы кытаанахтык  быһаарыммытын  этириэс эппитэ. Оҕобут сыыһа сэриигэ көтөөрү туран тиһэҕин: ”Ланаҕа көмөлөһөөрүҥ”,— диэн кэриэһин этээхтээбит эбит. Оҕобут кэриэс тылын  тыыннаахпыт тухары толоруохпут. Хомойуох иһин, оҕобут соһуччу баҕайы хомуурга түбэһэн Хабаровскайга көтөрүгэр, куоракка киирэн атаарбатахпыт, тимир хоруопка тиэллэн кэлэрин хантан билээхтиэхпитий…

—Айаал күөгүлүүрүн сөбүлүүр этэ. Оҕо эрдэҕиттэн улаатыар диэри балыксыт бөҕө. СВО-ҕа бастакы хомуурга күһүн барбыта уонна олунньуга  сэрии уота мэҥиэстибитэ.  Барарыгар: “Айманымаҥ, баран кэлиэм буоллаҕа”,— диэхтээбитэ. Аармыйаҕа сулууспалыыр курдук санаахтаатаҕа. Төлөпүөнүнэн кэпсэтэрбитигэр: “Уоту да кыайан умаппат уолаттар бааллар.  Инчэҕэй, бадараан бөҕө, таҥаспыт куурбат”,—диирэ.  Өлбүтүн туһунан дьаһалтаҕа биллэрбиттэрэ. Дойдулаах киһи дойдутун булуохтаах диэммит, манна таһааран кистээбиппит,— аҕата Ньургустаан Егорович кэргэнэ Ольга Афанасьевна  хараастыылаах ахтыытын ситэрэн биэрэр.

                    Оҕо сааһым аргыстара барахсаттар…

Күрэхтэһиибит хайаста?  Үстүү-биэстии миэтэрэ арыттаах таҕаһаннар, ыраахха диэри тэнийбиттэр. Чугас соҕус көрдөхпүнэ, балтым, аҕамсыйа барбыт  Шергиннэр ыал ийэлэрэ Альбина Семеновна спиннинин кылын ууннаҥнатан, уҥа-хаҥас уһуннаран мэҥиэтин кылабачытан таһааран, салгыы бэрт үөрүйэхтик элитэн кууһуннарар. Оҕолор барахсаттар, кыргыттар-уолаттар айманаллара, чаҕаарыһаллара Эбэ уорааныгар охсуллан ыраахтан иһиллэр.  “Оо, Дима хаптарда, дьорохойу таһаарда!”—һуу-һаа бөҕөнү истэммин, субу аҕай обургу соҕус дьорохойу тардан  таһаарбыт эдэр киһиэхэ тиийэбин.

—Яковлев Дмитрий диэммин, Аллараа Бэстээххэ тимир суол ытаансыйатыгар  үлэлиибин,— бэйэтин билиһиннэрэр. Ким оҕото буоларын туоһулаһан, аҕатын билбэккэ: “Эһэҥ ким диэн этэй?”—ыйытабын.

— Игнатьев Илья – Уус Ылдьаа, — диэбитигэр оҕо сааспыттан билэр, бэрт холку, элбэх саҥата-иҥэтэ, мэлдьи солото суох ытыктыыр кырдьаҕаспын, сэрии, үлэ бэтэрээнин санаан-ахтан кэллим. Кэргэниниин,  ыанньыксыт Уһун Ааныскалыын, холкуос, сопхуос туруу үлэһиттэрэ этилэр. Итинтэн сиэттэрэн Ороссолуоданы Ороссолуода оҥорбут ытык дьоммун, оҕо сааһым умнуллубат аргыстарын, уоттаах сэрии кыттыылаахтарын Көстөкүүн Мартыынабы-Мартыын Куостаны, Бүөтүр Киргиэлэйэби-Боппох оҕонньору, бааһыра-бааһыра икки төгүл сэриигэ ыҥырыллыбыт  Ньыыкан Александрову, Ньукулай Киргиэлэйэби-Күүстээх Ньукулайы, Дьуона Кириллини-Бэрэдэбиэс Дьуонаны, тыылга кыайыыны уһансыбыт Бүөтүр Быладьыымырабы-Добдур оҕонньору, Бүөтүр Испирдиэнэби-Чоҥхор оҕонньору, иккис Бүөтүр Быладьыымырабы-Ньолбоох оҕонньору,  иҥиир-ситии, эрийэн-мускуйан тайахтанарын муодаргыы, сүүнэ атыыр оҕуһу  миинэн, адаарыйбыт муостарыттан баайбыт сыабынан  хантаарыччы тардансалайан хаамтаран батыччахтатарын салла көрөр Бүөтүр Тороппуумабы-Тэллэй Бүөтүрү, билигин санаатахха, 60-с сыллар саҥаларыгар оҕуруот үүнээйитин буоһатарга уопут быһыытынан хас да ийэ ууһа тигээйи үөрүн дьиэтиппит, көрбүт-истибит доҕолоҥ Ылдьыын Мэхээлэни-Эһэкээн Мэхээлэни, Хоту Мыраан анныгар сибиинньэ пиэрмэтигэр чооскуларын  имэрийэ-тарбыы сылдьар, аһатар ыаҕайатын илиититтэн араарбат, мэлдьи мичээрдээн, кукуруза сиэмэтин курдук  тиистэрэ лэһигирэһэр  Кирилэ Тороппуумабы-Киттэҥ Кирилэни,   помидордаах Тарас оҕуруотугар  “дьэ, урожай да, урожай!” диэн бааҕыныыр, биригэдьиирбит  Сиипсэп Миитээ  Москваттан бэлэх аҕалбыт эриэхэбэй хамсатын араарбакка туора уоба сылдьар, Амуртан төрүттээх, сахатыйбыт  Бүөтүр Сахаарабы, кыладыапсык-саппараапсык Ыстапаан Дьэкиимэби-Кэриэй Ыстапааны, суотчут Сэмэн Бөтүрүөбү, Бүөтүр Апанаасыйабы-Хаар Бүөтүрү, инбэлиит да буоллаллар, ураты дьылҕалаах туһа дьоно: көрбөт да буоллар, илиитин иминэн мас эрбээн, хайытан билиҥҥэ диэри кэпсэлгэ сылдьар саһаанньыт  Ньикииппэри, сааскы ыһыы үлэтигэр ноһуом сиксийэн силлиргэтэр, эмиэ кэпсэлгэ киирбит халанчаһыт Дьөгүөрдээн Тороппуумабы-Баал Дьөгүөрү, о.д.а. аттыбар бу баар курдук көрөн, санаан уйадыйан  ыллым. Бу бүгүн, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ, ыччаттара, аныгы көлүөнэ ороссолуодалар төрүттэрин олохторун салгыы, ааттарын ааттата сырыттахтара.

            Бааттаахтар бастаатылар, дьоһуннук бэлиэтэннилэр

Күрэхтэһээччилэр ким алыһар, ким дьорохой хаптаран,  дьэ ууларыгар-хаардарыгар  киирэн эрдэхтэринэ: “Быһыллыбыт бириэмэ бүттэ, ким хаптарбыт, балыккытын кээмэйдэтиҥ, ыйааһыннатыҥ!” – хамаанда бэриллэр. Долгутуулаах,  түмүктээһиннээх, быһаарыылаах чаас саҕаланар. Сөҕүү-махтайыы,  үөрүү-астыныы өрөгөйө манна буолла!

Оҕолорго саамай бааттаах балыксытынан буолбут Даниэль Корнилов  10000 солк., иккистээбит Валерьян Трофимов  7000 солк., үһүс миэстэлэммит  Айгылаан Сильвестров 5000 солк. суумалаах сертификаттарынан, спонсордар араас бириистэринэн наҕараадаланан  атахтара сири  билбэт буолла.

Кэрэ аҥаардар ортолоругар  кыайыылааҕынан тахсыбыт  Наталья Шестакова 20000 солк., иккис миэстэлээх Мира Корнилова 15000 солк., үһүс буолбут  Альбина Левина 10000 солк. харчынан бириэмийэлэннилэр.

Эр дьоҥҥо бастаабыт ЕвгенийШестаков,  иккис миэстэлэммит Дмитрий Яковлев,  үһүстээбит Константин Яковлев эмиэ тустааҕынан  итиччэлии суумалаах харчынан  бириэмийэлэннилэр.

Мустубуттары үөрдэ-көтүтэ күрэхтэһии дьоруойдарыгар анал ааттар иҥэрилиннилэр:  8 саастаах  кыттааччы Коля Сергеев  “Эдэр балыксыт” диэн буолла. Дьахталлар ортолоругар  “Кырдьаҕас (аксакал) балыксыт” бочуоттаах аат  талба талааннаах иистэнньэҥ, аҕам саастаах Альбина Семеновна Шергинаҕа  иҥэрилиннэ. Эр дьоҥҥо үгүс ыччаты балыктыырга үөрэппит, уһуйбут, 71 саастаахкырдьаҕас балыксыт Константин Леонидович Яковлев ааттаныан ааттанна.

Быйыл  Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн,  6 ыал күрэхтэһиигэ кыттыбытыттан  кыайыылаах тахсан, Наталья уонна Евгений  Шестаковтар дьиэ кэргэн  “Балыксыт ыал” бочуоттаах ааты сүктүлэр.  Эбиитиныал аҕата Евгений Гармаевич  саамай улахан сордоҥу хаптаран,  “Сыаналаах эксэмпилээр”бириис хаһаайынынан буолла. Онон Шестаковтар дьиэ кэргэн күрэхтэһии дьоруойдарынан буолан, эҕэрдэ баһаамын туттулар.

                    Олоххо көхтөөхтөр,  түмсүүлээхтэр

Күрэхтэһии кэмигэр Ороссолуодаттан төрүттээх норуодунай худуоһунньук, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Айаал хаан абаҕата Кирилл Петрович Гаврильев эмпэрэ сыыр  үрдүттэн  Элиэнэ эбэбит Арҕаа хайа кылдьыыланан нэлэһийэ уста сытар көстүүтүн  өҥнөөх хаартыскаҕа түһэрбит курдук  этюд оҥорон уруһуйдаан  сөхтөрдө.  Улахан худуоһунньук хайдах үлэлиирин тутан туран көрөн бары да астынныбыт. Кирилл Петрович уруһуйун сиэн быраатыгар, Айаал аҕата  Ньургустаан Егорович Поповка бэлэх ууммута күрэхтэһии  биир ураты түгэнинэн буолла.

Ольга  Афанасьевна,  Ньургустаан Егорович  сэрии хонуутугар дьоруойдуу охтубут  уолларын  Айаал сырдык  аатыгар  ыытыллыбыт күрэхтэһии  үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээн, тэрээһинин  өйөөн үбүнэн-харчынан, сыаналаах  бириистэринэн күүс-көмө буолбут нэһилиэктэрин дьаһалтатыгар ( баһылык И.В.Макаров),  “Дьиэ тутар кэмбинээт” аахсыйалаах уопсастыбаҕа (ген. дириэктэр А.С.Дереповскай), Г.И. Соловьев аатынан Ороссолуода агро-оскуолатыгар (дириэктэр И.В.Барабанскай),  “Доблесть” байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин  түмсүүтүгэр (салайааччы А.Н.Сергеев),  Айаал Попов доҕотторугар, биир  дойдулаахтарыгармахталларын  тириэртилэр. Тэрээһин  бары кыттыылаахтарын, ыалдьыттары кутааҕа буспут хоргуннаах миининэн, итии үүттээх  чээйинэн, оҕуруот  аһын эгэлгэтинэн,  минньигэс туордунан күөх торҕоҕо  сандалы  остуол тардан күндүлээтилэр.

Туран биэрбит  үтүө күнү-дьылы муҥутуур көдьүүстээхтик туһанан оттоон-мастаан үлүмнэһэ сылдьар дьон быыс булан маннык саҥа, сонун идиэйэни олоххо киллэрбиттэрэ тимир суол ыллыктаах, ыт  баһа төкүнүйэр  сандаарыйбыт аспаал суоллаах, Элиэнэ эбэни сыттана сытар ороссолуодалар олоххо көхтөөхтөрүн, түмсүүлээхтэрин туоһулуур.  Маннык тэрээһин  миэстэлэргэ Аҕа дойдуларын көмүскэлигэр сырдык тыыннарын толук уурбут уолаттарбытын кэриэстээһин холобурунан буолар.

Баай-байылыат олохтон,

Дьоһун-мааны дьоннордон

Элиэнэ эбэм киэргэлэ –

Ороссолуодам биэрэгэ!

                                              Иван Ксенофонтов-Силиги,

                                 Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх

үлэһитэ,  Суруналыыстыкаҕа В.В.Никифоров-

                                 Күлүмнүүр аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ

                                 лауреата, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун,  Ороссолуода нэһилиэгин

                                 бочуоттаах гражданиннара.

             Хаартыскалары Ороссолуода нэһилиэгин дьаһалтата тиксэрдэ.

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
15 января
  • -41°C
  • Ощущается: -48°Влажность: 66% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: