Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна…” биэрии көрөөччү кутун тутта диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.
2022 сыллаахха алтынньы саҥатыгар “Саха” НКИХ биир сонун биэриини сүрэхтээн, эпииргэ таһаарбыта. Ыытааччыларынан Кэбээйи улууһуттан төрүттээх Дыгын оонньууларын кыайыылааҕа Алексей Уваровскай уонна Сунтаар улууһуттан төрүттээх, уруккута физкултуура учуутала, 2013 сыллаахха Манчаары оонньууларын призера Зоя Сылгытова буолбуттара. Ол кэмтэн ыла мин сэһэргэһээччим Зоя Сылгытова бу биэриигэ ыытааччынан ситиһиилээхтик үлэлээн, дьон болҕомтотун тардар биэрии гына оҥордо.
Бүгүҥҥү “Итии чэй” ыалдьыта – “Саха” НКИХ «Уонна…» биэрии ыытааччыта Зоя Сылгытова.
– Зоя, кэпсэтиибитин эн, айар үлэлээх киһи, ураты “Сылгытова” диэн уу сахалыы араспаанньаҕыттан саҕалыахха.
– Мин Сунтаар улууһун Сунтаар сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. Төрүөхпүттэн эһээлээх эбээбэр иитиллибитим. Онон бу сиргэ саамай күндү дьоммун – эбээбин Зоя Федоровна Жиркованы уонна эһээм Петр Васильевич Сылгытовы өрүү оҕо сааһым сылаас сырдык өйдөбүлүнэн ахтабын, кинилэри наһаа суохтуубун. Эһээм миигин аһара таптыыр буолан, бэйэтин араспаанньатын биэрбит. Кини өр сыллар устата Сунтаарга порт начаалынньыгынан үлэлээбитэ. Эбээм бэтэринээринэй быраас этэ.
– Бэйэҥ идэҥ успуорду кытта сибээстээх эбит дии. Хаһан ханна туох үөрэҕи бүтэрбиккиний?
– Сунтаардааҕы политиэхиньиичэскэй лиссиэйи бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы С.Ф. Гоголев аатынан педагогическай кэллиэскэ үөрэнэн, физкултуура учууталын идэтин ылбытым. 2013 сыллаахха бүтэрбитим. Ол кэннэ М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физкултуура уонна успуорт институтугар үрдэтинэн, 2019 сылтан тириэньэр идэтин баһылаабытым.
– Норуоттар икки ардыларынааҕы “Оҕо кэтэһэр учуутала” (“Учитель, которого ждут”) диэн бэрт интэриэһинэй ааттаах куонкуруска кыттан лауреаттаабыт, аны Манчаары оонньууларыгар спортсмен быһыытынан эмиэ кыттыбыт эбиккин.
– Үөрэхпин бүтэрээппин кытта Бурятияҕа Улан-Удэҕэ учуутал идэтин талбыт эдэр дьоҥҥо анаан норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус буолбута. Онно ситиһиилээхтик кыттыбытым. 2013 сыллаахха Чурапчы улууһугар Манчаары оонньууларыгар многоборьеҕа кыттан, иккис миэстэ буолбутум. Үөрэхпин бүтэрбитим кэннэ үөрэммит оскуолабар ыҥырбыттара, онно учууталлаабытым. Онтон иккис сылбар Олимпийскэй резервэ училищетын Сунтаардааҕы филиалыгар тириэньэринэн киирбитим. Ол кэнниттэн ыал буолан, дьиэ кэргэммин кытта куоракка көһөн кэлэн, “Чолбон” бассейҥҥа үлэлээбитим.
– Суруналыыстыка үлэтиттэн олох ыраах киһи, дууһаҕынан айар куттаах буолан, тэлэбиидэнньэҕэ кэллэҕиҥ?
– «Уонна…» биэрии эпииргэ тахсыбыта икки сыл буолла. Режиссер – Сэмэй Сергеев. Социальнай ситимнэргэ сурутааччыларым, “эйиэхэ тэлэбиидэнньэ ыытааччытын идэтэ олус барсар” диэн өрүү бэлиэтээччилэр. Онтон биир үтүө күн “саха тэлэбиидэнньэтигэр саҥа аралдьытар биэриигэ кастинг буолар үһү” диэн сураҕы истээт, бэйэбин холонон көрөргө санаммытым. Онно талыллан, быйыл үһүс сезоммун үлэлиибин.
– “Уонна…” биэриигэ төннүннэххэ, хайдах дьоруойу буларгыттан үлэҕит эмиэ тутулуктаах буоллаҕа. Кинилэри хайдах-хантан булаҕытый?
– Тустаах дьоруойу хамаанданан көрдүүбүт. Биллэн турар, бастаан тиэмэҕин тобулаҕын. Ол хайаан да дьон интэриэһин тардар буолуохтаах. Онтон дьэ дьоруойу көрдөөһүҥҥэ түһүнэҕин. Кистээбэккэ эттэххэ, биэриибит буолуо биир күн иннинэ оннук дьону булуу түгэнэ кытта баар буолааччы. Онон биэрии, биллэн турар, дьоруойуттан улахан тутулуктаах.
– Ыытааччы быһыытынан биэриигэр турукка хайдах киирэҕин? Долгуйаҕын дуо?
– Бастаан утаа наһаа долгуйар этим. Сыыйа киһи туохха барытыгар үөрэнэр буоллаҕа. Ол сиэринэн, эпииргэ өрүү ох курдук бэлэм буолабын. Үлэбин наһаа сөбүлүүбүн, ыллардым. Үөрэ-үөрэ тиийэн эпиирдиибин. Биэрии бүттэҕинэ, дуоһуйуу, астыныы түгэнэ үүнэр. Ол баар, айар үлэ умсугутуулаах үлэтин биир үтүө өрүтэ.
Олохпун, үлэбин кэрэ абылаҥнаах үҥкүүгэ анаабыт кэрэ кэмнэрим дьонугар уонна кэнники аттыбар буолан олохпун күн…
Хантан кэлбитэ, ким айбыта биллибэт эрээри, Саҥа дьыл бэйэтэ туспа үгэстээх, биттээх-билгэлээх. Сорох дьон маны…
Бу күннэргэ Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугар мас ууһун уонна кыра массыыналары көрүү-истии, өрөмүөннээһин сатабылларын төһө иҥэриммиттэрин…
Сунтаарга бу күннэргэ үс күн устата Алквиад Иванов аатынан Оҕо спортивнай олимпийскай эрэллэри бэлэмниир оскуолаҕа…
Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…
Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…