Уопсай баанньык баара ордук

Share

Бу күннэргэ “баанньыктааххыт дуо?” диэн улуустарга эрийэн ыйытан, билэр-билбэт дьоммун соһуттум быһыылаах. Баанньык диэн чэгиэн доруобуйалаах, үтүө туруктаах буолууга көмөлөһөр эмиэ дириҥ суолталаах тэрилтэ буоллаҕа. Өйдүүр инигит, сэбиэскэй кэмҥэ оттор мас, суунар уу баһыллыбакка, баанньык биир күн үлэлээбэтэҕинэ, улахан айдаан буоларын. Баанньык баар буолан улахан ыарыы тарҕаммат дииллэрин истээччибит. Бу аналын аныгы да кэмҥэ толоро турдаҕа.

Билигин, аныгы сайдыылаах үйэҕэ, бу боппуруос хайдаҕый? Тыа сиригэр уонна хоту ыйыталастахха, дьон үксэ дэриэ­бинэлэргэ чааһынай баанньыктаммыт. Ол олус үчүгэй. Мастаах дойду дьоно кыахтара тиийэринэн тутуннахтара диэн сэрэйиллэр. Үгүстэрэ тимир оһохтоох, кыра буолаллар. Мууһу, хаары уулларан, сорохтор күөлтэн уу бастаран сууналлар. Аны туран толору уонна быстах хааччыллыылах дьиэлэргэ олорооччуларга баанньык боппуруоһа соччо сытыытык турбат.  Куораттыы бааннаҕа, душка сууналлар. Томпо Кириэс Халдьаайытыгар, табалаах Тополинайга итинник балаһыанньа эбит.  Баанньык туттумаары, тыа сиригэр сорохтор бырагыраамаҕа киирсэн, дьиэлэргэ душ туруортараллар дииллэр. Мэҥэ Хаҥалас Тиэлигитигэр 10-ча ыал душ  туруортарбыттарын туһунан кэпсииллэр.

Дьааҥы улууһун Суордаах  олохтоохторо үгүстэрэ баанньыктаахтар эбит. Уонна үгүстэрэ эмиэ бэйэлэрэ туттубуттар. Чурапчы Мугудай сэлиэн­ньэтигэр дьоҕус баанньыктаахтарын курдук, атын тыа сирин да нэһилиэктэрэ тэринэллэрэ туох куһаҕаннаах буолуой?  Олохтоох дьаһалталар бу боппуруоһу болҕомтоҕо ылаллара хайҕаллаах. Улуустар кииннэригэр уопсастыбаннай баанньыктар баалларын туһунан кэпсиэххэ сөп. Холобура, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Алын Бэстээххэ уонна Майаҕа баарын этэллэр.

Дьокуускай баанньыктара хайдаҕын олохтоохтор бэркэ билэллэр. Турар сирэ чугаһынан “Залогтааҕы” баанньыгы үгүс киһи ордорор. Манна “Социальнай парикмахерскай” баарын да иһин сууна кэлэллэр быһыы­лаах. Биэнсийэлээхтэргэ чэпчэ­тиилээх  буолан, уос номоҕор сылдьар. Өссө илбийээччи өҥөтүн эмиэ туһаныахха сөп. Бу тэрилтэ “Дьокуускай куорат “ куорат уокуругун “Тиэхиньиичэскэй хааччы­йыыга сулууспа” МУП-ка киирсэр эбит. Манна 7 саастарыгар диэри оҕолор босхо сууналлар. Билиҥҥи туругунан, маннык сыана-тарыып быһыллыбыт: улахан дьон – 350 солк., 7-17 саастаах оҕолорго  – 210 солк., чэпчэтиинэн туһанааччыларга – 220 солк .

Хотуларга баар

Ыраах Өлөөн сэлиэнньэтигэр урут баһылыктыыр кэмигэр Прокопий Николаев бэртээхэй дьиэни туттаран, абыраабыта, билигин да үлэлиир диэн олохтоохтор махтанан ахталлар. Баанньыгы биирдэм ур­­баанньыт үлэлэтэр эбит. Сыаната – 200 солк. Манна киэҥ-куоҥ дьиэҕэ парикмахерскай, массаж кэбиниэтэ, тыҥырах оҥорооччу өҥөлөрө эмиэ баар. Бэл, туалеттаах. Өлөөн сэлиэнньэтигэр, дьэ, ити курдук аныгылыы тэриммиттэр.

Эмиэ тус хоту сытар Аллайыаха улууһун Чокуурдаах сэлиэнньэтигэр урбаанньыт Виталий Мясоедов субуотаҕа уонна өрөбүлгэ үлэлэтэн дьону абыраабыт.

– Биһиэхэ сууна кэлээччилэргэ чэпчэтиилээх тарыып­таахпыт. Ол курдук, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ, үлэлээбэт биэнси­йэлээхтэргэ, ин­­бэлииттэргэ ИП 50 бырыһыаннаах чэпчэтии оҥорор. Ону дьон биһириир. Итинтэн атыттарга 1 чаас – 500 солк., 1,5 чаас – 650 солк., 2 чаас – 800 солк. быһыллыбыта. Баанньыкпытыгар
2004 с. хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыта. Парилкабытын олус астыналлар. Субуотаҕа уонна өрөбүлгэ төһө киһи сылдьарый диэтэххэ, холобура, дьахтар күнүгэр – 14 киһи, эр киһи күнүгэр – 11 киһи кэлэн сууммута. Биһиги дьиэ­битин-уоппутун өрөмүөннүүрбүтүгэр олохтоох дьаһалта  көмөлөһүө диэн эрэнэбит, – диэн үлэтин быыһыгар кэпсээтэ  үлэһит Светлана Леучева.

Балыыһа буолбута

Баанньык да абыраабыт түгэнин ахтан аһарыаҕы баҕарыллар. Сопхуостар силигилээн олорор кэмнэригэр Мэҥэ Хаҥалас Хочо сэлиэнньэтигэр “Наахара” сопхуос киин уһаайбата буолан, олус улахан таас баанньык тутуллубута. Сороҕор куоракка  “Залогтааҕы” мас баанньыгы көрдөхпүнэ, сонньуйан ылабын. Кэлин ол дьиэ­ни иккистээн туһаҕа таһаар­быттара. Балыыһа дьиэтэ эргэрбитигэр ол таас баанньыгы иккис этээстээн бэртээхэй балыыһа гына оҥорбуттар этэ. Сатаатахха, туох барыта табылларын үтүө холобура. Онон билигин бөһүөлэккэ баар үс таас дьиэттэн биирдэстэрэ буолан турар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт

Доҕордуу көрсүһүүгэ икки хамаанда күөн көрүстэ

Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…

21 минута ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Тускул: «Кэлэр нэдиэлэттэн улахан сылыйыы буолуоҕа»

Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Норуот ньыматынан эмтэнии

Былыр аныгы курдук аптека да, балыыһа даҕаны диэн суох. Онон хас эмэ үйэ тухары көлүөнэттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Психологтар байыастарга сүбэ-ама биэрэллэр

Байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр психологтар көмөлөрө, өйөбүллэрэ салҕанар. Ааспыт нэдиэлэҕэ, ону сэргэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Блогердыах баҕаттан…

Сорохтор уонунан, сүүһүнэн миэтэрэ үөһэ ытталлар, атыттар саастыылаахтарын кырбыылларын видеоҕа усталлар. Бу барыта биир эрэ…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Уһун үйэлэниэххин баҕараҕын дуо?

Ким этэҥҥэ сылдьыан, уһун үйэлэниэн баҕарбат буолуой? Бары да уһуннук, дьоллоохтук олорору сэргиир, сэҥээрэр буоллахпыт.…

3 часа ago