Уопсастыбаннай балаата салайааччыта куорат мэрин быыбарын уларыйыыларын туһунан санаатын эттэ

Share

Саха сирин Уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Станислав Иванов Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын бөлөҕүн куорат мэрин куонкуруска олоҕуран талыахха диэн этиилэригэр бэйэтин санаатын эттэ.

Докумуон бэҕэһээ, сэтинньи 7 күнүгэр, бэрэстэбиитэллээх уорган көрүүтүгэр киирдэ. Көҕүлүүр бырайыак быһыытынан Дьокуускай куорат мэрин дьокутааттар киирбит хандьыдааттар испииһэктэриттэн куонкуруһун таларга этэллэр. Кинилэр саныылларынан, маннык пуорманан таллахтарына, куорат дьаһалтын баһылыгын салайар таһымыгар ирдэбил улаатыаҕа.

«Якутия-Daily» хаһыат эрэдээксийэтэ бу туһунан СӨ Уопсастыбаннай балаататын салайааччыта туох санаалааҕын ыйыталаста. Станислав Иванов маннык хоруйдаата:

— Алтынньы ый устата Уопсастыбаннай балаатаҕа өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан дьон-сэргэ кыттыылаах федеральнай сокуон барылын дьүүллэһии буолла. Киирбит этиилэр бары түмүллүбүттэрэ. Саха сирин араас муннуктарыттан, ол иһигэр нэһилиэктэртэн балачча элбэх этии киирбитэ.

Куорат мэрин Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара киирбит хандьыдааттар испииһэктэриттэн куонкуруһун таларга диэн бэҕэһээ тарҕаммыт этиилэрин туһунан иһитиннэриигэ мин маннык санаалаахпын: итинник вариант эмиэолоххо киириэн сөп. Тоҕо диэтэххэ, хас даҕаны хандьыдааттан салайар хаачыстыбатынан талан, мэр Дьокуускай куора Дууматын иннигэр отчуоттуурун, ону тэҥэ миэстэтигэр былаас сомоҕолоһуутун ситиһиэххэ сөп. Маннык пуорманан бардаҕына, бу биир сомоҕо – баһылык уонна  бэйэлэрин быыбардааччыларын интэриэһинэн көмүскүүр дьокутааттар хамаандалара буолуо диэн сабаҕалыахха сөп. Кинилэр Дьокуускай куорат олохтоохторун интэриэһинэн салайтаран үлэлиэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сыла бэлиэтэннэ

Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай тыйаатырыгар саха биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй…

4 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Саха сирин олохтооҕо оҥочо мотуорун сакаастаары, 70 тыһ.солк. албыннаппыт

Томмот полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар 43 саастаах бульдозерист сайабылыанньа суруйбут. Кини саайт нөҥүө оҥочо мотуорун…

5 часов ago
  • Сонуннар

Кыттыгас үбүлээһин тула

Саха сирин Хапытаалынай өрөмүөҥҥэ пуондата ВКС эрэсииминэн кылгас болдьохтоох былаан туһунан муниципалитеттары кытта мунньах ыытта.…

6 часов ago
  • Сонуннар

Аммалар улуус баһылыгын муҥхатын кэмигэр күрэхтэһиэхтэрэ

Амма улууһун баhылыга Степан Николаевич Кузьмин муҥхатын кэмигэр, сэтинньи 9 күнүгэр балыктыыр биригээдэлэр икки ардыларыгар…

7 часов ago
  • Бэрээдэк

Банкеттыыр саала үлэһитэ хамнаһын төлөөбөккөлөр, харчы уорбут

Бүлүү оройуоннааҕы полиция отделыгар олохтоох киһи 27 тыһ.солк. тахса харчытын уорбуттарынан сайабылыанньа суруйбут. Эмсэҕэлээччи банкеттыыр…

7 часов ago
  • Сонуннар

Өлүөхүмэ улууһун баһылыга тутуу икки эбийиэгин көрдө-иһиттэ

Күн бүгүн Өлүөхүмэ улууһун олохтоохторугар социальнай суолталаах икки улахан тутуу барар турар – доруобуйа харыстабылын…

8 часов ago