Уоту умуруорууга сылдьар дьон үс гыммыт биирдэрэ Өлүөхүмэ улууһугар үлэлииллэр
Өлүөхүмэ улууһугар син биир уустук баһаарынай быһыы-майгы бэлиэтэнэр. 200 тыһ. тахса га сиргэ 32 ойуур баһаара күүдэпчилэнэр. Уоту умуруорууга 530 киһи үлэлиир, ити Саха сиригэр уоттуун охсуһар дьон үс гыммыт биирдэрэ.
Чуолаан, Өлүөхүмэ улууһугар бүгүн атын эрэгийиэннэртэн уонна федеральнай “Авиалесоохранаттан” 179 парашютист уонна десантник, 110 ойуур баһаарынайа, 52 ЫБМ Кылаабынай управлениетын уонна Судаарыстыбаннай уоттуун охсуһар сулууспатын үлэһиттэрэ, сири түүлэспит 5 киһи үлэлииллэр.
“Өлүөхүмэ олохтоохторо иэдээни кытта соҕотохтуу туран хаалбатылар. Ити дьонтон 60-тан тахса эрэ киһитэ олохтоох дьон буолаллар, кинилэр оройуон уоту умуруорууга түһэрбит былаанынан үлэлииллэр. Оннук элбэх буолбатах. Үөһээ Бүлүү 6 баһаарын утары 200-тэн тахса киһи охсуһар”, — диэн бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ бастакы вице-премьерэ Дмитрий Садовников.
Эрдэ Тээнэ сэлиэнньэтин таһынааҕы уоту умуруорууга Дьокуускайтан Быыһааччы сулууспатын 10 үлэһитэ ыытыллыбыта. Ол эрээри, буруота бэрдиттэн кыайан тиэрдибэккэ төттөрү аҕалбыттара. Билигин Тээнэҕэ “Авиалесоохрана” ГБУ 2 үлэһитэ олохтоохтору кытта тэҥҥэ үлэлии сылдьаллар. 10 быыһааччыга, буруо арыый дьайҕарда да Судаарыстыбаннай уоттуун охсуһар сулууспа 5 киһитин эбиэхтэрэ.
“Эрдэ бөртөлүөт “Авиалесоохрана” ГБУ 2 үлэһитин Чаара өрүс төрдүгэр хаалларбыта, ол онтон сэлиэнньэҕэ диэри кинилэр мотуордаах оҥочонон кэлбиттэрэ. Билигин уу түһэн, ити кыаллыбат”, — диэн быһаарда Дмитрий Садовников.
Кини этэринэн, баһаарынайга наадыйыы ханна да сытыытык турдар, Өлүөхүмэ улууһугар күүс эбиллэ турар. Бэҕэһээ улуус киинигэр «Якутлесресурс» ГАУ үлэһиттэрэ кэлбиттэр, бу иннинэ Таатта улууһун уотун умуруорбут ФБУ “Авиалесоохрана” 10-тан тахса парашютиһа уонна десантнига сиринэн айаннаан иһэллэр. Уу кутар сөмөлүөт көтөргө бэлэм турар.
Билигин барыта буруоттан тутулуктаах, диэтэ Дмитрий Садовников. Бүгүн үгүс нэһилиэктэргэ ардыы турар, ону зондировщигынан эбии күүһүрдэн биэриэхтээхтэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: