Уорбут төлөпүөнүн 500 солк. атыылаабыт
Бу күннэргэ суотабай төлөпүөнүн уонна сэрээттиир тэрилин уордарбыт Дьокуускай олохтооҕуттан полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар сайабылыанньа киирбит. Уоруу уопсай суумата 60 тыһ. солк.
Суһал-ирдиир үлэ кэмигэр Томпо оройуонуттан төрүттээх 36 саастаах киһини туппуттар.
Ол курдук, эмсэҕэлээччи Петровскай уулуссаҕа баар ыксамыайкаҕа төлөпүннээх уонна сэрээттиир тэриллээх бакыатын хаалларбыт. Хаалбыт бакыаты уорбаланааччы көрбүт уонна сойботон ылбыт. Уоруутун ломбардка туттара сатаабытын ылбатахтар.
Ол кэмҥэ кыыс төлөпүөнүгэр эрийбитигэр эр киһи эппиэттээбит уонна гаджеты ломбардка туттаран эрэрин туһунан эппит. Өссө ломбард ханна баарын ыйбыт. Кыыс ыйыллыбыт аадырыһынан тиийбитэ, уорбаланааччы номнуо суола сойбут эбит. Эр киһи сыаналаах төлөпүөнү ааһан иһэр киһиэхэ 500 солк. атыылаабыт, сэрээттиир тэрилин бэйэтигэр хаалларбыт.
Билигин эр киһиэхэ РФ Холуобунай кодексын 158 ыст. 2 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: