Уопсастыбаннай сэбиэт балыыһалар өҥөлөрүн хаачыстыбатын сыаналаата
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Доруобуйаҕа харыстабылын министиэристибэтин уопсастыбаннай сэбиэтин уочараттаах мунньаҕар мэдиссиинэ өҥөтүн хаачыстыбатын дьүүллэстилэр.
2024 сылга тутулуга суох бэрэбиэркэ Өрөспүүбүлүкэтээҕи 1-дээх нүөмэрдээх балыыһаҕа-Мэдиссиинэ национальнай киинигэр, 3 нүөмэрдээх өрөспүүбүлүкэтээҕи килиниичэскэй балыыһаҕа, Офтальмология өрөспүүбүлүкэтээҕи килииничэскэй балыыһатыгар, Дьокуускай куорат Мэдиссиинэҕэ киинигэр, Дьокуускай куорат 2 уонна 3 нүөмэрдээх балыыһаларыгар, Айхал куорат балыыһатыгар уонна Дьокуускайга Стоматология анал киинигэр ыытылынна.
Сыл устата эмтэнээччилэр анкета толорторбуттара, онон барыта 5087 анкетаны көрдүлэр. Мэдиссиинэ тэрилтэлэрин үлэлэрин: балыыһа туһунан иһитиннэрии төһө аһаҕаһа уонна табыгастааҕа (официальнай саайт уо.д.а.), усулуобуйа уонна өҥөнү ылыы хаачыстыбата, уочараты күүтүү, үлэһиттэр сыһыаннара, мэдиссиинэ өҥөтүнэн астыныы уо.д.а. киритиэрийдэринэн сыаналаатылар.
Үчүгэй түмүктэр бааллар. Ол да буоллар, киһи өссө тупсарыан сөптөөх көрдөрүүлэрэ эмиэ билиннилэр. Ол курдук, Уопсастыбаннай сэбиэт эмтиир тэрилтэлэр доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо усулуобуйаны салгыы тупсаралларыгар, балыыһалар уонна поликлиникалар тастарыгар массыыналар турар сирдэрин оҥорорго эттилэр.
Уопсастыбаннай сэбиэт эһиилги былааны торумнаата. Ол иһигэр, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар мэдиссиинэ көмөтүн тэрийиини өссө ырытан көрөргө уо.д.а. быһаардылар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: