Дьокуускай куорат олохтооҕо суотабай төлөпүөнүн уорбуттарын туһунан Ис дьыала министиэристибэтин 4 нүөмэрдээх полициятын отделын дьуһуурунай чааһыгар сайабылыанньа суруйда.
Кини кэпсээбитинэн, Жорницкай уулуссаҕа билбэт киһитэ 30 тыһыынча солкуобай суумалаах төлөпүөнүн уорбут. Суһал-ирдиир отдел үлэһиттэрин суһал дьаһалларынан урут сууттана сылдьыбыт 43 саастаах киһи тутулунна.
Төлөпүөнүн уордарбыт киһи дьүөгэтин кытары Жорницкай уулусса устун хааман истэхтэринэ, кинилэргэ уорбаланааччы эр киһи чугаһаан кэлбит. Эр дьон тыл бырахсыбыттар, ол кэмҥэ куһаҕаны оҥорорго соруммут эр киһи күүһүн туһанан, уол хармааныттан смартфону сулбу таһыйан баран сүтэн хаалбыт.
Киниэхэ сыһыаннаан РФ Холуобунай кодексатын 161 ыстатыйатын 2 чаааһынан “Халабыр” дьыалаҕа холуобунай дьыала тэрилиннэ. Маннык дьыалаҕа уорбаланааччы 7 сылга диэри көҥүлэ быһыллыан сөп.
“Якутское” ИДьМ МУ пресс-сулууспата
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…