Уопсастыбаннай экологтар кэккэ боппуруостары көрдүлэр
Бэҕэһээ Экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын министиэристибэтин Уопсастыбаннай сэбиэтэ үһүс тэрээһиннээх мунньаҕын ыытта. Тэрээһини Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Михаил Черосов иилээн-саҕалаан ыытта.
Мунньахха 2024 сылга улахан айдааннаах түбэлтэлэрин – Соҕуруу Талакааннааҕы НГКМ 11 №-дээх скважинатыгар, Өлүөхүмэ улууһун Тээнэ сэлиэнньэтигэр, Эдьигээн улууһугар өрүскэ тимирбит суудуна уонна Алдан улууһун өрүстэрин, үрэхтэрин киртитии, Дьокуускай куоракка экологическай балаһыанньа, бултааһын хаһаайыстыбатын сайдыытын туһунан боппуруостары көрдүлэр итиэннэ «Экологическое благополучие» нацбырайыакка этиилэри киллэрдилэр.
Көрүллүбүт боппуруостарынан Уопсастыбаннай сэбиэт уопастыба интэриэһин уонна уопсай санааны учуоттаан, үлэни тупсарарга этиилэри киллэриэҕэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: