Уон төгүл дьоллоох ийэ
Лидия Спиридонова Ил Дархан илиититтэн өрөспүүбүлүкэ үрдүкү наҕараадатын — Дьоруой Ийэ бэлиэни тутар чиэскэ тиксибитэ. Кини кэргэнэ Владимир Михайловиһы кытта 12 оҕону төрөтөн, иитэн, быыкаа эрдэхтэриттэн бүөбэйдээн улаатыннаран, атахтарыгар туруорбут өҥөлөрүн судаарыстыба үрдүктүк сыаналаабыта. Ол эрээри, киниэхэ саамай үрдүк наҕараада — оҕолорун, сиэннэрин махталлара, тапталлара…
Хомойуох иһин, кэргэнэ оҕолор улаатан, төрөппүттэрин ытыстарын үрдүгэр илдьэ сылдьар далбардарын, минньигэсчээн сиэннэри бүөбэйдиир дьолу билбэккэ, олохтон эрдэ туораабыта…
Лидия Николаевна олоххо тардыһыыта, санаата күүстээх буолан, ити ыар сүтүгү намчы санныгар сүгэн, уйан, оҕолорун бэйэтэ үөрэттэрдэ. Оҕолор бэйэлэрэ да олоххо бэлэмнээх, үлэһит, дьулуурдаах буолан, биир-биир үөрэхтэнэн, үчүгэй үлэҕэ киирэн, кэргэннэнэн, олоххо суолларын булан испиттэрэ.
Оскуолаҕа бары да үөрэхтэригэр үчүгэй, актыбыыс, спортсмен, ырыаһыт-үҥкүүһүт этилэр, улуустааҕы күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кытталлара. Италияҕа, Кореяҕа буолбут бэстибээллэргэ кыттыбыттара. Икки кыыс үөрэхтэрин кыһыл дипломунан бүтэрбиттэрэ.
“Оҕо дьарыктаах буоллаҕына, олоххо тардыһар, сыалын ситиһэр эбит,” — диэн Лидия Николаевна оҕону иитиигэ кистэлэҥнэрин үллэстэр.
Оҕону бэйэ холобурунан иитии-үөрэтии
Элбэх оҕо бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааталлар диэн кырдьык. Ону Дьоруой ийэ эмиэ бигэргэтэр. Бастаан сэттэ кыыс субуруччу төрөөбүтүн кэннэ, кэргэнэ наһаа үөрэр этэ: “Оҕо диэн дьол, биһиги уон төгүл дьоллоохпут, оҕонон баайбыт!” — диирэ.
Онтон, дьэ, баҕалаах түөрт уолу уонна биир кыыһы Айыыһыттара анаабыта. Кып-кыракый кыргыттарын кус оҕолорун курдук окко, маска батыһыннара сылдьан, хотоҥҥо сырытыннаран, сүрүннээн үлэнэн ииппиттэрэ.
Ийэлэрэ иистэнньэҥ буолан, оҕолорун бэйэтэ иистэнэн таҥыннартыыра. “Мин бэйэм уолаттары кытары улаатаммын, бойобуой соҕус кыыс этим. Кэргэн тахсан баран, оҕобун таҥыннарыахпын баҕаран, ыаллыы олорор Сөдүөрэ диэн эмээхсинтэн сүбэлэтэн, аан бастаан андаатар бэргэһэни тикпитим. Онтум табыллан, мин да тигииһикпин диэн санаа үөскээбитэ”, — диэн кэпсиир Лидия Николаевна.
Кэлин кыргыттарын эмиэ иистэнэргэ үөрэппитэ. Уопсайынан, оҕо төрөппүтүн батыһан үөрэнэр диэн чахчы. Ону мындыр өбүгэлэрбит билэн, элбэх саҥата суох, бэйэ холобурунан иитэр ньымалары туһанан кэллэхтэрэ…
“Элбэх оҕолонортон куттанымаҥ!”
Спиридоновтар 2007 сыллаахха өрөспүүбүлүкэтээҕи “Бастыҥ дьиэ кэргэн” күрэскэ кыайбыттара. Элбэх оҕолоохторго судаарыстыба аныыр көмөтүн (сир учаастагын, массыына, дьиэ ыларга) барытын ылан, туһанан, Дьоруой Ийэ бырабыыталыстыбаҕа, Ил Дархаҥҥа ис сүрэҕиттэн махтанар.
Кини дойдутугар, Ньурба Маарыгар, өр сылларга оскуолаҕа төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн, түөлбэ салайааччытынан үлэлээбитэ. Ол курдук, уопсастыбаннай үлэттэн туора турбат көхтөөх ийэ.
“Аныгы үйэҕэ элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ, дьиэ кэргэн бигэ тирэхтээх буоларыгар көмөлөһөр элбэх миэрэлэр бааллар. Онон эдэр ыаллар, элбэх оҕолонортон куттанымаҥ! Кыргыттарбар да оннук этэбин, ону сиэн оҕо элбээн иһэрэ туоһулуур,” — диэн кини ыҥырар.
Билигин кини — оҕолорун тапталларыгар сууланар, быыкайкаан сиэннэриттэн күнэ-ыйа тахсар дьоллоох саха дьахтара… Чахчыта, кыыс оҕо буолан төрөөн, аналлааҕын көрсөн, күүстээх тапталы билэн, сүрэххэ сыдьаайар сылаас тапталы уон төгүл улаатыннаран, уон оҕоҕо иҥэрэн, ол тапталтан саҕыллан, сиэн оҕолор улааталларын, удьуор ууһаан-тэнийэн иһэрин көрөртөн ордук дьол бу орто дойдуга баара буолуо дуо?..
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: