Уопсастыбаннай сири-уоту тупсаран оҥорууга куоластааҥ, кыттыҥ!
Уопсастыбаннай сири-уоту тупсаран оҥорууга куоластааһын ыытылла турар.
Кулун тутар 15 күнүттэн муус устар 30 күнүгэр диэри http://14.gorodsreda.ru саайтка киирэн бэйэҕит санааҕытын биллэриэххитин сөп. Санатан эттэххэ, «Куорат тупсаҕай эйгэтин тэрийии» бырайыакка тупсаран оҥоруу испииһэгэр Саха сирин 31 нэһилиэнньэлээх пуунугар 67 уопсастыбаннай эйгэ киирбитин туһунан суруллан турар. Ол курдук, Мииринэйгэ уопсастыбаннай эйгэни тупсарыыга куоластыырга 2 бырайыак баар. Манна В.И.Ленин болуоссатын, Алмаас түмэлин искибиэрин уонна дьон сылдьар сирин тупсаран оҥоруу. Санатар буоллахха, болуоссакка, Алмаас түмэлин сиригэр дьон сылдьар сирин анал бүрүөһүннэринэн бүрүйэри, уулусса көстүүтүн тупсарар, уотун-күөһүн, күрүөтүн-хаһаатын оҥорор туһунан былааннаммыт. Маны тэҥэ, Мииринэй куоракка Ленинградскай проспегы саҥалыы уларытан оҥоруу киллэриллибитэ. Куорат сүрүн уулуссатын саҥардан оҥоруу дьоҕус биисинэһи сайыннарыыга, дьону-сэргэни, туристары көрсүү эйгэтигэр сонун көстүүнэн, тирэҕинэн буолар кыахтааҕа ыйыллан турар. Мана уот-күөс, үүнээйиттэн күрүө-хаһаа, о.д.а. былааннаммыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьон-сэргэ кыттыыта көхтөөх.
Куоластыан баҕалаахтар http://14.gorodsreda.ru киирэҕит, «Госуслуги» порталынан, салгыы муниципальнай тэриллиини уонна тупсаран оҥорор сири талаҕыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: