Уопсастыбаннас Өймөкөөн Арктическай зонаҕа киирсэрин туруорсар

Share

Бу күннэргэ Өймөкөөн улууһун салалтата Арктика уонна норуоттар дьыалаларын министэристибэтигэр  тымныытынан аатырар Өймөкөөн улууһа Арктическай зонаҕа киириэн сөбүн эбэтэр ураты тымныы сир буоларынан сибээстээн, суолталаах статустаныан сөптөөҕүн ырыттылар.

Тэрээһиҥҥэ миниистир Владимир Черноградскай, Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников СӨ экэниэмикэ министиэристибэтин кылаабынай  исписэлииһэ Борис Васильев, СӨ урбаан, эргиэн уонна туризм министиэристибэтин туризм индустриятын отделын салайааччыта Степанида Оконешникова кыттыыны ыллылар. Өймөкөөн улууһун салалтатын кытта бу суолталаах боппуруоска өр сылларга бииргэ үлэлэһэ олорор учуонайдар эрдэттэн оҥостон бэлэмнэнэн кэлэн, бэрт дириҥ ис хоһоонноох научнай хабааннаах ырытыыны оҥордулар.

Аан дойдуга Өймөкөөн улууһа Тымныы полюһунан биллэр, олохтоохтор тоҥон-хатан эрэйдэнэбит эрээри, күн бүгүҥҥэ диэри Арктическай улуустар зоналарыгар да киирбэппит, анал статуспут да суох”, — диэн саҕалаата бэйэтин этиитин улуустааҕы култуура уонна туризм сайдыытын управлениетын салайааччыта Аксинья Сивцева. Кини Өймөкөөн улууһун олохтоохторун саамай долгутар боппуруоһугар туох үлэ ыытылларын сиһилии сырдатта.

Төрөөбүт Өймөкөөнүн сайдыытын туһугар бары кыаҕын ууран үлэлэһэр, өймөкөөннөр тумус туттар патриот уоллара, биологическай наука кандидата, доцент, Саха сирин Мэдиссиинэ кэлим кыһалҕаларын киинин ыстаарсай научнай сотруднига, кыраайы үөрэтээччи Спиридон Слепцов мунньах кыттааччыларыгар анаан ыыппыт чинчийиититтэн билиһиннэрдэ: «Былырыын Өймөкөөҥҥө улахан таһымнаах медицинскэй-социологическай чинчийии үлэтин ыыппыппыт. Бу улуустан өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар тэҥнээтэххэ, дьон көһөн барыыта саамай элбэх. Үтүө кэмнэргэ манна 30 тыһыынча киһи олорбута. Билигин  улуус нэһилиэнньэтин ахсаана — 7 тыһ. 600 киһи. 90-с сыллартан саҕаламмыт дьон көһөн барыыта элбээн иһэр. Ол иһин кэнники сылларга  нэһилиэнньэ ахсаана 20 бырыһыан аҕыйаабыт. Былырыын дойдубар Томторго бара сылдьыбытым. Хас да дьиэни ааһан баран, утары иһэр биир дойдулаахпыттан “хайа, бу сэбиэскэй кэм “швабраларын үйэтэ” ааһан, ааннар күлүүһүнэн хатанар буолбуттар дуу?” диэн ыйыппыппар, “суох, доҕоор, бу дьон кыстыы барбыттара, төннөллөрө биллибэт” диэн хоруйдаабыта. Ити курдук, Өймөкөөҥҥө олорор усулуобуйа суоҕуттан, туох да чэпчэтии көрүллүбэтиттэн, мэдиссиинэ быстар мөлтөх туруктааҕыттан дьон көһөргө күһэллэллэр».

Мунньахха кыттыыны ылбыт Саха сирин гидрометеорологиятын уонна тулалыыр эйгэни кэтээн көрөр тэрилтэ салайааччыта Людмила Марушко Өймөкөөн тымныытын кэнники сылларга кэтээн көрбүт түмүктэрин иһитиннэрдэ.

Арассыыйа гидрометеорологиятын уонна айылҕа харыстабылын мониторинын Арктика зонатыгар кэтээн көрөр ситими сайыннарыыга уонна саҥардыыга тус сыаллаах субсидия бырагыраамата баар. Бу үбүнэн Арктика зонатыгар баар метеоыстаансыйаларга анал оборудованиены уонна модульнай дьиэлэри атыылаһабыт. Хомойуох иһин, Өймөкөөн улууһун эргэрбит метеоыстаансыйаларыгар  бу бырагыраама чэрчитинэн  өрөспүүбүлүкэ Арктическай улуустарыгар киирбэтинэн сибээстээн, олус наадаллаах тэрилинэн хааччыйар да, саҥардар да кыахпыт суох. Онон кэлиҥҥи 20 сылга тымныытынан аатырар Өймөкөөн улууһугар тустаах болҕомто ууруллуон наада, — диэн бэлиэтээтэ Людмила Марушко.

Юридическай наука доктора Татьяна ИвановаӨймөкөөн улууһа аан дойдуга тымныытынан биллэр оройуонунан уонна билигин да бу тымныытын өр сылларга бигэргэтэрин быһыытынан, ураты статустанар дуу эбэтэр Арктичекай зонаҕа киирэр дуу хайа баҕарар кыахтаах. Онон бүгүҥҥү курдук бары эйгэ бэрэстэбиитэллэрин түмэн, сотору кэминэн бу улуус көмүс хостуур баахтанан эрэ сылдьар оройуон буолбатын, төрүт олохтоох дьону олохсутан хаалларар туһугар салгыы туруулаһыаххытын наада. Арктическай зонаҕа киирбит улуустар элбэх чэпчэтиинэн туһаналлар. Саамай тымныытынан аатырар улууспут олохтоохторо оннук чэпчэтиинэн туһаналларын ситиһэргэ сорунаргыт кэрэхсэбиллээх. Онон тохтоон хаалбакка, маннык кэпсэтиилэри чаастатык ыытыахха наада. Сокуону оҥорооччулары кытта ыкса сибээстээхтик үлэлэһэр сорук турар” диэн бэлиэтээтэ.

П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥ институтун криогеннай чинчийии лабораториятын научнай сотруднига Розалия Иванова Өймөкөөн улууһун салалтатын  кытта өр сылларга үлэлэһэр.  Розалия Никифоровна Нуучча географическай уопсастыбатын чилиэнин быһыытынан Өймөкөөн улууһугар улахан болҕомтотун уурар. Өймөкөөн улууһун баһылыктара субу-субу уларыйаллара бу боппуруос салгыы оннуттан хамсыырын бытаардарын тоһоҕолоон бэлиэтээн туран, Розалия Иванова санаатын маннык тиэртэ: “П.И. Мельников аатынан Ирбэт тоҥу үөрэтэр институт учуонайдара кэлиҥҥи сылларга Өймөкөөн тымныытын ырытан, туһааннаах болҕомтону улуус олохтоохторугар уурар уолдьаспытын туһунан үс научнай-практическай кэмпириэнсэйэни ыыттыбыт. Өймөкөөн улууһун ирбэт тоҥноох килиимэтигэр туһаайыллыбыт “Вопросы географии Якутии” диэн монография анал нүөмэрин бу улууска чопчу анаан  таһаарбыппыт. 2017 сыл кулун тутар 25 күнүгэр Томтор нэһилиэгэр Москваттан Нуучча географическай уопсастыбатын салалтата уонна Арктика социальнай проблемаларыгар уонна криологиятыгар сүрүннүүр учуонайдар кыттыылаах бэрт дириҥ ис хоһоонноох киэҥ ыҥырыылаах “төгүрүк остуолу” тэрийэн ыппыппыт. Онно эмиэ Өймөкөөн улууһун Арктика зонатыгар киллэриини өйүүр резолюция ылыллыбыта”. Институт научнай үлэһитэ Өймөкөөн улууһун баһылыктара элбэхтик уларыйаллара бу боппуруоһу салгыы быһаарыыны улаханнык бытаардарын анаан тоһоҕолоон бэлиэтээтэ: “Кэлиҥҥи сылларга Өймөкөөн улууһа баһылыктарыгар табыллыбат. Онон “төгүрүк остуоллар” кэпсэтиилэригэр олоҕуран төһө да улахан суолталаах быһаарыылары ылыммыппыт иһин, боппуруос син биир  оннуттан харыс да сыҕарыйбакка турар”.

Суолталаах боппуруоһу дьүүллэһэр мунньахха юридическай, географическай, социологическай наукалар үс доктордора  кыттыыны ылбыттара бу көрсүһүүнү улахан суолталаата, үрдүк таһымнаата.

Мунньахха тыл эппит дьон анаарыыларын, чинчийиилэрин түмүгүн истэн баран, Өймөкөөн улууһун кытта ыкса үлэлэһэр учуонай, социлогическай наука доктора, Култуура  уонна ускуустуба Арктическай судаарыстыбаннай институтун профессора, өймөкөөннөр олус ытыктыыр киһилэрэ Ульяна Винокурова телеграм-ханаалыгар маннык түмүгү оҥордо: “Медицинскэй уонна социальнай чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн, оройуон нэһилиэнньэтин 70% доруобуйатын туругуттан уонна олох хаачыстыбата мөлтөҕүттэн сылтаан мантан букатыннаахтык көһөн барар былааннаахтар. Кэнники уон сыл устата 1 600 кэриҥэ киһи олохсуйбут сириттэн көстө. Маннык маасабай көһүү атын улуустарга бэлиэтэнэ илик. Улуус көхтөөх уопсастыбаннаһын баҕа санааларын өйөөн, Өймөкөөн оройуонун – Тымныы полюһун РФ Арктическай зонатыгар киллэрэргэ туһуламмыт научнай уопсастыба 10-тан тахса сыл устата туруорсан кэллэ. Уһаан-кэҥээн турар боппуруоһу Өймөкөөн оройуонугар планета хотугу полушариетын Тымныы полюһун быһыытынан статуһу иҥэрэр боппуруоһу  Федерация Сэбиэтин таһымыгар эрэ быһаарыахха сөп. Онон Өймөкөөн улууһун олохтоохторо кинилэр кыһалҕаларын сиһилии билэр, кинилэртэн улахан бэлиитикэҕэ итэҕэл мандатын ылбыт Федерация Сэбиэтин чилиэнэ Сахамин Афанасьев диэки эрэнэ хайыһаллар”. Ульяна Алексеевна “аан дойдуга Саха сирин Өймөкөөн тымныытынан ордук билэллэр. Сүүрбэттэн тахса сыл тухары кыһыҥҥы ыйдарга чысхаан тымныытынан хайа да улуустартан ураты чорбойон бигэргэтэ турар Өймөкөөммүтүгэр тустаах болҕомто ууруллара уолдьаста” диэн мунньахха бэрт олохтоохтук тыл эттэ. Онон Өймөкөөн улууһун олохтоохторо суолталаах боппуруоһу быһаарыы аны Федерация Сэбиэтин таһымыгар салҕанан барыаҕа диэн улаханнык эрэнэллэр.

Арктика уонна Хотугу сир норуоттарын дьыалаларын  миниистирэ Владимир Черноградскай «саҥа талыллыбыт улуус баһылыга Александр Оконешников  үлэтин бэйэтин улууһун биир саамай уустук уонна сытыы боппуруоһун ырытыыттан саҕалаабыта хайҕаллаах суол» диэн анаан бэлиэтээтэ. “Бу манна холобурдаммыт олус элбэх научнай, юридическай ис хоһоонноох докумуоннаргытын сааһылаан баран, “Дорожнай каартата” оҥоруҥ. Биһиги сүбэҕэ-амаҕа наадыйдаххытына өйүүргэ бэлэммит” диэн сүбэлээтэ миниистир мунньаҕы түмүктүүрүгэр.

… Сэтинньи саҥатыгар Өймөкөөн улууһун баһылыга Александр Оконешников улуус нэһилиэктэринэн, оробуочай бөһүөлэктэринэн дьаһалта аппараатын, оройуон бөдөҥ тэрилтэлэрин салайааччыларын бөлөҕүн салайан илдьэ сылдьан,  улуус олохтоохторун кытта көрсүбүтэ, санааларын истибитэ. «Бу көрсүһүүлэргэ дьонум-сэргэм Өймөкөөн Тымныы полюһун быһыытынан статустанарын эбэтэр Арктическай зонаҕа киирсэрин салгыы туруорсарга этии киллэрбиттэрэ. Бу боппуруос араас таһымнаах мунньахтарга, бырабыыталыстыба отчуотугар өрүү турар, боротокуолларга ыйыллар. Онон бырабыыталыстыба отчуотун боппуруостарын быһаарыыга үлэлэһэр былааммытыгар бу сытыы боппуруоһу эмиэ киллэрэн, Арктика уонна Хотугу сир норуоттарын дьыалаларын  миниистирин таһымыгар ырыттыбыт«, — диэн санаатын үллэһиннэ баһылык Александр Оконешников.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Маны аах
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Бээтинсэ, 13-һэ»: Туох суолталааҕый?

Бүгүн бээтинсэ, ахсынньы 13 күнэ. Христианнар бу күнү туох да табыллыбат, дьоло суох күнүнэн ааҕаллар.…

9 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Покровскайга икки эр киһи быһаҕынан анньыллан балыыһаҕа киирдилэр

Ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр  8 буруйу оҥоруу бэлиэтэммит. Бу туһунан СӨ Борокуратууратын пресс-сулууспата суруйар. Покровскай…

24 минуты ago
  • Сонуннар
  • Спорт

Ньурба улууһугар Саха сирин норуоттарын  IX Спортивнай оонньууларын көрсө саҥа эбийиэктэр тутуллуохтара

Спортивнай күрэхтэһии түмүктүүр чааһа 2027 сыл от ыйын 7-11 күннэригэр Ньурбаҕа буолуоҕа. Ньурба улууһугар 2027…

39 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыыннаах харыйалар атыыга тахсыахтара

Тыыннаах харыйалар атыыга хаһан тахсыахтарай?  Ахсынньы 14  күнүттэн киин куорат "Якутлесресурс" баазатыгар, Кеша Алексеев аатынан…

1 час ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Култуура
  • Сонуннар

Инники кирбиини сырдатар бэстибээл

Бу күннэргэ Дьокуускайга “Кино на службе Отечеству” норуоттар икки ардыларынааҕы көһө сылдьар бэстибээл ыытылла турар.…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр пуорум кыайыылаахтарын аата билиннэ

Ахсынньы 11-12 күннэригэр Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикумугар “Инники идэҕэ хардыы” эдэр чинчийээччилэр XVIII пуорумнара буолан…

2 часа ago