Уон хонуктаах айымньылаах үлэ Ойуунускайга ананар
Таатта улууһун Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга саха чулуу уола Былатыан Өлөксүөйэбис Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах уон хонуктаах айымньылаах үлэтин тэрээһинин чэрчитинэн, дьоро киэһэни тэрийэн ыытта.
Нэдиэлэ устата кылаастарынан «Ойуунускайтан холобур ылабыт!» “төгүрүк остуоллар”, «Оҕо куйуурдуу турара» киинэни көрөн ырытыһыы, «Мин Ойуунускайым» ток-оонньууга, айымньыларын көрдөрүүгэ бэлэмнэнии, уоскулаҥ кэмигэр айымньыларын араадьыйанан истии тэрилиннэ. Оскуола бибилэтиэкэрэ М.С.Попова баай ис хоһоонноох быыстапкалаах бибилиэтиэкэ уруоктарын тэрийэн ыытта.
Ону таһынан үлэни түмэн көрдөрүү дьоро киэһэтэ тэрилиннэ.
Тохсус кылаас үөрэнээччитэ Эмилия Федорова «Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» кинигэ туһунан дакылаат оҥордо.
5-11 кылаастар үллэстэн, хоһооннорун ааҕан, ырыаларын ыллаан, кэпсээннэрин инсценировкалаан көрдөрдүлэр. 8 кылаас оҕолоро «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардан иһитиннэрдилэр.
Иккис чааһынан «Мин Ойуунускайым» ток-күрэх буолла. Онно үөрэнээччилэр, төрөппүттэр, учууталлар икки хамаандаҕа хайдан күрэхтэстилэр. Кэлэр нэдиэлэҕэ алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр кэпсээннэринэн инсценировка күрэҕэ буоларыгар күүстээх бэлэмнэнии бара турар.
Валентина КРИВОШАПКИНА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: