Дьокуускай куорат Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа баар уопсай дьиэ кыра хоһугар биир дьахтар 16 ыты иитэн олорбут. Кини ыт оҕолорун уулуссаттан хомуйан аҕалан хоһугар тутар эбит.
Ол эрээри кэннилэриттэн хомуйбат, таһырдьа таһааран күүлэйдэппэт, киһилии көрбөт эбит. Тулуйа сатаан баран ыаллыы олорор дьон үҥсүү суруйбуттар. Онон ыттары мунньар дьахтары кыылы иитиигэ быраабыланы кэһии иһин административнай эппиэтинэскэ тардыбыттар. Бу туһунан СӨ Бэтэринээрийэҕэ департаменын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Департамент судаарыстыбаннай иниспиэктэрэ, Промышленнай уокурук исписэлиистэрэ, полиция участковайа буолан ыйыллыбыт аадырыска тиийэн балаһыанньаны билсибиттэр. 16 ыттан 12 ыт оҕотун ылан, ыты быстах кэмҥэ тутар «Помоги выжить» пууҥҥа илдьэн туттарбыттар.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…