Ньурба улууһун Ынахсыт нэһилиэгэр олорор уон оҕолоох Марина Курышева туһунан биһиги хаһыаппытыгар, саайтпытыгар сиһилии суруйбуппут. Марина Курышева эбэтин 1948 сыллаах эргэ дьиэтигэр уон оҕотун улаатыннарбыта. Кини хас да уола байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьаллар. Сааһырбыт ийэ эргэ дьиэҕэ оһох оттон олорбута. Бүгүн нэһилиэк баһылыга Серафим Александрович Винокуров үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ:
— Нэһилиэкпит олохтооҕо Марина Курышеваҕа дьиэ тутуох буолбут санаабытын ситэн, билигин 6х6 дьиэ дьэндэйдэ. Бэлиэтээн эттэххэ, бу күһүн кыстыкка киириигэ үлэҕэ киллэриэхпит. Уот ситимин тардыы уонна бытархай үлэтэ-хамнаһа хаалла. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн манна 2 мөл.солк.көрбүттэрэ. Улууспут 500 тыһ.солкуобайы үбүлээтэ. Онон дьиэни нэһилиэк күүһүнэн тутан бүтэрдибит. Аҕам саастаах Марина Курышева сотору кэминэн саҥа дьиэҕэ көһүөҕэ, — диэн санаатын үллэһиннэ.
Биһиги Марина Курышевалыын эрдэ кэпсэтэ сылдьыбыппыт, бу сырыыга төлөпүөнүн нүөмэрэ арахса сылдьар буолан сатаан сибээстэспэтибит.
Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…
“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…
«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…
Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…
Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…
Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…