Уопсастыбаннай балаата 17 баартыйаны кытта сөбүлэһиигэ илии баттаста
РФ Уопсастыбаннай балаатата 17 баартыйаны, ол иһигэр «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаны кытта бэрэсидьиэн быыбарыгар тутулуга суох кэтээн көрүү туһунан сөбүлэһиигэ илии баттастылар. Саха сиригэр быыбардыыр учаастактары Уопсастыбаннай кэтээн көрүү киинин волонтердара хонтуруоллуохтара.
Сөбүлэһии быыбарга туох баар дьайыы ыраас буоларын мэктиэлиир, ол иһигэр кэтээн көрөөччүлэр бииргэ үөрэнэллэрин, тас өттүттэн оҥоһуллар орооһууну туоратыыны, о.д.а.
— Сөбүлэһиигэ 17 баартыйа илии баттаста: «Биир ньыгыл Арассыыйа», ЛДПР, «Справедливая Россия – Патриоты – За правду», «Новые люди», «Коммунисты России», «Партия прогресса», «Партия за справедливость», «Российский общенародный союз», «Зеленая альтернатива», «Гражданская платформа», РЭП «Зеленые», «Российская партия свободы и справедливости», «Гражданская сила», «Российская партия пенсионеров за социальную справедливость», «Родина», «Демократическая партия России», «Казачья партия Российской Федерации». Бу хаалбыт кэмҥэ атын да баартыйалар кыттыһыахтарын сөп, — диэн «Биир ньыгыл Арассыыйа» Саха сиринээҕи ситэриилээх кэмитиэтин салайааччыта Сулустан Заболоцкай эттэ.
Саха сирин Уопсастыбаннай балаатата иһитиннэрбитинэн, 2 тыһыынча кэриҥэ уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр талыллыбыттар. Уопсастыбаннай кэтээн көрүү ыстаабын Уопсастыбаннай балаата бэрэссэдээтэлэ Станислав Иванов салайар.
— Судаарыстыба баһылыгын талыы — дойдубутугар улахан суолталаах бэлиэ түгэн. Бу инникитин уонунан сылларга судаарыстыба сайдыытын торумнуур. Онтон сөбүлэһиигэ илии баттаһыы быыбар дьэҥкэтик, ыраастык ыытылларын мэктиэлиир. Быыбар тула балаһыанньаны түөрэҥнэтэр күүстэри утары уопсастыба бэйэтэ турунар, — диэн Сулустан Заболоцкай бэлиэтээтэ.
Станислав Иванов эппитинэн, 434 муниципальнай тэриллиилэргэ 800 учаастакка барыларыгар уопсастыбаннай кэтээн көрөөччүлэр үлэлиэхтэрэ. Уопсастыбаннай балаата былырыыҥҥыттан ыла улуустарга 700-тэн тахса киһини, 1200-тэн тахса киһини тэйиччиттэн үөрэттэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: