Бу күннэргэ Ньурба улууһуттан төрүттээх капитан званиелаах байыаннай сулууспалаах Николай Н. дойдутугар уоппускаҕа кэлэ сылдьар.
Кинини Ньурба улууһун баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Бурнашев уонна Октябрьскай нэһилиэк баһылыга Семен Корякин көрүстүлэр. Буойуну кытта көрсүһүү туһунан биһиги Семен Корякины кытта кэпсэттибит.
— Байыаннай эпэрээссийэттэн уоппускатыгар кэлэ сылдьар Антоновкаттан төрүттээх уолу көрсөөрү тиийбитим, бэйэтэ сэмэй киһи бу көрсүһүүгэ кэлбэтэҕэ. Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Николай Бурнашевтыын Убайаантан төрүттээх буойун Николай Н. көрсүбүппүт.
Кини 2003 сыллаахха срочнай сулууспаҕа барбыт, онтон сүүрбэ сааһыгар салгыы Хабаровскайга байыаннай сулууспаҕа хааларга хантараакка илии баттаан, күн бүгүҥҥэ диэри сулууспалыы сылдьар киһи. Кини — Чечня сэриитин кыттыылааҕа, бойобуой дьайыы бэтэрээнэ. Билигин Украинаҕа байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан кыттар.
2022 сыллааха хорсун быһыытын иһин «Мужество» уордьанынан наҕараадаламмыт. Бэйэтэ Хабаровскайга сулууспалыыр кэмигэр ыал буолбут уонна онно олохсуйбут, икки оҕолоох ыал.
Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…
Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…
АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын кытары хардарыта бииргэ…
Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…
Бу күннэргэ улуустарга баһылыктар отчуоттара саҕаланнылар. Бэҕэһээ Горнай улууһун салалтата Солоҕон уонна Мытаах, бүгүн Бэс…
Бүгүн, тохсунньу 15 күнүгэр, Уус Маайа улууһа "Кыайыы знамята" өрөспүүбүлүкэтээҕи эстэпиэтэни Алдан улууһугар туттарда. "Кыайыы…