Уон ойуур баһаарын умуруордулар

Ойуур уотун утары охсуһааччылар кэнники сууккаҕа 10 ойуур баһаарын умуруордулар.
Уот хаппыт уопсай иэнэ — 72 800,1 га. Оттон 13 ойуур баһаара ( уопсай иэнэ 1 471,5 га) булуллубут.
Иһитиннэриигэ этиллэринэн, сарсыарда бэлиэтэммитинэн 121 ойуур баһаара (494 597,5 га) уонна 1 ландшафтнай (14 га) баһаар баара ыйыллар. Уопсайа 11 980 га иэннээх сиринэн 11 ойуур баһаара бохсуллубут. Ойуурга уот үксэ хонтуруолланар, уустук суоллаах-иистээх уонна ыраах сирдэргэ баара ыйыллар.
Ойуур баһаарын умуруорууга 960 киһи, 16 тиэхиньикэ уонна авиация үлэлииллэр.
Суһал ыстаап иһитиннэрэринэн, сезон саҕаланыаҕыттан 427 ойуур баһаара (697 675,5 га), 49 ландшафтнай (иэнэ 4 844,9 га) уонна 2 ураты харыстанар сиргэ (15,3 га) бэлиэтэммит.
2021 сыллаахха сезон саҕаланыаҕыттан 1 120 ойуур баһаара (2,1 мөл га), 16 ураты харыстанар сиргэ (30 тыһ га) бэлиэтэнэн турар. 2022 сыллаахха — 370 ойуур баһаара (уопсай иэнэ 171 340,91 га) бэлиэтэммит.
СӨ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата
Хаартыска «Авиалесоохрана» ФБУ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: