«Уонна…»: Зоя Сылгытова

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

22.12.2024, 13:00
Хаартысканы Зоя Сылгытова тиксэрдэ
Бөлөххө киир:

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна…” биэрии көрөөччү кутун тутта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

2022 сыллаахха алтынньы саҥатыгар “Саха” НКИХ биир сонун биэриини сүрэхтээн, эпииргэ таһаарбыта. Ыытааччыларынан Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Дыгын оонньууларын кыайыылаа­ҕа Алексей Уваровскай уонна Сунтаар улууһуттан төрүттээх, уруккута физкултуура учуутала, 2013 сыллаахха Манчаары оонньууларын призера Зоя Сылгытова буолбуттара. Ол кэмтэн ыла мин сэһэргэһээччим Зоя Сылгытова бу биэриигэ ыытааччынан ситиһиилээхтик үлэлээн, дьон болҕомтотун тардар биэрии гына оҥордо.

Бүгүҥҥү “Итии чэй” ыалдьыта – “Саха” НКИХ «Уонна…» биэрии ыытааччыта Зоя Сылгытова.

Эһээ уонна эбээ оҕото

– Зоя, кэпсэтиибитин эн, айар үлэлээх киһи, ураты “Сылгытова” диэн уу сахалыы араспаанньаҕыттан саҕалыахха.

– Мин Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Төрүөхпүттэн эһээлээх эбээбэр иитиллибитим. Онон бу сиргэ саамай күндү дьоммун – эбээбин Зоя Федоровна Жиркованы уонна эһээм Петр Васильевич Сылгытовы өрүү оҕо сааһым сылаас сырдык өйдөбүлүнэн ахтабын, кинилэри наһаа суох­туубун. Эһээм миигин аһара таптыыр буолан, бэйэтин араспаанньатын биэрбит. Кини өр сыллар устата Сунтаарга порт начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Эбээм бэтэринээринэй быраас этэ.

Хаартысканы Зоя Сылгытова тиксэрдэ
Физкултуура учуутала

– Бэйэҥ идэҥ успуорду кытта сибээстээх эбит дии. Хаһан ханна туох үөрэҕи бүтэрбиккиний?

– Сунтаардааҕы политиэхиньиичэскэй лиссиэ­йи бүтэрэн баран, Дьо­куус­кайдааҕы С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай кэллиэскэ үөрэнэн, физкултуура учууталын идэтин ылбытым. 2013 сыллаахха бүтэрбитим. Ол кэннэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физкултуура уонна успуорт институтугар үрдэтинэн, 2019 сылтан тириэ­ньэр идэтин баһылаабытым.

Ситиһии аргыстаах

– Норуоттар икки ардыларынааҕы “Оҕо кэтэһэр учуутала” (“Учитель, которого ждут”) диэн бэрт интэриэһинэй ааттаах куонкуруска кыттан лауреат­таабыт, аны Манчаары оонньууларыгар спортсмен быһыытынан эмиэ кыттыбыт эбиккин.

– Үөрэхпин бүтэрээппин кытта Бурятияҕа Улан-Удэҕэ учуутал идэтин талбыт эдэр дьоҥҥо анаан норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус буол­бута. Онно ситиһиилээхтик кыттыбытым. 2013 сыллаахха Чурапчы улууһугар Манчаары оонньууларыгар многоборьеҕа кыттан, иккис миэстэ буолбутум. Үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ үөрэммит оскуолабар ыҥырбыттара, онно учууталлаабытым. Онтон иккис сылбар Олимпийскэй резервэ училищетын Сунтаардааҕы филиалыгар тириэньэринэн киирбитим. Ол кэнниттэн ыал буолан, дьиэ кэргэммин кытта куоракка көһөн кэлэн, “Чолбон” бассейҥҥа үлэлээбитим.

Айар кут ыҥырыыта

– Суруналыыстыка үлэтиттэн олох ыраах киһи, дууһаҕынан айар кут­таах буолан, тэлэбиидэнньэҕэ кэллэҕиҥ?

– «Уонна…» биэрии эпииргэ тахсыбыта икки сыл буолла. Режиссер – Сэмэй Сергеев. Социальнай ситимнэргэ сурутааччыларым, “эйиэхэ тэлэбии­дэнньэ ыытааччытын идэтэ олус барсар” диэн өрүү бэлиэ­тээччилэр. Онтон биир үтүө күн “саха тэлэбиидэнньэтигэр саҥа аралдьытар биэрии­гэ кастинг буолар үһү” диэн сураҕы истээт, бэйэбин холонон көрөргө санаммытым. Онно талыллан, быйыл үһүс сезоммун үлэлиибин.

Дьоруойу – хамаанданан

– “Уонна…” биэриигэ төннүннэххэ, хайдах дьоруо­йу буларгыттан үлэҕит эмиэ тутулук­таах буоллаҕа. Кинилэри хайдах-хантан булаҕытый?

– Тустаах дьоруойу хамаанданан көрдүүбүт. Биллэн турар, бастаан тиэмэҕин тобулаҕын. Ол ха­­йаан да дьон интэриэһин тардар буолуохтаах. Онтон дьэ дьоруойу көрдөөһүҥҥэ түһүнэҕин. Кистээбэккэ эттэххэ, биэриибит буолуо биир күн иннинэ оннук дьону булуу түгэнэ кытта баар буолааччы. Онон биэрии, биллэн турар, дьоруойуттан улахан тутулуктаах.

Хаартысканы Зоя Сылгытова тиксэрдэ
Үлэттэн дуоһуйуу

– Ыытааччы быһыытынан биэриигэр турукка хайдах киирэҕин? Долгуйаҕын дуо?

– Бастаан утаа наһаа долгуйар этим. Сыыйа киһи туохха барытыгар үөрэнэр буоллаҕа. Ол сиэринэн, эпииргэ өрүү ох курдук бэлэм буолабын. Үлэбин наһаа сөбүлүүбүн, ыллардым. Үөрэ-үөрэ тиийэн эпиирдиибин. Биэрии бүттэҕинэ, дуоһу­йуу, астыныы түгэнэ үүнэр. Ол баар, айар үлэ умсугутуулаах үлэтин биир үтүө өрүтэ.

+1
34
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
22 декабря
  • -32°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 75% Скорость ветра: 0 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: