Салгыы
Уот төлөбүрүн хайдах кыччатабыт?

Уот төлөбүрүн хайдах кыччатабыт?

25.10.2024, 13:48
Хаартыска: Мария Васильева, СИА.
Бөлөххө киир:

Уот, ититии, уу счетчиктара  энергоресурсаны кэмчилээһиҥҥэ улахан  оруоллаахтар.  Онон, ыал ыйы быһа төһө кээмэйдээх уунан, уотунан туһаммытынан быһаччы төлүүр. Счетичктары таһынан, холобур, электроприбордары  сөптөөхтүк туһанан, уот төлөбүрүн  эмиэ  чэпчэтиэххэ сөп. 

Дьэ, ол хайдаҕый? Холобур, тиэхиньикэни, ол иһигэр  микроволновканы, тэлэбиисэри, көмпүүтэри, сканеры, принтеры, модемы холбоон хаалларыллыбыт. Хобонон турдаҕына, «уоту «сии» турар. Араара сырыттахха, ортотунан сылга 200 кВт кэмчилиэххэ сөп.

Иккиһинэн,  саамай элбэх элэктэриичэстибэ уотун  холодильник ылар. Өскөтүн холодильниккыт No Frost систиэмэтэ суох буоллаҕына, кэмиттэн-кэмигэр арааран ириэрэр ирдэнэр. Холодильник төһө кыалларынан ититэр прибордартан тэйиччи туруохтаах, кэннинээҕи эркинигэр салгын оонньуура (естественная вентиляция) хааччыйыллыахтаах.

Үсүһүнэн, таҥас сууйар массыынаны наһаа ноҕуруускалаабакка  уонна орто сылаас ууга сууйа сатааҥ. 60° кыраадыс сылаас уутааҕар, 90° кыраадыстаах ууга 35%-нан аҕыйах эниэргийэ барар.

Төрдүһүнэн, кондиционергыт вентиляторын уонна фильтрин кэмиттэн-кэмигэр ыраастыыр ордук.

Бэсиһинэн, таймердаах электрическай розеткалары туһанар үчүгэй.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
26 ноября
  • -21°C
  • Ощущается: -21°Влажность: 71% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: