Сир-дойду хата кууран, саһаҕа курдук буолан турдаҕына, биир кыым түһээт, уот субурҕа буолан ойууру биир гына субуллар, хара тыаны күл-көмөр оҥорор.
Быйыл уот куйааһа сатыылаан уонна кураанах этиҥтэн сылтаан үгүс элбэх ойуур баһаара таҕыста. Онон сибээстээн, Саха сиригэр федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэн турар. Биир уоту хаптаттахтарына, иккис уот турар. Бу күннэргэ нэһилиэнньэлээх пууннарга чугаһаабыт баһаардаах Абый, Үөһээ Бүлүү уонна Дьааҥы улуустарыгар сүрүн болҕомто уурулунна. Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 19 муниципальнай улууска 88 ойуур баһаара турбута бэлиэтэннэ. Оттон баһаар сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа 655 ойуур баһаара умуруоруллубута биллэр. Ол эрээри саамай элбэх баһаардаах Өлүөхүмэ улууһа эмиэ болҕомто киинигэр тутуллар.
Бэҕэһээҥҥи туругунан, Үөһээ Бүлүү улууһугар 7 ойуур баһаара баар. Баһаарга барыта 341 киһи, ол иһигэр Тюмень уобалаһыттан «Авиалесохрана» тэрилтэттэн 50, РФ ЫБММ кылаабынай салалтатыттан 10 киһи кэлэн күүс-көмө буола сылдьар. Бу күннэргэ Үөдүгэй нэһилиэгин баһаарын умуруорууга Дьокуускайтан 15 киһилээх устудьуоннар этэрээттэрэ көмөҕө тиийдэ. Ону таһынан олохтоохтортон 116 киһи уоту кытары охсуһар.
Быракаан үрэҕэр 117 киһи, 22 тиэхиньикэ үлэлиир. Баһаары бохсуу үлэтэ, минерализованнай балаһаны оҥоруу, утары уоту ыытыы оҥоһуллар. Оттон Муҥур Үрэххэ 86 киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу баһаар Андреевскай сэлиэнньэтитэн 5,4 км уонна Харыйалаах сэлиэнньэтиттэн 6,1 км сиргэ баар. Бу күннэргэ эбии Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа 10 үлэһитэ уонна биир тыраахтар көмөҕө тиийдэ. Иллэрээ күн сири хорутар булууктаах өссө биир тыраахтар ыытыллыбыта. Ону сэргэ өссө устудьуоннар этэрээттэрин 14 байыаһа барара былааннанар. Түҥ өрүскэ турбут баһаарга 45 киһи уонна 6 тиэхиньикэ үлэлиир. Бу нэдиэлэҕэ эбии «Якутлесресурс» тэрилтэ 3 үлэһититтэн 2,7 км уонна Куду сэлиэнньэтиттэн 5,2 км сиргэ 86 киһи уонна 10 тиэхиньикэ үлэлиир. Уот соҕуруулуу-арҕаа өттүттэн минерализованнай балаһанан, арҕаа өттүттэн эмиэ тутуллан турар. Билигин соҕуруулуу-илин өттүгэр бохсуу үлэтэ барар. Харбалаах сэлиэнньэтиттэн 39 км Ньыка сиригэр турбут баһаарга 7 киһи үлэлиир. Бу күннэргэ өссө Тонуочаан үрэҕэр, Одуҥда күөлүгэр баһаар турда. Баһаары умуруорууга нэһилиэнньэ күүскэ көмөлөһөр.
Уот куйааһа сатыылаан уонна кураанах этиҥтэн сылтаан үгүс элбэх ойуур баһаара таҕыста. Онон сибээстээн, Саха сиригэр федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллэн турар. Биир уоту хаптаттахтарына иккис уот турар.
Бэҕэһээҥҥи туругунан, Дьааҥы улууһугар уустук балаһыанньа Эҥэ нэһилиэгин Сайдыы сэлиэнньэтигэр уонна Боруулаах нэһилиэгин Токума сэлиэнньэтигэр үөскээн турар. Баһаар Токума сэлиэнньэтиттэн 10 км сиргэ баар, 49 киһи уоту утары охсуһар. Олохтоохтору кытары ЫБММ 10 киһи уонна «Авиалесохрана» тэрилтэттэн 7 киһи үлэлиир. Баһаар Сайдыы нэһилиэгэр 4-5 км сиргэ чугаһаабытынан, бэҕэһээ 17 киһини онно бырахтылар, ол иһигэр киирсэн экология, айылҕаны туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Дьулустан Хон үлэни сүрүннүү тиийдэ.
Бу эргин сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, олохтоох күүс-уох баранна, эбии дьон, уоту утары охсуһарга тэрил наада диэн улуус баһылыга бу күннэргэ буолан ааспыт Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын сүбэ-мунньаҕар этэн турар.
Бу күннэргэ социальнай ситиминэн Абый улууһун олохтоохторо айманар видеолара тарҕаммыта. Ол кэннэ тута 20-чэлии киһини таһан, бөртөлүөт үстэ төхтүрүйэн олохтоохтору атын нэһилиэккэ эвакуациялаата. Хата, дохсун ардах түһэн уонна тыал хайысхата уларыйан уот намыраата. Билигин балаһыанньа биллэ тубуста, ЫБММ, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ кэлэннэр абыраатылар диэн олохтоохтор махталлара муҥура суох.
Бэҕэһээҥҥи туругунан, Абый улууһугар ойуур баһаарын умуруорууга 133 киһи үлэлиир. Билиҥҥитэ улуус киинин – Үрүҥ Хайа бөһүөлэгиттэн 1,5 км сиргэ турбут ойуур баһаарын утары үлэ барар.
«Баһаары утары үлэ тохтоло суох барар. Үрүҥ Хайаттан 1,5 км сиргэ турбут баһаары утары уот ыытылынна. Итиэннэ ардах түһэн уоппут син хаптайда», – диэн быыһыыр сулууспа бөлөҕүн ыстаарсайа Аркадий Макитов кэпсиир.
Абый улууһугар 77 киһи баһаары утары охсуһа сылдьар, олортон биирдэстэринэн Абыйдааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһитэ Людмила Алексеева буолар. Кини урут айылҕа харыстабылын салаатыгар үлэлээбитэ, ойуур хаһаайыстыбатыгар соторутааҕыта кэлбитэ. Улууска баһаардар турбуттарыгар хонтуораҕа олорорум сатаммат курдуга диэн эр дьону кытары баһаары бохсууга үлэлэһэр санааны ылыммыт.
«Кырдьык, дьахтар киһиэхэ тайҕаҕа күрдьэх тутан эр киһини кытары тэҥҥэ түһүнэрэ ыарахан. Ол эрээри мин олоҕум үгүс аҥаарыгар экология эйгэтигэр үлэлээбит буоламмын, айылҕаны кытары сибээстээхпин. Онон баһаар турбутугар хонтуораҕа олорбокко, инники күөҥҥэ сылдьыахтаахпын диэн бигэ санааны ылыммытым. Уолум Дьулустаан Бережнев – СӨ Быыһыыр сулууспатын үлэһитэ, Үрүҥ Хайа аттынааҕы баһаары умуруорууга көмөлөһө сылдьар. Айылҕабытын харыстыырбыт, көмүскүүрбүт – барыбыт ытык иэспит», – диэн этэр Людмила Алексеева.
СЫЫППАРАЛАР
Бүгүҥҥү туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа
19
муниципальнай улууска
88
ойуур баһаара турбута бэлиэтэннэ. Оттон баһаар
сезона саҕаланыаҕыттан уопсайа
655
ойуур баһаара
умуруоруллубута биллэр.
Биир уустук балаһыанньалаах улууһунан Өлүөхүмэ буолар. Манна 19 ойуур баһаара баар, ол иһигэр биэһэ дьон олорор сириттэн чугас турбута бэлиэтэнэр.
Иккис ыйын сөҥүү түспэккэ, +30 кыраадыстаах куйаас турар уонна лабыкта өлгөмнүк үүнэр тыата буолан баһаары умуруоруу уустуктардаах диэн «Авиалесохрана» тэрилтэ десантнай-баһаарынай бөлөҕүн инструктора Виталий Ледаков санаатын үллэстэр.
«Өлүөхүмэ улууһугар, ордук баһаардар баар сирдэригэр иккис ыйын сөҥүү түһэ илик. Умайар куйаас күн турар. Күн-дьыл туругун кэтээн көрөр сулууспа инникитин сөҥүү баар диэбэт. Бээтинсэҕэ өссө +35 кыраадыска тиийиэ дииллэр. Бу тыаҕа хаппыт от-мас элбэҕэ уонна лабыкта өлгөмнүк үүнэр буолан, баһаар иэнэ тэнийэригэр көмөлөстө. Күөллэр, маардар уоланнар, ууну 3-5 км сиргэ үрдүк мырааннарынан дабайар түгэннэр да бааллар», – диэн кэпсээтэ Виталий Ледаков.
ХААРТЫСКАЛАР СӨ БЫЫҺЫЫР СУЛУУСПАТЫТТАН УОННА «АВИАЛЕСООХРАНА» ТЭРИЛТЭ АРХЫЫБЫТТАН ТУҺАНЫЛЫННЫЛАР.
Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…
Үрдүк үөрэхтэргэ уонна кэллиэстэргэ Биир кэлим эксээмэни туттарбакка үөрэххэ киирии туһунан сокуон барылын дьокутааттар бөлөхтөрө…
Амма улууһун Михайловка сэлиэнньэтигэр Норуот айымньытын дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай…
Ленскэй оройуонунааҕы ИДьМ дьуһуурунай чааһыгар маркетплейс бэрэстэбиитэлиттэн сайабылыанньа киирбит. Инвентаризация кэмигэр табаары биэрэр пуунтан 300…
Оҕуруоту, сибэккини олордууга сүбэлэр Сүрүннээн тохсунньуттан үүнээйини олордуу саҕаланар. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар…
Дьокуускайдааҕы ИДьМ салаатыгар дьахтар балыыһаҕа сылдьан тас таҥаһын уордарбытын туһунан иһитиннэрбит. Бу туһунан СӨ ИДьМ…