Салгыы
Уот куйаас сатыылааһына –  баһаары элбэтэр

Уот куйаас сатыылааһына –  баһаары элбэтэр

27.07.2024, 10:30
Хаартыска: Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Бөлөххө киир:

Сир-дойду хата кууран, саһаҕа курдук буолан турдаҕына, биир кыым түһээт, уот субурҕа буолан ойууру биир гына субуллар,  хара тыаны күл-көмөр оҥорор.

Быйыл уот куйааһа сатыылаан уонна кураанах этиҥтэн сылтаан үгүс элбэх ойуур баһаа­ра таҕыста. Онон сибээс­тээн, Саха сиригэр федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэн турар. Биир уоту хаптаттахтарына, иккис уот турар. Бу күннэргэ нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабыт баһаардаах Абый, Үөһээ Бүлүү уонна Дьааҥы улуустарыгар сүрүн болҕомто уурулунна. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 19 муниципальнай улууска 88 ойуур баһаа­ра турбута бэлиэтэннэ. Оттон баһаар сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа 655 ойуур баһаа­ра умуруоруллубута биллэр.  Ол эрээри саамай элбэх баһаар­даах Өлүөхүмэ улууһа эмиэ болҕомто киинигэр тутуллар.

Үөһээ Бүлүү улууһа

Бэҕэһээҥҥи туругунан, Үөһээ Бүлүү улууһугар 7 ойуур баһаара баар. Баһаарга барыта 341 киһи, ол иһигэр Тюмень уобалаһыттан «Авиалесохрана» тэрилтэттэн 50, РФ ЫБММ кылаабынай салалтатыттан 10 киһи кэлэн күүс-көмө буола сылдьар. Бу күннэргэ Үөдүгэй нэһилиэ­гин баһаарын умуруорууга Дьокуускайтан 15 киһилээх устудьуоннар этэрээттэрэ көмөҕө тиийдэ. Ону таһынан олохтоохтортон 116 киһи уоту кытары охсуһар.

Быракаан үрэҕэр 117 киһи, 22 тиэхиньикэ үлэлиир. Баһаары бохсуу үлэтэ, минерализованнай балаһаны оҥоруу, утары уоту ыытыы оҥоһуллар. Оттон Муҥур Үрэххэ 86 киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу баһаар Андреевскай сэлиэнньэтитэн 5,4 км уонна Харыйалаах сэлиэнньэтиттэн 6,1 км сиргэ баар. Бу күннэргэ эбии Судаарыстыбаннай баһаа­рынай сулууспа 10 үлэ­һитэ уонна биир тыраахтар көмөҕө тиийдэ. Иллэрээ күн сири хорутар булууктаах өссө биир тыраах­тар ыытыллыбыта. Ону сэргэ өссө устудьуон­нар этэрээттэрин 14 байыа­һа барара былааннанар. Түҥ өрүскэ турбут баһаар­га 45 киһи уонна 6 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу нэдиэ­лэҕэ эбии «Якутлесресурс» тэрилтэ 3 үлэһититтэн 2,7 км уонна Куду сэлиэнньэтиттэн 5,2 км сиргэ 86 киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлиир. Уот соҕуруулуу-арҕаа өттүттэн минерализованнай балаһанан, арҕаа өттүттэн эмиэ тутуллан  турар. Билигин соҕуруулуу-илин өттүгэр бохсуу үлэтэ барар. Харбалаах сэлиэн­ньэтиттэн 39 км Ньы­ка сиригэр турбут баһаар­га 7 киһи үлэ­лиир. Бу күннэргэ өссө Тонуочаан үрэҕэр, Одуҥда күөлүгэр баһаар турда. Баһаары умуруорууга нэһилиэнньэ күүскэ көмөлөһөр.

Уот куйааһа сатыылаан уонна кураанах этиҥтэн сылтаан үгүс элбэх ойуур баһаара таҕыста. Онон сибээстээн, Саха сиригэр федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэн турар. Биир уоту хаптаттахтарына иккис уот турар.
Дьааҥы улууһа

Бэҕэһээҥҥи туругунан, Дьааҥы улууһугар уустук балаһыанньа Эҥэ нэһилиэ­гин Сайдыы сэлиэнньэтигэр уонна Боруулаах нэһилиэгин Токума сэлиэнньэтигэр үөскээн турар. Баһаар Токума сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ баар, 49 киһи уоту утары охсуһар.  Олохтоохтору кытары ЫБММ 10 киһи уонна «Авиалесохрана»  тэрилтэттэн 7 киһи үлэ­лиир. Баһаар Сайдыы нэһилиэгэр 4-5 км сиргэ чугаһаабытынан, бэҕэһээ 17 киһини онно бырахтылар, ол иһигэр киирсэн экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Дьулустан Хон үлэни сүрүннүү тиийдэ.

Бу эргин сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, олохтоох күүс-­уох баранна, эбии дьон, уоту утары охсуһарга тэрил наада диэн улуус баһылыга бу күннэргэ буолан ааспыт Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын сүбэ-мунньаҕар этэн турар.

Абый улууһа

Бу күннэргэ социальнай ситиминэн Абый улууһун олохтоохторо айманар видео­лара тарҕаммыта. Ол кэннэ тута 20-чэлии киһини таһан, бөртөлүөт үстэ төхтүрүйэн олохтоохтору атын нэһилиэккэ эвакуациялаата. Хата, дохсун ардах түһэн уонна тыал хайыс­хата уларыйан уот намыраата. Билигин балаһыанньа биллэ тубуста, ЫБММ, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ кэлэннэр абыраатылар диэн олохтоохтор махталлара муҥура суох.

Бэҕэһээҥҥи туругунан, Абый улууһугар ойуур баһаарын умуруорууга 133 киһи үлэлиир. Билиҥҥитэ улуус киинин – Үрүҥ Хайа бөһүөлэгиттэн 1,5 км сиргэ турбут ойуур баһаарын утары үлэ барар.

«Баһаары утары үлэ тохтоло суох барар. Үрүҥ Хайаттан 1,5 км сиргэ турбут баһаары утары уот ыытылынна. Итиэннэ ардах түһэн уоппут син хаптайда», – диэн  быыһыыр сулууспа бөлөҕүн ыстаарсайа Аркадий Макитов кэпсиир.

Күрдьэх тутуурдаах кэрэ аҥар
Абыйдааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ Людмила Алексеева

Абый улууһугар 77 киһи баһаары утары охсуһа сылдьар, олортон биирдэстэринэн Абыйдааҕы ойуур хаһаайыс­тыбатын үлэһитэ Людмила Алексеева буолар. Кини урут айылҕа харыстабылын салаатыгар үлэлээбитэ, ойуур хаһаа­йыстыбатыгар соторутааҕыта кэлбитэ. Улууска баһаардар турбуттарыгар хонтуораҕа олорорум сатаммат курдуга диэн эр дьону кытары баһаары бохсууга үлэлэһэр санааны ылыммыт.

«Кырдьык, дьахтар киһиэхэ тайҕаҕа күрдьэх тутан эр киһини кытары тэҥҥэ түһүнэрэ ыарахан. Ол эрээри мин олоҕум үгүс аҥаарыгар экология эйгэтигэр үлэлээбит буоламмын, айылҕаны кытары сибээс­тээхпин. Онон баһаар турбутугар хонтуораҕа олорбокко, инники күөҥҥэ сылдьыахтаахпын диэн бигэ санааны ылыммытым. Уолум Дьулустаан Бережнев – СӨ Быыһыыр сулууспатын үлэһитэ, Үрүҥ Хайа аттынааҕы баһаары умуруорууга көмөлөһө сылдьар. Айылҕабытын харыстыырбыт, көмүскүүрбүт – барыбыт ытык иэспит», – диэн этэр Людмила Алексеева.

СЫЫППАРАЛАР
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа
19
муниципальнай улууска
88
ойуур баһаара турбута бэлиэтэннэ. Оттон баһаар
сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа
655
ойуур баһаара
умуруоруллубута биллэр.

Лабыкта – саһаҕа буолар

Биир уустук балаһыанньалаах улууһунан Өлүөхүмэ буолар. Манна 19 ойуур баһаара баар, ол иһигэр биэһэ дьон олорор сириттэн чугас турбута бэлиэтэнэр.

Иккис ыйын сөҥүү түспэккэ, +30 кыраадыстаах куйаас турар уонна лабыкта өлгөмнүк үүнэр тыата буолан баһаары умуруоруу уустуктардаах диэн «Авиалесохрана» тэрилтэ десантнай-баһаарынай бөлөҕүн инструктора Виталий Ледаков санаатын үллэстэр.

«Өлүөхүмэ улууһугар, ордук  баһаардар баар сирдэригэр иккис ыйын сөҥүү түһэ илик. Умайар куйаас күн турар. Күн-дьыл туругун кэтээн көрөр сулууспа инникитин сөҥүү баар диэбэт. Бээтинсэҕэ өссө +35 кыраадыска тиийиэ дииллэр. Бу тыаҕа хаппыт от-мас элбэҕэ уонна лабыкта өлгөмнүк үүнэр буолан, баһаар иэнэ тэнийэригэр көмөлөстө. Күөллэр, маардар уоланнар, ууну 3-5 км сиргэ үрдүк мырааннарынан даба­йар түгэннэр да бааллар», – диэн кэпсээтэ Виталий Ледаков.

ХААРТЫСКАЛАР СӨ БЫЫҺЫЫР СУЛУУСПАТЫТТАН УОННА «АВИАЛЕСООХРАНА» ТЭРИЛТЭ АРХЫЫБЫТТАН ТУҺАНЫЛЫННЫЛАР.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
27 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -44°Влажность: 67% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: